ТОП просматриваемых книг сайта:
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев
Читать онлайн.Название Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6880-7
Автор произведения Николай Николаев
Издательство Айар
Транспорт уонна айан суолларын туруга
Киин Арассыыйаҕа сайдар капиталистическай сыһыаннаһыылар сабыдыаллара Саха сиригэр баарын да үрдүнэн, манна транспорт уонна суол-иис сайдыыта бытаан этэ. Сайын Өлүөнэ, Бүлүү, Алдан уонна Маайа өрүстэринэн борохуоттар таһаҕаһы уонна пассажирдары таһаллара. Маҥнайгы борохуоттар Өлүөнэнэн – 1856 сылтан, Алданынан уонна Маайанан – 1884 с., Бүлүүнэн – 1895 с. устубуттара. Саамай элбэх сырыы Өлүөнэ эбэҕэ этэ. Манна 1900 сылтан – 27, 1911 сылтан – 32, 1917 сылтан – 38 борохуот устубута. 1917 с. борохуот барыта мастан оҥоһуллубут 83, тимиртэн оҥоһуллубут 30 баарсаны соһон, 21 тыһ. туонна таһаҕаһы анаммыт сирдэригэр тиэрдибиттэрэ. Таһаҕаһы таһааччыларынан чааһынай «Товарищество Н.Н.К. Глотовых», «Байкальское пароходство», «Наследники А.И. Громовой и К», «П.А. Кушнарев» уо.д.а. фирмалар этилэр. Маайа өрүһүн өксөйөн үөһээ Ньылхаҥҥа тиийэллэрэ, онно муоранан кэлэн мунньуллубут чэйи, табаҕы, куруппаны, саахары уо.д.а. табаары тиэнэн, Дьокуускайга кэлэллэрэ. Борохуоттары бас билэр фирмалар хонтуоралара уонна хаһаайыннара Өлүөнэ баһыгар уонна Дьокуускайга бааллара.
Маны таһынан, ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр хааһынаттан үбүлэнэр барыта 5 улахан буоста суола (тракт) баара. Саамай биллибит уонна элбэх сырыылааҕынан Иркутскай – Дьокуускай суола буолара. Бу суол уһуна 2450 км этэ, онтон 1358 км Саха уобалаһыгар баара. Суолга барыта 49 дьаам дьиэтэ (ыстаансыйа) баара. Мантан ураты Дьокуускай – Охотскай (1038 км усталаах, онно барыта 25 дьаам дьиэ баара), Дьокуускай – Аян (Айаан), Дьокуускай – Бүлүү (600 км, 1916 с. – 16 дьаам баара) уонна Дьокуускай – Дьааҥы – Халыма (2376 км, Дьокуускай – Дьааҥы суолугар 22 дьаам, Дьааҥы – Халыма суолугар 1916 с. – 21 дьаам суола баара. Иркутскай-Дьокуускай суолугар хааһынаттан хамнастаах бааһынайдар үлэлииллэрэ. Оттон атын суолу-ииһи көрүүгэ-харайыыга бастайааннай хамнастаах үлэһиттэр суохтара, манна үксүгэр бэдэрээт түһэрсэн, олохтоох нэһилиэнньэ бэрэстэбиитэллэрэ – үксүн сахалар үлэлииллэрэ, оттон Охотскай Перевозтан уонна Ньылхантан Охотскай муораҕа диэри хайалаах сирдэргэ табалаах эбэҥкилэр үлэлииллэрэ. Иркутскай – Дьокуускай суолугар үлэлиир дьаамсыктар-бааһынайдар хамнастарын таһынан бэйэлэрэ хаһаайыстыбалаах, онно эбии булдунан-балыгынан дьарыктанар буолан сэниэтик олорбуттара. Онтон атын суолга бэдэрээт эрэ түһэрсэн, быстах кэмҥэ үлэлиир сахалартан уонна эбэҥкилэртэн сорохторо син сэниэтик олорбуттара да, кинилэртэн элбэх урбаанньыт, биллэр-көстөр атыыһыт кыайан тахсыбатаҕа.
Атыы-эргиэн сайдыыта
1917 с.