Скачать книгу

ааттарын урут биирдэ да ахтыбатаҕа.

      – Ол ханна олорор атыыһытый?

      – Мантан ыраах… Киллэм дэриэбинэтигэр…

      Кинилэр, барар сирдэрэ биллибититтэн үөрбүт курдук, айан суолугар тахсан тус илин хаамсан бараллар. Ити икки ардыгар күн былыт алын кырыытынан кылбайан тахсар. Оттуун-мастыын, көтөрдүүн-сүүрэрдиин бука бары уһуктан, үөрэн-көтөн чөрөһөллөр, ыллаан-туойан лыҥкынаталлар, айаатаан-мөҥүрээн айдаараллар.

      Маайалаах, халыҥ соҕус тиит арыыны туораан, киэҥ киллэм хонууга киирэллэр. Суоллара кырдал үрдүнэн барар. Аллараа хотоолго уһун-инньигэс элгээн уута кылбайар. Элгээн үрдүнээҕи кырдал хааһыгар бэрт элбэх киһи уҥуоҕа көстөр. Манна Сүөдэр аҕалаах ийэтин уҥуохтара эмиэ баара. Кинилэр, ханнык эрэ дьаҥтан бииргэ өлбүт буоланнар, биир ииҥҥэ көмүллүбүттэр.

      – Маайа, мин дьонум манна көмүллэ сыталлар, – Сүөдэр дьонун уҥуохтарын аттыгар кэлэн тохтуур.

      Маайа саҥата суох хараҕын уутун соттор. Кини бу туран бэйэтин төрөппүттэрин санаан кэлэр: «Оо, дьонум, миигин сүтэрэн, төһө эрэ айманнылар буолла? Ийэм эрэйдээх төһө эрэ ытаата-соҥоото буолла».

      Ол курдук аттакылар олорор Ньукуолускай диэн дэриэбинэлэрэ көстөр. Аллара, өрүс боротуокатын кыйа, Хамаҕатта ыалын дьиэлэрэ тураллар. Сүөдэрдээх Маайа, утуйар таҥастарын сүгэн иһэллэриттэн саатан, дьон хараҕар көстүмээри, суолтан туораан, хонуу устун бараллар.

      Маайа, хонуу устун хааман иһэн, ньургуһуну хомуйар, ханнык эрэ ырыаны көхсүн иһигэр ыллаан киҥинэйэр.

      – Сүөдэр, ол Лэгиэнтэй атыыһыттааҕыҥ төһө кэргэннээх ыалларый?

      – Кэргэннэрэ диэн – иккиэлэр эрэ этэ.

      Сотору соҕус, ооҕуй оҕус ситимин курдук, эргиччи тардыллыбыт остоолбо бүтэйтэн тахсаллар. Бу манан Дьаакыбылап кулуба бас билэр сирэ бүтэр. Мантан антах атын нэһилиэктэр сирдэрэ кэлэр.

      Күн үөһэ ойор. Сүөдэрдээх киэҥ киллэм хонуу ортотунан баран иһэллэр. Били күн тахсарыгар халлаан илин иитин хаххалаан, хараара барыаран көстөр былыт иинэн-сүтэн хаалар. Билигин, халлааҥҥа ханан да былыт тохтооботоҕун курдук, кылбаа ыраас. Күн сып-сылааһынан күөх хонууну, киэҥ хочону барытын кууһар. Ыраах Өлүөнэ өрүс үрүҥ көмүс суол буолан кылбаҥныы устара көстөр. Өрүс нөҥүө өттүнээҕи буор хайалар, ситиини тардыбыт курдук, күөх торҕо дьураа буолан торумтуйаллар эрэ. Ханна эрэ бэрт ыраах субан туруйалар көтөн иһэн хаһыытаһар саҥалара иһиллэр.

      – Тоҕо киһи аймахха баай, дьадаҥы диэн араарыы үөскээбитэ буолуой? Көр, сүүрэр атахтаахха да, көтөр кынаттаахха да баай, дьадаҥы диэн араарыы суох буолбат дуо? – Маайа Сүөдэртэн ыйытар.

      – Айылҕа айбыта оннук буоллаҕа дии.

      – Тоҕо киһи аймах, көтөр-сүүрэр курдук, көҥүл-босхо олорбото буолуой? Ама орто дойду уйгу быйаҥа аҥаардас баайдарга эрэ ананан оҥоһуллубута буолуо дуо?

      Сүөдэр үөһэ тыынан ылар. Кини сүгэн иһэр тэллэхтээх суорҕана улам ыарыыр, эҥил баһын быһа баттыыр. Березкин үрээнньик олорор Ньукуолускай дэриэбинэтин утарытыгар тиийэллэр. Кинилэр баран иһэр киэҥ нэлэмэн хонууларын уонна дэриэбинэ икки

Скачать книгу