Скачать книгу

баран тахсан иһэн Маринаҕа кэтиллэ сыста. Кыыспыт Егору көрөн эмиэ соһуйда быһыылаах, «Уой, маамаа!» диэн өмүрбүт саҥата дьиэни биирдэ ылан кэбистэ. Учаскыабай уол аан айаҕыттан хаһыытаан-ыһыытаан көрсүбүт кыыһы соһуйбуттуу көрөн ылла, «бырастыы гыныҥ» диэт, таһырдьа ойон хаалла. Мин бэрт көрүдүьүөһү көрбүттүү күлэн быарбын тыытынным. Маринам ааны сабаат да үрдүбэр түстэ. «Наһаа астык харахтаах! Уой, үчүгэй да уо-ол!» диэн һуу-һаа бөҕөтүн түһэрдэ.

      – Хайа, оттон Андрей? – истибиппэр итэҕэйбэккэ саҥа аллайдым.

      – Андрей буолан! Сүүс төгүл кыраһыабай буолбат дуо?! Арааһа, таптаатым быһыылаах…

      Дьэ, омуннаах да кыыс…

      …

      Сарсын оскуоланан айылҕаҕа тахсарбытыгар анаан алаадьы буһардым уонна дьонум биэрэн ыыппыт соболорун ыһаарылаатым. Марина эн бүттэххинэ аны мин астаныам диэн баран физругун дуу, учаскыабайын дуу көрөөрү таһырдьа тахсан олордо. Кэмниэ кэнэҕэс, собобун ыһаарылаан бүтэн эрдэхпинэ, кыыһым уоһа мэрбэҥнээн киирэн кэллэ.

      – Туох ааттаах ас астаатыҥ? – сөбүлээбэтэхтии, атаах куолаһынан чаҕаара түстэ.

      – Оттон сарсын айылҕаҕа илдьэ бараары астыыбын дии, – туохтан санаата алдьанан киирбитин ситэ өйдөөбөккө туран холкутук хардардым.

      – Дьэ, үчүгэйкээн да кыыс аатын ыллыҥ дии. Егор кэпсэтэ олорон миэхэ эрэ наадыйбат. «Наһаа минньигэс сыт кэлэр дии, ити Нина Ивановна ас астыы сылдьар дуо?» – диир. «Ону хабан ылан үһүөн уу иһэ-иһэ хайҕаатылар! Оттон миэхэ биирдэрэ да хараҕын хатаабат быһыылаах», – Маринам кыһыытыттан монолог ааҕар артыыс курдук, куолаһын уларыта-уларыта кэпсээтэ, кэмпиэтин былдьаппыт оҕолуу уоһа толлойдо.

      – Оо дьэ, инньэ диэммин сарсын аһа суох барыам дуо? – мин киниэхэ төрүт кыыһырбаппын. Дьээбэлэнэн илиилэрбин өттүкпэр уурдум уонна: «Уопсайынан мин адьас буккулуннум, эн кими таптаабыккын өйдөөбөтүм. Аны үһүс киһинэн Октябрь сүрэххин сүүйдэ дуо?» – диибин.

      Маринам, киһи эрэ буоллар туттуммата, күлэн бычыгыраата.

      – Суо-ох, ама да мин буолбутум иһин барыларын таптаатахпыный. – Дьүөгэм аттыбар кэлэн остуолга олордо уонна сыҥаах баттанна.

      – Ити Егор харахтарын көрдөхпүнэ, олох ууллан хаалыах курдукпун дии. Эчи сырдыгыын, дириҥиин! Олох, муора курдук угуйар харахтардаах… Оттон Андрей… – Марина өрө тыынар. – Андрей… наһаа үчүгэй…

      Маринаа, хас биирдии ис киирбэх дьүһүннээх эр киһини барытын таптаатым диир буоллаххына, арааһа, чахчы таптал диэн суох эбит. Таптал диэн кэрэ кэпсээҥҥэ кэпсэнэр, омуннаах олоҥхоҕо туойуллар буоллаҕа…

      Балаҕан ыйын 5 күнэ, чэппиэр

      Бэҕэһээ сатаан суруйбатым. Сатаан буолуо дуо – бириэмэ тиийбэтэҕэ. Сарсыарда эрдэ тураммыт сээкэйбитин дьаһанан, тоҕус аҥаар чааска оскуолаҕа мустубуппут. Кылааспыттан Оля диэн кыыһым үөрэх саҕаланыар диэри улуус киинигэр киирбитин туһунан эрдэ илдьиттээбиттэрэ. Саргыны ийэтэ барбат диэн эрийэн сэрэппитэ уонна Валентин диэн уол, дьоно аах отторо бүтэ илик буолан, оттоһо барбыт этэ. Онтон атыттар

Скачать книгу