ТОП просматриваемых книг сайта:
Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара. Николай Николаев
Читать онлайн.Название Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6880-7
Автор произведения Николай Николаев
Издательство Айар
М.К. Расцветаев быһаарыыта ылыннарыылаах. Мин санаабар, боростуойдук толкуйдаан көрдөххө да, аҥаардас сүөһүнэн эрэ дьарыктанан олорор натуральнай хаһаайыстыбаҕа тыыннаах хаалар эрэ туһугар биир киһиэхэ сылга кырата 3 төбө сүөһү наада: 1 сүөһүнү сиир (атын элбэх ас суоҕа), 1 сүөһү атыыта төлөбүрдэри (нолуоктары, түһээннэри) төлөөһүҥҥэ барара, ордубута ас-үөл, таҥас-сап, иһит-хомуос, мал-сал, туттар сэп-сэбиргэл атыытыгар барара, хаһаайыстыбаны эспэт наадатыгар 1 сүөһү (ынах) хайаан да иитиигэ баар буолуохтаах. Ол иһин маннык дьаһанар хаһаайыстыбалар сахаларга элбэхтэрэ (40–50% ылаллара), кинилэри орто хаһаайыстыбалар дииллэрэ.
Онон, 1917 с. биэрэпис түмүгүнэн Саха сирин 3 уокуругар нэһилиэнньэ социальнай балаһыанньата маннык этэ:
– барыта 7191 оробуочай баара (манна батараактар, дьадаҥылар уонна хамначчыттар киирбиттэр);
– араас дьадаҥы хаһаайыстыбалар – туох да сүөһүтэ суох (2086 хаһаайыстыба), көлүнэр оҕуһа суох (12446 хаһаайыстыба), ынаҕа суох (2974 хаһаайыстыба), барыта 17 506 батараактар уонна дьадаҥылар хаһаайыстыбалара этилэр;
– биэрэпис ыытыллыбыт үс уокуругар баайдар уонна тойоттор хаһаайыстыбаларыгар иитимньигэ барыта 9006 киһи баар этэ (кинилэри «воспитанники», «воспитанницы» дииллэрэ, сорохтор «домашняя челядь» дииллэр).
Онон, 1917 с. диэри Киин Арассыыйаҕа сайдыбыт капиталистическай сыһыаннаһыылар сабыдыалларынан, Саха сирин экономикатыгар уларыйыылар киирэннэр уобалас тыатын сиригэр олох-дьаһах таһымынан нэһилиэнньэ араас социальнай араҥаҕа (бөлөххө) арахсыыта (социальное расслоение, дифференциация) күүһүрбүтэ.
Кылгас түмүктэр
ХХ үйэ саҥатыгар, 1917 с. диэри Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай сыһыаннаһыылар сабардыыллар этэ. Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын биир хаалыылаах кытыы сирэ этэ. Манна баһылыыр-көһүлүүр социальнай араҥаларынан тойоттор уонна баайдар этилэр. Уопсастыбаҕа кинилэр быһаарар оруоллара улахан, былаастара күүстээх этэ.
Бу бириэмэҕэ Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар дьиҥнээҕинэн суохтара. Буржуазнай сайдыы сорох араскылара (көстүүлэрэ, элэмиэннэрэ) эрэ бааллара. Капиталистическай промышленность сайдыытын үс араас кэрчик кэмиттэн уонна бэлиэ көстүүтүттэн (ремесло (простая капиталистическая кооперация), мануфактура, фабрично-заводская промышленность), манна боростуой капиталистическай кооперациялар эрэ бааллара. Мануфактуралар, собуоттар, баабырыкалар о.д.а. капитализм сайдыытын туоһулуур промышленнай тэрилтэлэр суохтара.
Саха сирэ Арассыыйа биир хаалыылаах, кытыы региона этэ. Арассыыйаҕа