Скачать книгу

«Уйбаан Сэмэнэбис» диэн кими ааттыылларын, туох «үҥсүүтүн сүүйэллэрин» букатын билбэт.

      Итини барытын Маайа бу түүн киниэхэ кэпсиир.

      – Ол кумааҕыларбытын ылбыт киһибит сүтэн хаалла дии, – диэн Маайа улаханнык дьиксиммит быһыынан кэпсээнин түмүктүүр.

      – Сүттэҕинэ, сүтэ да сырыттын… хаһан эмэ биллиэ, – Сүөдэр мичээрдиир. Маайа кэргэнэ мичээрдээбититтэн туохтааҕар да улаханнык үөрэр. Кинилэр дьоллоро диэн бэйэ-бэйэлэрин истиҥник, үчүгэйдик санаһаллара, итиитик таптаһаллара – ол эрэ.

* * *

      Уйбаан Сэмэнэбис били Маайаттан ылбыт сымыйа биэксэл кумааҕыларын туппутунан Аркадий Романович Эховка көтөн түһэр. Кини Маайа тугу кэпсээбитин барытын кэпсээн биэрэр. Эхов маҥнай утаа, Харатаайап кулуба аатын истэн, хайдах эрэ чинэс гына түһэр уонна эмиэ саҥата суох сөҥөн олорон истэр.

      – Кыыс аата ким диэний? – Уйбаан Сэмэнэбис кэпсээн бүтүүтүгэр Эхов ыйытар.

      – Маайа… Мария.

      «Ама, били мин үөрэтэ сылдьыбыт кыыһым буолуо дуо?» – диэн санаа Эхов өйүгэр сындыыс курдук түргэнник элэс гынан ааһаат умуллан хаалар.

      – Дьаакыбылап ньүдьү-балай, батталлаах, бэйэтин муҥур ыраахтааҕынан ааҕынар кулуба. Онон кини итинник быһыытыйбытыгар киһи дьиктиргиэҕэ суох. Кинини ити оҥоһуутугар сууттатыахха сөп. Оттон ол хамначчыт дьон билигин олорор ыаллара – Лэгиэнтэй атыыһыт Саха сиригэр саҥа үөскээн эрэр эргиэн капиталын биир соллоҥ представителэ. Кини, эмискэ көрдөххө, киһи үтүөтэ. Ханнык баҕарар үлэһитин кытта уруулуу да буоларын кэрэйиэ суоҕа. Ким кыһалҕалааҕы үбүлээччи, салҕааччы кини буолуо. Кини туһунан ким эмит куһаҕаны эттэҕинэ, чугас ыаллара «холуннараҕын» диэхтэрэ. Ол гынан баран кини Дьаакыбылаптааҕар угаайылаах илимнээх, уһун илиилээх, күүстээх дайбааһыннаах баай.

      Уйбаан Сэмэнэбис ким хайдаҕын-тугун дириҥник ырыта барааччыта суох. Кини аан бастаан дьыаланы кытта билсэр, ол кэнниттэн – баай көрдөһөр буоллун, дьадаҥы үҥсэр буоллун – кыайыах буоллаҕына, ол дьыаланы ылынан үҥсэн барар идэлээх. Үҥсэ сылдьан, ол дьыалатыгар тартаран, олус үлүһүйэр, уутугар-хаатыгар киирэр. Оттон дьыала быһаарыллан бүттэҕинэ: «Ээ, ити дьүһүннээх дьыаланы ылынан үҥсэ сылдьыбыт эбиппин дуу?» – диэн, арыт бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйэр.

      – Бу дьыаланы, ылыннахха, киһи чахчы сүүйүө дуу, суох дуу? Ону ыйытабын! Мин ону сүбэлэтэ киирбитим, – диэн кини Эховтан быһаччы ыйытар.

      – Киһи хайаан да кыайар дьыалата.

      Уйбаан Сэмэнэбис бэркэ диэн үөрэ түһэр. Кини, субу суукка барыах курдук, ойон турар:

      – Аркадий Романович, миэхэ дьыалатын оҥорон биэриэҥ дуо? Итиэннэ, арба, «Хабырыллайап атыыһыт уолабын» диэн сымыйа ааттана сылдьыбыт хамначчыт, Харатаайап кулуба кыыһын бэргэһэлээх эрэ, суукка эриллиэ суоҕа дуо?

      Аркадий Романович күлэр. Кини икки сутуругунан остуолу охсор.

      – Кыыс эрэ буоларын быһыытынан, биһиги кинини сокуоҥҥа түбэһиннэриэхпит суоҕа.

      Дьэ ити кэнниттэн Аркадий Романович Эхов үҥсүү дьыалатын оҥорон барар. Кини, сотору-сотору тохтоон, Дьаакыбылап кулуба дьиикэй санаатын

Скачать книгу