ТОП просматриваемых книг сайта:
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев
Читать онлайн.Название Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6880-7
Автор произведения Николай Николаев
Издательство Айар
Мануфактура кэмэ (от лат. manus – рука, facere – делать) – капиталистическай промышленность сайдыытын иккис кэрдиис кэмэ. Арҕаа Европаҕа XVI–ХIX үйэлэргэ сайдыбыта. Мануфактураҕа үлэни барытын илии күүһүнэн оҥороллоро, ол эрээри көрүҥнэринэн (салааларынан) араарыы баара. Манна сырьену (матырыйаалы) эмиэ хаһаайын булара, биэрэрэ, үлэ түмүгүн (табаары) эмиэ хаһаайын (капиталист) бас билэрэ уонна ырыынакка атыылыыра.
Үгүс дойдуга уонна региоҥҥа мануфактура тарҕаммыт көрүҥнэринэн таҥаһы тигии, тирииттэн оҥоһуктары, атах таҥаһын, дьиэ малын-салын оҥоруу, үлэ уо.д.а. көрүҥнэрэ буолаллар. Холобура, таҥаһы тигиигэ (швейное производство) научнай худуоһунньук-дизайнер баар сырьену хайдах туһанары уруһуйдаан, халыыбын оҥорон биэрэрэ, ол кэнниттэн сырьену халыыбынан быһааччылар (закройщики) бэрийэллэрэ, кинилэр кэннилэриттэн иистэнньэҥнэр (швеи) үлэлииллэрэ, онтон бэрэбиэркэлээччилэр, табаары атыыга бэлэмнээччилэр үлэлэрэ кэлэрэ. Тирииттэн таҥаһы тигии үлэтэ эмиэ араас көрүҥүнэн толоруллара. Дизайнер, кырыйааччы, тигээччи, ситэрээччи үлэ биир эрэ көрүҥүн толороллоро, сатабыллара, маастарыстыбалара үрдүүрэ. Ол иһин кэлин үлэ биир, быстах уонна боростуой түһүмэҕин киһи оннугар массыына, механизм, двигатель толорор кыахтаммыта. Мануфактуралары сотору кэминэн баабырыка, собуот солбуйбута.
Мануфактура миэстэтэ маннык: Мануфактура сайдыыта дьиҥнээх капиталистическай сайдыы кэмэ буолбатах, оччолорго массыына, тиэхиньикэ суоҕа, мануфактура сайдыыта капитализмҥа киириигэ тиэрдэр эбэһээтэлинэй кэрдиис кэм (переходнай период). Бу кэнниттэн дьиҥнээх промышленнай капитализм кэмэ кэлэр. Мануфактура үлэһиттэрэ пролетариат араҥата буолбатахтар, кинилэр пролетариат иннинээҕи оробуочайдар этилэр (Ф. Энгельс кинилэри «предшественники современного пролетариата», сэбиэскэй учуонайдар «предпролетариат» диэн ааттаабыттара).
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр промышленнай сайдыы мануфактура таһымыгар тиийбэтэҕэ, бэрт аҕыйах тэрилтэни улаханнык өрө тардан, мануфактура дииллэр быһыылаах – бу олоҕо суох бигэргэтии.
Машиннай производство (машинное производство) кэмэ – мануфактура кэнниттэн кэлэр промышленность үһүс кэрдиис кэмэ. Капитализм бу эрэ кэмтэн саҕаланар, машиннай производствота суох капитализм суох. Мануфактура сайдыытын түмүгэр, табаары оҥорууга илии үлэтин массыыналарынан солбуйуу уопсастыба олоҕор элбэх экономическай, социальнай уонна политическай уларыйыыны аҕалбыта. Илии үлэтин массыыналарынан солбуйууну, машиннай индустрия саҕаланыытын К. Маркс промышленнай переворот диэн ааттаабыта. Ханнык баҕарар дойдуга промышленнай переворот икки – техническэй уонна общественнай – өрүттээх.
Техническэй өрүтэ – бу аата массыынаны, механизмы, двигатели айыы, оҥоруу уонна производствоҕа киллэрии (туһаныы). Табаары