ТОП просматриваемых книг сайта:
Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ. Л. В. Иванова
Читать онлайн.Название Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6863-0
Автор произведения Л. В. Иванова
Издательство Айар
«Аммосовтаах, Ойуунускайдаах партияҕа бэрт эдэрдэригэр киирбиттэрэ уонна революционнай охсуһууга, уларыта тутууга актыыбынайдык кыттыбыттара. Тоҕо?
Итини ситэри өйдүүр наадатыгар, хал буолбут пропагандистскай дойҕохтору туора ууран баран, П.А. Ойуунускай бэйэтин суруйууларын, кини ахтыыларын, айымньыларын сэттис томуттан ылан, болҕомтолоохтук ааҕыахха наада. Ойуунускайдаах революцияҕа актыыбынайдык кыттыылара диэн, туох-ханнык иннинэ, кинилэр революцияны национальнай босхолонуулаах хамсааһын курдук көрбүттэриттэн эбит. Кинилэр улуу патриоттар этилэр».
Саамай сөптөөх сыанабыл. Салгыы ааҕыаҕыҥ:
«Дьэ онтон хаан утахтаах, ииригириилээх, 1928 сыл адаҕыйан тиийэн кэлбитэ. Республика салалтата омугумсуйууга буруйданар, үүрүллэр-түрүллэр. М.К. Аммосовы Саха сиригэр уон сыл устата кэлиэ суохтаах диэн киин былаас уурар.
Аммосовтаах, Ойуунускайдаах харахтара ити кэнниттэн букатыннаахтык арыллыбыта. Онон, сити кэмҥэ, 1929 сыллаахха, Платон Ойуунускай биир улуу айымньытын «Улуу Кудаҥсаны» суруйбута».
Итинник этэн туран, ыстатыйа автора П.А. Ойуунускай «Александр Македонскай», «Улуу Кудаҥса», «Бассабыык» диэн 1927 сыл кэнниттэн суруллубут айымньыларын ырытан, бэйэтин көрүүлэрин ылыннарыылаахтык дакаастыыр.
Бу көрүүлэрин Багдарыын Сүлбэ «Уһуктабыт дуу, уһуктубаппыт дуу» диэн ыстатыйатыгар салгыы бигэргэтэр:
«Күндү ааҕааччы! Сорохтор П.А. Ойуунускайы, эдэр оҕо сылдьан, революционнай хамсааһыҥҥа актыыбынайдык кыттыбытын уонна революционнай тыыннаах айымньылары суруйбутун эрэ ахтааччылар уонна куоһур туттааччылар. Ол – судургутутуу. Улуу киһибит олорбут олоҕун, айбыт айымньыларын 1927 сыл иннинээҕи уонна 1927 сыл кэнниттэн диэн арааран, ырытан өйдүүрбүт сиэрдээх буолуохтаах. Оннук да буолан, суруйааччы Бассабыык Баһылайа, табах тарда-тарда хаама сылдьан, маннык диир: «Оҕо киһи билбэтин-көрбөтүн олох бэйэтэ биллэрэн-көрдөрөн иһэр. Бу аата буоллаҕа дии – олоҕу билбэккэ эрэ батыһан иһии диэн! Төһө да үлэлээбит, төһө да сүрүннэспит курдук иһин, хараҕа суох киһи суолу батыһан иһэрин курдук испит эбиппит».
«Ама, өйдөммөт дуо, доҕоттор. Ити – буруйу билинии, ити – кэмсинии», – диэн халбаҥнаппат бүтэһиктээх түмүктээһинин оҥорор.
Багдарыын Сүлбэ репрессия тематыгар аналлаах айымньылара барыта докумуоҥҥа олоҕуран суруллубут буоланнар – кырдьыктаахтар, түмүктээһиннэрэ итэҕэтиилээхтэр, хорсуннар. Ол иһин коммунистическай идеологияҕа бэриммит, саҥа олоҕу көһүүннүк ылынар, уһукта илик кырдьаҕастар киниэхэ сыһыаннара ураты, сороҕор икки өрүттээх. Ону «Уһуктабыт дуу, уһуктубаппыт дуу» диэн ыстатыйатыгар дьэҥкэтик көрөбүт. Бу урукку олох уонна аныгы олох мөккүөрдэрин чаҕылхай холобурун хайаан да, ирдэһэн даҕаны туран, ааҕаргытыгар сүбэлиибин. Үгүһү өйдүөххүт. Холобур, быһыытынан биир лоскуйу ылан