ТОП просматриваемых книг сайта:
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев
Читать онлайн.Название Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6880-7
Автор произведения Николай Николаев
Издательство Айар
1950 с. дуоктарыскай үлэтин көмүскээн баран, Г.П. Башарин «19-с үйэ ортотуттан 1917 с. диэри Саха сиригэр социальнай-экономическай сыһыаннаһыылар историялара» диэн тиэмэҕэ эмиэ дьулуурдаахтык үлэлээбитэ.
З.В. Гоголев 1949 с. диэри Саха сирин историятыгар сыһыаннаах биир да научнай үлэни суруйбатаҕа. Саха сиригэр кэлэн баран, урукку үлэтинэн сибээстээн уонна тартаран, «Саха сирин 19-с үйэ бүтүүтүттэн 1941 с. диэри социальнай-экономическай сайдыыта» диэн киэҥ, комплекснай тиэмэҕэ үлэлээн барбыта. Ол эрээри 1952 с. Башарин «дьыалата» күөрэйэн тахсыбыта. 1944 с. тахсыбыт «Саха үс реалист-сырдатааччыта» диэн кинигэтэ ис хоһоонунан марксизмы, науканы утарар уонна буржуазнай национализмы тарҕатар, күөртүүр диэн сыаналаммыта уонна бобуллубута. Саха интэлигиэнсийэтин эмиэ буржуазнай национализмҥа (омугумсуйууга) буруйдааһын саҕаламмыта уонна 1962 с. диэри барбыта. 1952–1962 сс. З.В. Гоголев буржуазнай национализмы саралааһын кыттыылааҕа, биир улахан салайааччыта уонна национализм сайдыытын үөрэппит киһинэн буолбута.
З.В. Гоголев – Саха сиригэр национализмы саралааччы
«Саха үс реалист-сырдатааччыта» диэн кинигэтигэр Г.П. Башарин ыраахтааҕылаах Арассыыйа кэмигэр А.Е. Кулаковскай саха норуота бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥарыахтаах, туһаныахтаах, төрөөбүт тылынан үөрэнэр оскуолалар баар буолуохтаахтар, норуот тылын, литературатын, духуобунай култууратын сайыннарарыгар бырааптаах уонна көҥүллээх буолуохтаах диэн туруорсарын бигэргэтэр. Маны таһынан Кулаковскай саха норуота үөрэх-сайдыы суолугар киириэхтээх, норуоттар бары тэҥ бырааптаах буолуохтаахтар диирэ. Ол туһунан Г.П. Башарин маннык суруйан үйэтин тухары мөҕүллүбүтэ: «Мы установили, что у Кулаковского в дореволюционный период не было реакционного, буржуазного национализма, что у него был здоровый, прогрессивный национализм мелкобуржуазного демократа-просветителя, направленный против великодержавного шовинизма царизма… Кулаковский не был националистом». Башарины, саха норуотун холуннарааччылар бары ити икки тылтан иҥнэллэр, кинилэргэ сөрүөстэллэр. Ол кэннэ сахалар норуот быһыытынан тугу эмэ туруорустулар даҕаны, кинилэри националистар диэн буруйдууллара: бэйэлэрин норуоттарын эрэ өрө туталлар, атыттартан чорбойуохтарын баҕараллар, атын омуктары сэнииллэр диэн буолара. Онон, сахалар сордоохтор бэйэлэрин тылларын, литератураларын, духуобунай култуураларын, бырааптарын уонна көҥүллэрин көмүскээтэхтэринэ эбэтэр туруорустахтарына – барыларын национализмҥа буруйдууллара. Оттон национализм биир көстүүтүгэр – шовинизмҥа буруйдаммыт биир да киһи баара биллибэт.
Саха сиригэр буржуазнай национализмы саралааһыҥҥа 1950 сс. баһылыыр-көһүлүүр оруолу З.В. Гоголев – ТЛИНЧИ дириэктэрэ толорбута. Ону барытын институт Учуонай сэбиэтин, партийнай тэрилтэтин мунньахтарын боротокуоллара бигэргэтэллэр. Ол эрээри биһиги бэчээттэммит источниктарга эрэ сигэнэбит. Биир источникка маннык этиллэр: