Скачать книгу

диирэ үһү. Бултуу барарыгар быһахтаах эрэ буолара үһү, онуоха эбии маһынан сэбилэнэн аарыма тайаҕы, адьырҕа эһэни бултуура уонна дьиэтигэр бүттүүн сүгэн аҕалан баран, сүлэн, таҥастаан, астыыра үһү. Сороҕор уонча көстөөх сиртэн тайаҕы дьиэтин таһыгар үүрэн аҕалан, суон маһынан тайах атаҕын тосту охсон биитэр быраҕан охторон баран бултуура дииллэр. Сылга элбэх тайаҕы, кыылы уонна уу балыгын бултаан быраатын аахха көмөлөһөрө үһү. Дьаакып сэттэ оҕолоох буолан тиийиммэт эбит, онуоха куруук булдун аҥаарын биэрэн оҕолору иитиспит.

      Лойут кыра дьону аһынар буолан, дьадаҥы ыалларга бойум аһы бэрсэрэ уонна ол иннигэр тугу да кинилэртэн ылбата үһү. Лойут олоҕуттан икки көстөөх сиргэ Чөмчөрдүүр Дьөгүөр диэн киһиргэс, күүһүмсүйэр киһи баар эбит. Кини кэргэнигэр кыыһырдар эрэ «төбөҕүн хайа тардан аҥаардыам» диэн хаһыытыыра. Ол курдук, атын дьоҥҥо кыыһыран «хайыта тардыам» диэн суоһурҕанара. Биирдэ Ырдьайар Сэмэн диэн чаабый киһи ыйыппыт:

      – Дьөгүөр, эн бэрт күүстээххин быһыылаах. Лойуттуун хайаҕыт ордуга буолуой?

      Онуоха Чөмчөрдүүр толкуйдуу да барбатах, этэн чабырҕаабыт:

      – Хайа, Лойут да оннук улахан күүстээх үһүө? Хаһан эрэ тайах оҕотун сүкпүтүнэн сураҕыран эрдэҕэ.

      Ону хойут Ырдьайар Сэмэн Лойуту көрсөн кэпсээбит.

      – Хайа, эдэр киһи күүстээх буолумуна, сөпкө эппит. Мин аһыыр аспын эрэ сүгэр киһибин. Кини ордуга чахчы буоллаҕа.

      Кини ити кэмҥэ 40-ча саастаах үһү, онон күүһэ-уоҕа мөлтүү илигэ. Биир аарыма буур тайаҕы бултаан баран, көстөн ордук сиргэ сүгэн аҕалан, дьээбэлэнэн, Чөмчөрдүүр аһы уурар араҥаһын үрдүгэр ууран кэбиспит. Дьиэҕэ холкутук хааман киирэн дорооболоспут. Сылайбыт-илистибит көрүҥэ суоҕа, дьиэлээхтэри кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ чэй испит. Онтон бүтэн быраһаайдаһан баран тахсаары туран: «Дьөгүөр, эйиэхэ тайах оҕотун бултаан аҕалан араҥаһыҥ үрдүгэр уурдум. Ону түһэрэн сүлүнэн астаныҥ. Эйигин бэрт кыайыгас киһи дииллэр, онон тайах оҕотун кыайбат үһүгүөн!»

      Чөмчөрдүүр күүстээххин дэтэн харыс үрдүү түспүт. Аарыма тайаҕы сиргэ түһэрээри туох баар күүһүнэн мөхсө сатаан кэбиспит. Кыайбатах. Кыыһыран-абаккаран ойоҕор үөгүлээбит:

      – Аҥааргын хайа тарда иликпинэ, сүгэтэ аҕала оҕус!

      – Мэ, миигин эрэ хайа тардар күүстээххин! – ойоҕо дьиэ аанын аһаат, сүгэни таһырдьа кыыраппыт.

      VII

      Лойут алта уон сааһын ааспытын кэннэ үһүс кэргэнигэр олорбута. Иккис кэргэнэ эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Ону оччотооҕу ойууттар «оннук-маннык абааһы үөр буолан киирэн сиэтэ» диэн көрүүлэнэллэрэ. Кини ону тоҕо эрэ итэҕэйиэх санаата кэлбэт этэ. Куруутун ыар баттык буолан, иккис кэргэнин өлүүтэ өйүттэн ааспакка муҥнуура. Аанча эдэр сааһыгар аатырбыт үлэһит, дьоҥҥо-киһиэхэ барытыгар аламаҕай санаалаах үтүөкэн дьахтар үһү. Кэрэ бэйэлээх дьахтар икки хонук иһигэр ыалдьан, күн сириттэн өлөн туораабыта. Онно ыксаан, маҥнай улаханнык ыалдьыбытыгар Дуудакаан ойууну ыҥыртарбыттара. Онуоха кэлэн кыыран араастаан дьүһүлэммитэ: «Урукку кэргэниҥ Мачыана эйигин өһүөннээн, үөр буолан кэлэн буулаабыт. Билигин

Скачать книгу