ТОП просматриваемых книг сайта:
Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина
Читать онлайн.Название Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6337-6
Автор произведения Татьяна Поскачина
Издательство Айар
Хата, кини кэпсээниттэн мин ол учуутал дьүһүнүн-бодотун удумаҕалаттым. Марина чахчы таптаатаҕа дуу… таптаатым диэн хайдах буолаллара эбитэ буоллар…
Балаҕан ыйын 2 күнэ, бэнидиэнньик
Төһө да көмүс күһүн күлүмүрдээн тиийэн кэллэр, бүгүн сайыҥҥылыы сып-сылаас күн буолбут. Дьахтар быттанар кэмэ диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Саха дьахтара барахсан аҕыс ыйдаах унньуктаах уһун кыһын иннинэ маннык сайыҥҥы ылааҥы күннэри баттаһа дьиэтин-уотун хомунан, таҥаһын-сабын тэбэнэн, сааһыланан дьаһанара эбитэ үһү. Ол сиэринэн Марина биһикки олорор уопсайбытын тупсарарга сананаммыт улуус киинигэр киирэн таҕыстыбыт. Батарыайа уонна түннүк холуодатын кырааската, ыскаатар, чаанньык, ол-бу кыра мал-сал атыыластыбыт. Киэһэ төннөрбүтүгэр аттыбар орто саастаах дьахтар олорбута. Саҥа кэлбит киһини кытары билсэр сиэринэн ааппын, тугу үөрэтэрбин, хантан кэлбиппин туоһуласпыта.
– Салайар кылаас биэрдилэр дуу?
– Биэрэн. Быйылгы онустарга салайааччы буоллум, – мин киэн туттубуттуу үөрэ-көтө хардарбытым. Онуоха ол дьахтар: «Оо», – диэбитэ уонна сапсыйан кэбиспитэ, аһыммыттыы көрөн ылаат киэр хайыспыта.
Дьахтар ити быһыытыттан соһуйан эрэ хаалбытым. Кылааһым оҕолорун кытары үчүгэйдик билсиэхпин, кинилэр тустарынан толору билиэхпин баҕарбытым.
Массыына дьиэбит иннигэр тохтообутугар малбытын-салбытын сүөкүү сылдьан көрбүппүт, тиэргэҥҥэ били физрук история учууталын кытары кирилиэстэригэр кэпсэтэ олороллор эбит. Биһиги тутуур бөҕөлөөх түспүппүтүн көрөн, иккиэн ойон туран, саҥата-иҥэтэ суох көмөлөһөн барбыттара. Андрей Ильич – кугас будьурхай баттахтаах, үрдүк уҥуохтаах, киппэ көрүҥнээх, сырдык хааннаах уол эбит. Мин тутан иһэр ыарахан бакыаттарбын утары кэлэн ыла охсубутугар, Марина сөбүлээбэтэхтии хатыылааҕынан көрөн кэбиспитэ. Күнүүлээтэҕэ дуу?..
Ону баара миэхэ билигин ханнык да сыһыан наадата суох… Таптал диэн аатырдар иэйиилэрэ кинигэҕэ эрэ кэпсэнэр, олоҥхоҕо эрэ хоһуйуллар, ону тэҥэ хомоҕой тыллаахтар хоһооҥҥо тиспиттэрин ырыа гынан ыллыыллар.
Өйүүн оскуоланан бары похуоттуу барар үһүбүт.
Балаҕан ыйын 3 күнэ, оптуорунньук
Бүгүн учаскыабай кэлбит. Сыта суох маҥан кыраасканан батарыайаларбын сотон баран уу тоҕо тахсыбытым, арай тиэргэммит иһигэр пуормалаах киһи, суотабайынан кэпсэтэ-кэпсэтэ, хаамыталыы сылдьар. Маҥнай, соһуйбут омуммар, туох эрэ быһылаан тахсыбыт буоллаҕа дуу дии санаатым. Өйдөөбөккө, биэдэрэбин туппутунан таалан турдахпына бэттэх хайыста: сып-сырдык күөх харахтаах, ис киирбэх дьүһүннээх, нуучча аҥаардаах бааһынай уол эбит. Кини миигин көрөн баран эмиэ соһуйда дуу, чочумча саҥата суох көрөн турда, онтон кэпсэтээччитигэр: «Чэ, сөп, онтон билсэ сылдьыахпыт», – диэтэ, төлөпүөнүн ылан сиэбигэр уктан кэбистэ. Онно, дьэ, саҥа учаскыабай