Скачать книгу

кыыһыра түспүттэрэ. «Эс, хайдах итинник буолуоҕай? Итинтэн атыннык дьүүллүөхтэрэ дуо? Син биир хотторорбут биллэр этэ! Куруук баттыыллар!» диэн араас быдьар тыллаах-өстөөх сөбүлээбэтэхтэрин биллэрбиттэрэ. Кыыһыран кыынньа сылдьар оҕолорбун нэһиилэ уоскуталаабытым. Оҕолор санаалара наһаа да түспүт этэ. «Наар итинник сэнииллэр. Өрүү биһигиттэн иҥнэн тахсаллар. Бу оскуолаттан хаһан эрэ бара охсобун!» – дэһэллэр.

      – Оҕолоор, мин эмиэ ити дьүүллээбиттэрин сөбүлээбэтим. Эһиги саамай бастыҥнар этигит. Ол эрэн, хаһан да, ханнык да түгэҥҥэ бэйэ бодоҕутун тардынан сылдьар буолуҥ. Итинник үөхсүбэт, быдьар тылынан этиспэт баҕайыта. Ама хайаан соруйан сэнээтэхтэрэй. Хаһан баҕарар, ханнык баҕарар күрэххэ дьүүллүүр сүбэ этиитэ бүтэһиктээх буолар, – диибин. – Киэҥ көҕүстээх буолуҥ. Син биир эһиги бастыҥнар этигит, бэйэҕит да ону билэҕит. Атын кылаас оҕолорун харахтарын көрбүккүт? Саамай сөхпүт-махтайбыт кинилэр этэ дии! Хата, мин бүгүн эһиги тускутунан элбэҕи да биллим. Наташа дизайнер буолуоххун сөп эбит. Түһүлгэни эн ыйаҥҥын-кэрдэҥҥин олус үчүгэйдик киэргэттибит. Аны Валялаах Сашаны хайдах курдук авангарднайдык таҥыннардыҥ? Оттон Сайыына куолаһа кэрэтиин. Киһи эрэ истэ олоруох курдук куоластааххын. Арыйааннаах Вова эчи сымсаларын, түргэннэрин. Олох олоҥхоҕо кэпсэнэр бухатыырдар курдуктар. Оттон, Леня, эн оскуолаҕа буолар тэрээһиннэри ыытааччыгын дуу?

      – Суох, – уол тоҕо ыйытарбын өйдөөбөккө да хаалла быһыылаах.

      – Мин эйигин хайаан да сыанаҕа таһааран хоһоон аахтарыаҕым. Улахан тэрээһиннэр диктордарын курдук үчүгэй куоластааххын дии… – үөрэнээччилэрбин хас биирдиилэрин эр-биир хайҕаатым, санааларын көтөхтүм. Ол хайгыы олорон оҕолорбун кэриччи көрдүм уонна түөһүм иһэ үөрүүнэн туолла. Кинилэр миигин истэ олорон бэйэ-бэйэлэрин саҥа, сонун харахтарынан көрсүбүттэрэ, истиҥ мичээр бэлэхтэспиттэрэ, түмсүүлээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Бу буоллаҕа учуутал дьоло диэн…

      …

      – Нина Ивановна, үтэһэлээх эт сиигин? – кэннибин хайыһан көрбүтүм Арыйаан икки үтэһэлээх эт тутан турар эбит. Биирин миэхэ биэрдэ уонна аттыбар сэргэстэһэ олордо. Мин үрдүк сыыртан күөлү одуулуу олорбутум. Бу маннык олорорбун, айылҕаны кытта алтыһарбын туохтааҕар да ордоробун.

      – Баһыыба, Арыйаан.

      – Нина Ивановна, туохтан санаарҕаатыҥ?

      – Суо-ох, санаарҕаабаппын ээ. Көннөрү айылҕаны кэрэхсээн көрө олоробун, – саҥа таһааран күлэн кэбистим. Арыйаан үрдүк уҥуохтаах, бөдөҥ-садаҥ көрүҥнээх. Спордунан дьаныһан туран дьарыктанар быһыылаах. Улахан киһилии көрбүт-истибит хап-харанан чоҕулуҥнуур харахтардаах. Оттомноох баҕайы эбит. Оттон оскуолаҕа тоҕо эрэ уларыйан хаалар.

      – Нина Ивановна, эн ааспыкка учууталым ийэбин уонна эдьиийбин солбуйбута диэбитиҥ дии… – уол мин диэки ыйытардыы көрөн кэбистэ.

      – …Галина Петровна диэн этэ, – мин ааспыт кэмнэрбин санаан чочумча саҥата суох олорон ыллым. – Биһиги эдьиийбиниин иккиэн мааны да мааны кыргыттар

Скачать книгу