ТОП просматриваемых книг сайта:
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев
Читать онлайн.Название Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6880-7
Автор произведения Николай Николаев
Издательство Айар
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр промышленнай буржуазия уонна промышленнай пролетариат суоҕа. Тыа сиригэр баайдар уонна тойоттор нэһилиэнньэ араҥатын – 7%, орто бааһынайдар – 40%, дьадаҥылар – 42%, батараактар – 10% ылар этилэр. Ол эрээри бу араҥалар бэйэлэрэ эрэ туһанар оттуур уонна бурдук үүннэрэр өлбүгэ сирдээх, бас билэр хаһаайыстыбалаах этилэр. Хаһаайыстыбаларыгар бэйэлэрэ уонна кэргэттэрэ үлэлииллэрэ, сорохтор эбии дьону наймылаһан көмөлөһүннэрэллэрэ, үлэлэтэллэрэ.
Бу кылаастар уонна социальнай араҥалар ортолоругар 1917 сыллаахха диэри улахан кылаассабай, социальнай атааннаһыылар, утарсыылар, утарыта туран охсуһуулар суохтара (сорох сирдэргэ биирдиилээн мөккүөр, бырачыас, сууттаһыы уо.д.а. утарылаһыы көрүҥнэрэ бааллара). Ол эрээри тыа сиригэр ханнык да өлөрсүүлэр, хабарҕалаһыылар суохтара. Онон, 1921–1923 сс. Саха сиригэр күөдүпчүлэммит гражданскай сэрии буржуазияны, тыа баайдарын уонна тойоттору утары промышленнай пролетариат, тыа сирин дьадаҥыларын кылаассабай, социальнай охсуһууларын салгыыта буолбатаҕа. Маҥнай саха нэһилиэнньэтэ сэбиэскэй былаас репрессияларын, агрессивнай бэлиитикэтин утары турбута (1921 с. алтынньы – 1922 с. тохсунньу), онтон 1922 с. тохсунньуттан алтынньыга диэри норуот быраабын, көҥүлүн иһин, бэйэни салайыныы, норуот былааһа олохтонорун туһугар охсуспута.
Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыбатах, буржуазия уонна пролетариат кылаас быһыытынан суох, буржуазнай идеология олохсуйбатах уонна сайдыбатах уо.д.а. ураты усулуобуйаларыгар А.И. Новгородов, З.В. Гоголев, В.А. Демидов, В.С. Познанскай уо.д.а. үгүс научнай үлэлэрэ суолталарын сүтэрэллэр. Кинилэр бу үлэлэрэ билигин Саха сирин историктарын эккирэтии, холуннарыы, национализмҥа буруйдааһын туоһутунан, историческай чахчылары токурутуу (фальсификация), бэйэ туһатыгар араастаан сыымайдаан туһаныы (манипуляция), бассыыбайдааһын холобурун быһыытынан хаалаллар.
2. Учуонайдар мөккүөрдэрэ
Саха биллиилээх историктара Захар Васильевич Гоголев (01.08.1911–24.12.1974) уонна Георгий Прокопьевич Башарин (21.03.1912–18.04.1992) биир көлүөнэ дьонноро этилэр. Үрдүк үөрэҕи эмиэ иккиэн Москваҕа бүтэрбиттэрэ: Гоголев Москватааҕы история, философия уонна литература институтун (1940 с.), Башарин –