Скачать книгу

кэнники уонча сыл иһигэр киһи өйдөөн-төйдөөн дьүүллээбэтинэн түргэнник ааһар кэмигэр олоробут. Олох соторутааҥҥа диэри этэ дии, уларыта тутуу сылларын чэбдик салгынынан сайа тыыммыт кэммит. Оччолорго интеллигенцияларбыт бас-көс дьоно иллээх да этилэр. КГБ пресс-киинин тойоно Мунтян лекциятыттан саҕалаан, 1986 с. түбэлтэ уонна кини дуораанын утары туруулаһыыга Саха народнай суруйааччыта Софрон Данилов баһылыктаах интэлигиэнсийэ чулуу дьоно биир түмсүүлээх күүстээх харданы оҥорон, урукку былаас тиһэх төгүлүн биһиги норуоппутугар национализмы соҥнообут балыырдаах политикатын киэр илгибиттэрэ. Оччотооҕу тыҥааһыннаах кэми Далан «Дьылҕам миэнэ» романыгар маннык суруйбута:

      «Ити барыта норуот, бар дьон истибэтинэн кини кэтэҕинэн барбыта, нэһилиэнньэ билбэккэ хаалбыта. Ол иһин билигин туох барыта ол мүччүргэннээх сахтарга бэйэтин чиэһин, достоинствотын, интеллектуальнай потенциалын көмүскээбит чулуу уолаттарын ааттарын билиэх уонна кинилэргэ махтаныах тустаах: тус бэйэлэрин олохторун толук уурартан куттаммакка туран турууласпыт дьоннорунан Саха народнай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов, талааннаах учуонайдар Егор Егорович Алексеев, Василий Николаевич Иванов, Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ буолаллар».

      Багдарыын Сүлбэ, быйыл төһө да 75 сааһын туоллар, өйүн-санаатын муудараһын өрөгөйүгэр сылдьар. Үлэлиирэ, суруйара баһаам. «Киин куорат» хаһыакка нүөмэри көтүппэккэ ыстатыйалара тахса тураллар. «Эн суруйууларыҥ хаһыаппытын киэргэтэллэр», – диэн этэллэр.

      Сэдэх да буоллар, бэйэлэригэр маннык дириҥ ирдэбиллээх, ураты дьиссипилиинэлээх, сүрэхтээх, дьүккүөр үлэһит дьонноох буоламмыт, норуот быһыытынан эстэн-быстан хаалбакка, баччаҕа тиийэн кэллэхпит. Кинилэр уопуттарын, дьоҕурдарын, кыахтарын общество, государство олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар ситэри туһаныаҕыҥ!

      Эдэр көлүөнэ дьоно кинилэр холобурдарын батыһалларыгар, үөрэнэллэригэр эрэл толору баар.

Чолбон. – 2003. – №10.

      Борис Павлов,

      суруналыыс

      Багдарыын Сүлбэ атыннык саныыр

      Бу киһи миигин интэриэһиргэппитэ быданнаата. Бастатан туран, булгуруйбат, тостубат итэҕэлинэн. Биһиги бары саараҥныыр, саарбахтыыр, кэтэнэр-сэрбэнэр кэммитигэр кини бэйэтин сүнньүн булунан, ааспыт олоҕу аһаҕастык, көнөтүк саралаабытынан барбыта.

      Иккиһинэн, сүҥкэннээхэй энергиятынан. Ханнык да хаһыаты арый, (оройуоннар киэннэрин эмиэ), телевизоры холбоо, радионы ас – Багдарыын Сүлбэ… Багдарыын Сүлбэ оннук диэбит, маннык диэбит. Ити киһини кытта тутуспут, ол дойдуга баран кэлбит.

      Үсүһүнэн, кинигэлэрэ. Кини оҕо саҥатын хомуйан, топонимикаҕа, публицистикаҕа барыта 14 кинигэни бэчээттэттэ. Олортон «Олох долгуннара» диэн бүтэһик очерковай кинигэтэ олус-олус интэриэһинэй.

      Төрдүһүнэн, Багдарыын Сүлбэ биһиги наукабытыгар саамай интэриэһинэй теманан, сир-дойду аатын чинчийиинэн дьарыктанар.

      Ити кэнниттэн уонна псевдонимыттан даҕаны эһиги баҕар Михаил Спиридонович –

Скачать книгу