Скачать книгу

охтара.

      Бука, ол да иһин, уус-уран литератураҕа иэҕэ тутан эттэххэ, саҥаттан саҥа айымньылар айылла, сурулла уонна салгыппакка кэрэхсэтэ турдахтара.

      Суругунан айымньыларын утумун инньэ уонунан үйэлэр усталаах туораларыгар тута сылдьар омуктары ахтыбакка туран, сахабыт литературата сайдыбыт балтараа үйэттэн эрэ ордук кэмигэр төһөлөөх хоһоон-кэпсээн суруллубута буолуой? Афанасий Уваровскай Отто Бётлингк аатыгар туһуламмыт суругар саха литературатын бастакы айымньыта буолбут «Ахтыытын» туһунан: «Билэбин бу сурук туһата суоҕун: кинини холобур кэриэтэ эн эрэ ааҕыаҥ, эйигиттэн атын киһи ким да ааҕыа суоҕа. Оол да гыннар кинини суруйар балайда эрэ эрэйдээх баара: урут саха тылынан биир да сурук сурулла илигэ, кини сурукка киирэр тосхоло-хуолута биллэ илигэ», – диэбит кэрдиис кэмиттэн саҕалаан? Ким ону суолта биэрэн, дьарык оҥостон ааҕа сатыа баарай – суруллубут баһаама да бэрт буоллаҕа.

      Арай, суруйар эрэйэ син биир чэпчээбэтэҕэ дьэҥкэ. Сол да үрдүнэн суруйар дьон ахсаана эбиллэ, хаҥыы турар – киһиэхэ оннук күүстээх айар-суруйар санаа, дьулуур иҥэн сылдьар эбит. Ити өттүнэн көрдөххө, бу кинигэни суруйбут саҥардыы биллэн эрэр кэпсээнньит: «Айар санаа үүйэ-хаайа тутар дьахтара, ааппар дьүөрэлээн, Айсана диэн ааты ылыммытым», – диэн быһаарара бэрт кэрэхсэбиллээх түгэн.

      Оксана Гаврильева «Үчүгэй дьахтар» диэн бастакы кэпсээнэ «Кыым» хаһыат «Кулуһун» уус-уран сыһыарыытыгар 2011 сыллаахха тахсыбыта. Манна диэн эттэххэ, ыал дьон, кэргэнниилэр табыллыбатах, ыпсыбатах олохторун туһунан суруйуу эрэдээксийэҕэ балай эмэ киирэр, ол барыта, биллэн турар, бэчээттэнэн испэт. Үксүгэр оннук суруйуулар хаһыат балаһатын төһө эмэ таһымныыр «уһун-синньигэс» кээмэйдээх буолааччылар, ол иһин даҕаны тахсыылара уустугурар, төһө даҕаны, этэргэ дылы, балай эмэ тыыппалаах, хоп курдук тыллаах-өстөөх, ис хоһоонноох буоллаллар. Олорго холоотоххо, Оксана Гаврильева суруйуута бары өттүнэн лоп курдук буолан биэрбитэ: аатынан, тылынан-өһүнэн, тутулунан, кэпсиир майгытынан, ис хоһоонунан, кээмэйинэн. Кэпсээн эҕэ дэгэттээх аата, тыл-өс уонна тутул өттүнэн чопчута ааптар кэмчи тылынан «минньигэстик» этэргэ-кэпсииргэ дьулуһарын кэрэһилиирэ.

      Онтон сотору «Күрүлгэн» сурунаалга Айсана диэн аатынан «Ийэ буор» диэн кэпсээнэ бэчээттэммитэ. Бу – «Үчүгэй дьахтартан» чыҥха атын ис хоһоонноох, үрдүк күүрээннээх, төрөөбүт дойдуга тапталы арыйар, хоһуйар айымньы. Салгыы бэрт истиҥник, умсугутуулаахтык суруллубут «Ыалдьыт» уонна «Бастакы булт» диэн кэпсээннэрэ киирбиттэрэ.

