Скачать книгу

аатын хомуйабын. Антропонимика. Ким да хомуйбат, дьарыктаммат. Элбэх кистэлэҥи тута сытыарар бөҕө буоллаҕа дии. Бэйэм да тэтимнээхтик хомуйабын, дьон да биллэ көмөлөһөр. Онон хайыы үйэ 50-ча тыһыынча карточкалаах картотекаланным.

      Барыта 800-тэн тахса киһини кытта кэпсэттим уонна дьон, сорохтор, бэйэлэрин баҕаларынан суруйаллар. Ордук бу кэлиҥҥи кэмҥэ. Ол информатордарым ааттарын сааһылаан олоробун. Онон ким тугу, хаһан кэпсээбитин, суруйуубун чопчу булан ылабын.

      Аны бары топонимнары, антропонимнары сыһыарыыларынан наардаан олоробун. Ол туһунан картотека… Холобур, -ҥда сыһыарыылаах топонимнар ханна-ханна баалларый. Эбэтэр биһиги тылбыт, ол курдук тоҥус-манчжур, монгол эҥин тыллара сыһыарыылары хос-хос ылынар айылҕалаахтар (агглютинативнайдар). Ону эмиэ хайаан да бэлиэтиэххэ наада. Холобур, -ҕа, -тта сыһыарыылаах тылларынан бэлиэтэниэхтээх: Абаҕатта, Амаҕатта, Бойбоҕотто, Былаҕатта, Кыттаҕатта, Лаптаҕатта, Майаҕатта, Мандаҕатта, Молоҕотто, Намаҕатта, Ньылаҕатта, Сомоҕотто, Тыраҕатта, Хайаҕатта, Хайаҥатта, Хамаҕатта, Хардьаҕаатта, Хараҕатта, Хомоҕотто, Чахдаҕатта…

      Топонимикаҕа, антропонимикаҕа барыта 10-тан тахса кинигэни бэчээттэттим. Ол иһигэр икки – нууччалыы.

      Бэйэм уонна үөрэнээччилэрим, сир аатын хомуйа сылдьан, суруйбут үһүйээннэрбитин, номохторбутун түмэн, кинигэ оҥорон, 2004 с. бэчээттэппитим. Билигин итинник иккис кинигэни оҥорор кэпсэтиилээхпин.

      Бүлүүгэ үлэлээн олорон, Бүлүү киһитэ Алексей Миронов Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ хорсуннук сэриилэспитин уонна ол олохтоохторго уос номоҕо буолбутун билбитим. Венгрияҕа көмүллэ сытар үһү диэни ааҕан баран, ол дэриэбинэ оскуолатын дириэктэригэр сурук суруйбутум. Эппиэт сурук кэлбитэ. Кырдьык эбит. Онон училищем преподавателэ, хаартыскаҕа устар, киинэҕэ да түһэрэр М.М. Михайловы кытта сайын Венгриялаабыппыт. Чахчы үчүгэй, өрө көтөҕүллүүлээх сонуннаах кэлбиппит. Кинигэ суруйдаҕым ол, «Хоту дойду хонноҕуттан». Аны А. Миронов Сэбиэскэй Сойуус Геройа буолта. Онон, кинигэ кыһата көрдөһүүтүнэн, кинигэ эбиллэн, иккиһин тахсыбыта.

      Сэбиэскэй былаас уонунан мөлүйүөн киһини кыргыбыта. Ол иһигэр саха бастыҥын. Норуоту баһа-көһө суох хаалларбыта. Ол туһунан уонунан ыстатыйаны суруйбутум. Өссө түмэн, «Сомоҕолоһуу туһунан» диэн кинигэни бэчээттэппитим. Ону таһынан үс кинигэни: «Олох долгуна», «Нөрүөн нөргүй буолуохтун!», «Ааспат-арахпат сырҕан баас».

      Ити суруйууларым КГБ архыыбын матырыйаалларыгар олоҕуран суруллубуттара. КГБ докумуоннара тылбаастамматахтара, онон ким да мөккүһэр кыаҕа суох. Мөккүспэтэхтэрэ, Багдарыын сымыйалаабыт диэбэтэхтэрэ. Көннөрү үрдүттэн үөхсүү баар этэ…

      «Нөрүөн нөргүй буолуохтун!» кинигэбэр норуот өстөөҕө, дьоппуон үспүйүөнэ диэн 1938 с. ытыллыбыт убайым, аҕам бииргэ төрөөбүт инитэ Муран Уланскай туһунан суруйбутум уонна төрүччүбүн киллэрбитим.

      Киһи, үлэһит гыммыт сирбинэн Бүлүү педучилищета буолар. Онон кини үлэтин-хамнаһын, историятын туһунан «Вилюйское педучилище имени Н.Г. Чернышевского» диэн брошюраҕа бэчээттэппитим

Скачать книгу