Скачать книгу

Ол гынан баран сүүрбэһис үйэҕэ киирэн баран аан дойдуну эргитэ тутан көрдөхпүтүнэ олох уруккуларынан хаалбыт омук диэн биир да суох ээ. Аан дойду бүтүннүү сайынна. Уонна биһиги курдук улахан сиэртибэтэ, хаана, харах уута суох холкутук, налыччы тахсан бардылар. Биһиги сиэртибэбит ынырыктаах. Норуоппут чулуу дьоннорун сотору-сотору кырган, өлөрөн-өһөрөн. Ити кыргыы норуот олоҕор, өйүгэр-санаатыгар алдьархайдаах хоромньуну оҥордо. Хаан (ген) сарбылынна, үчүгэйтэн үчүгэйдэр төрөөн иһиэхтэрэ этэ буоллаҕа. Хобуоччу, куттас буоллубут. Норуот доруобуйата сатарый- да. Күүс өттүнэн холбоһуктааһын түмүгэр ыал биир эрэ ынахтаах хаалар. Эт-үүт аһылыктаах норуот эмискэ төрүт аһылыгыттан мэлийэн куртах, сөтөл ыарыы буолар. Онон революция иннинээҕи ахсаанын саха норуота 1959 сылга эрэ кэлэн сиппитэ. Алта уонча сыл буолан баран, Америка индеецтэрэ, революция иннинэ биһиги саҕа ахсааннаах норуот 1,5 мөлүйүөн буоллулар. Өскүөрүтүн киһилии, эксперимиэн ыыппакка, норуоту субу-субу кыргыбакка олорбуппут буоллар, биһиги даҕаны 1,5 мөлүйүөҥҥэ тиийбит буолуохпут этэ.

      – Эн этэриҥ курдук революцията, эксперимиэнэ суох олох бэйэтин хаамыытынан сайдан кэлбиппит буоллар, эн көрөргүнэн биһиги билигин хайдах таһымнаах олохтоох буолуохпут этэй?

      – Промышленнай өттүнэн төһө-ханнык сайдыыга тиийбит буолуохпутун билигин этэр кытаанах. Ол эрээри мин биири бэлиэтиэхпин баҕарабын. Саханы өссө ХIХ үйэ бастакы аҥаарыгар чинчийбит Миддендорф диэн улахан учуонай сахалары «Сибиир еврейдэрэ» диэн ааттаабыт. Бу сүрдээх киитэрэй, эргитиилээх өйдөөх, эргиэҥҥэ сүрдээх дьоҕурдаах омук диэн. Үйэ саҕаланыытыгар ити бигэргэтиини ылан барбыта. Саха атыыһыттара улам кыаҕыран, далааһыннанан барбыттара. Холобур, Хачыкаат баайа Барашковы ылан көр. Хайыы үйэ электростанцияны үлэлэтэн сайдыыны киллэрэн испитэ. Манньыаттаах уола. Дьокуускайга оскуола туттарбыт Өймөкөөн баайа Кривошапкин. Аҥаардас ити чахчылар биһиги муҥ саатар атын омуктан хаалыахпыт суоҕа этэ диэн итэҕэли үөскэтэллэр.

      – Оччотугар Михаил Спиридонович, итинник бэйэтэ налыччы сайдыахтаах олоҕу үрэйсибит, бу хааннаах тутулу олохтуурга күүстэрин-уохтарын биэрбит П.А. Ойуунускай, М.К. Аммосов уо.д.а. тустарынан тугу саныыгын?

      – Ити дьону мин аан бастаан норуоттарын тустарыгар туохтарын да кэрэйбэтэх дьиҥнээх патриот дьон курдук көрөбүн. Ойуунускай ааспыт күннэр-дьыллар тустарынан ахтыытыгар ыраахтааҕы үс үйэ тухары баттаан олорбутуттан босхолонор буоллубут диэн, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин уруйдаан-айхаллаан, туохтан да өрө көтөҕүллэн көрсүбүппүт диэн суруйар. Кинилэр революцияны национальнай босхолонуулаах хамсааһын курдук көрсүбүттэр. Хайаан да көҥүлбүтүн тутуохпут, туһунан государство буолуохпут диэн. Ол иһин революция кыайаатын кытта автономияны туруорсаллар. Онтон били автономия, көҥүл сымыйа буолбутун өйдөөннөр, албыннаппыт эбиппит диэн санааҕа кэлэллэр. Дьэ ол иһин Ойуунускай бөрүөтүн анныттан «Улуу Кудаҥса», «Александр Македонскай» курдук айымньылар тахсаллар. Онно

Скачать книгу