      Ити кэннэ тус бэйэм Айсана литератураҕа холонуута түбэһиэхчэ буолбатаҕын, кини, олох эгэлгэ көстүүлэрин ойо тутан ылан, дэгиттэрдик ойуулаан суруйар, ааҕааччыны чопчу санааҕа, түмүккэ ньымсатык сиэтэн аҕалар кэпсээнньит дьоҕурдаах эбитин бигэтик итэҕэйбитим.

      Рафаэль Баҕатаайыскайы кытары кэпсэтиим ити санаабын ордук бөҕөргөппүтэ. Народнай поэт, Айсана «Кыымҥа» бэчээттэммит «Оҕолор барахсаттар» диэн кэпсээнин ааҕан баран, улахан дуоһуйууну ылбытын эппитэ: «Ойууланар кыргыттар тус-туһунан майгылаахтара бэргэнник бэриллибит, киһи эрэ барыта итинниги кыайа туппат, буолаары буолан, тэттик суруйууга, кыргыттар туораахтана сылдьаллара харахпар бу баар курдук», – диэбитэ.

      Билигин Айсана кэпсээннэрэ «Кэскил» хаһыакка, «Чолбон» сурунаалга бэчээттэннилэр. Онон ааҕааччы балай эмэ киэҥ араҥата кинини хайыы үйэ бэлиэтии ылыммыта чахчы. Аны, бу, «Бичик» кинигэ национальнай кыһатыгар кэпсээннэрин хомуурунньуга бэлэмнэнэн тахсар буолбут.

      Онно киирбит саҥа кэпсээннэрин эмиэ кэрэхсии, биһирии аахтым – бэчээккэ ыытыах иннинэ кыладыйа-чочуйа түстэххэ ааттаах үчүгэй буолуохтара.

      Дьиҥэр, Айсана кэпсээннэрин ырытан элбэҕи этиэххэ сөп буолуо – ордук чуолаан, уус-уран айымньыны этигэн оҥорор түгэннэр, ньымалар тустарынан. Оксана Павловна – Бүлүү педагогическай училищетын уонна СГУ филологическай факультетын бүтэрбит, кэтэхтэн аспирантуралаан, Москубаҕа «Активизация фразеологизмов русского языка в речи учащихся якутской школы» диэн хайысхаҕа кандидат диссертациятын көмүскээбит, Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын үөрэтээччитэ. Онон, Айсана, идэтин да быһыытынан, уус-уран айымньыны истиҥ, этигэн оҥоруу ньымаларын үчүгэйдик билэр буолан, ол билиитин сатабыллаахтык туттар эбит. Онно, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ өр мускуллан-эриллэн, киһи уйулҕатын мындырдаан билбитэ эмиэ улахан тирэх буолара саарбаҕа суох.

      Холобур, үөһэ ахтыллыбыт «Үчүгэй дьахтар» маннык саҕаланар: «Аан «лис!» гына күүскэ сабыллыбыт тыаhа истиэнэни доргутан, серваҥҥа иhити лыҥкынатан, өссө тугу аймыыбын диэбиттии, кэрийэ сүүрэн иhэн, кириэhилэҕэ олорор Клавдия Ивановнаҕа иҥиннэ». Манна тыас доргуппута, лыҥкынаппыта, кэрийэ сүүрбүтэ, иҥнибитэ – элбэҕи этэр түгэннэр.

      Онтон эмиэ ыал олоҕун, кэргэнниилэр сыһыаннарын атыннык арыйан көрдөрөр «Ардах» диэн саҥа кэпсээнин саҕаланыытыгар: «Ардах түhэн ибиирэр. Түннүк тааhынан харах уутун курдук аллара сурулуур». Бу кэпсээҥҥэ ойууланар уйан, ону тэҥэ олус уйугас уонна тулуурдаах майгылаах Анна Ивановна – «үчүгэй дьахтартан» букатын атын киһи. Ол да иһин «үчүгэй дьахтар» сервант, дьыбаан тулалаах эбит буоллаҕына, манна Айылҕа арыаллыыр… «Ардах кинини кытта тэҥҥэ ытаhар. Эмиэ да ким эрэ, туох эрэ өйдүүр-өйүүр

Скачать книгу