Скачать книгу

эйигин олус таптыырым, ол бэйэм оҕобут суоҕуттан мунааран, үйэҕэ өһүллүбэт ыар буруйу оҥостубутум. Эн тапталгын таҥнарбытым. Ону билигин өлөр күммэр бырастыы гынаргар көрдөһөбүн. Ийэ буолуохпун баҕаран… Онтон ийэ буолан, оҕолоох ыал аатыран да баран, син биир эйиэхэ курдаттыы тартара сылдьыбытым. Адьас таптаабат киһини кытта олоруу – сор олох буолар эбит. Мин эйигин ахтан-санаан төһөлөөхтүк эрэйдэммитим буолуой?! Уһун түүннэргэ утуйбакка ытаан, икки хараҕым уутунан суунарым. Ону барытын айбыт таҥара билэн турдаҕа. Итиниэхэ барытыгар бэйэбин буруйданабын. Бэйэм оҥостубут аньыыбар күн сирин үтүө олоҕун олорбокко өлөн эрэбин, – диэт, бөтөн ыла-ыла ытаан барбыта.

      – Мин эмиэ эйигин олус саныырым. Кыыһырбычча үүрэн баран, кэнники эйигин ахтан олус эрэйдэммитим. Аһыыр аһым амтана суоҕа, бэйэбин мөҕүттэн муҥнанарым. Эн оччолорго оҕолору Дьаакыптаахтан ылан ииттэргэ эппиккин, ону аккаастаабыппын кэнники кэмсиммитим иһин, хайыам баарай? Хойут тулуйбакка, тупсуһан, төттөрү көһөрөн аҕалыахпын саныы сырыттахпына, оҕоломмут этиҥ. «Ыал ийэтин аймыы сылдьыам дуо? Оҕоҕо баҕарар этэ, дьолун буллаҕа» дии санаабытым. Ол эрээри ити санаам сымыйа этэ. Син биир эйигин түүн түһээн көрсөрүм, уһуктан олус хомойорум. Онон, төһө да мунчаардарбын, бэйэм кэргэннэнэргэ санаммытым. Дьадаҥы ыал кыыһын, бэйэбиттэн уон икки сыл балыс саастааҕы ойох ылбытым. Олус эйэлээхтик олоробут да, эмиэ оҕо төрөөбөтө, онон дьоло суохпут. Били эн эппиккин өрүү өйдүүр этим, быраатым Дьаакыптан уоллаах кыыс оҕону ылан иитэн улаатыннарбыппыт. Ситэри дьоло суох эбиппит, били, өйдүүр инигин, дьиэбит аннынааҕы сиэн тамаҕын. Оҕолорбут онно сөтүөлүү сылдьан ууга өлбүттэрэ. Дьэ, санаан көрдөххө, ынырык суол – кэннигэ хаалар кэнчээри ыччат суоҕа. Аан дойдуга олох олорботох кэриэтэ… Дьэ, Мачыана, сылайдыҥ буолуо. Сыттыккын көннөрөн биэриим, – диэбитэ Лойут долгуйбут куолаһынан, онтон төбөтүн имэрийэн баран: – Дьэ, доҕоччуок, миигиттэн ыар санаа ындыылаах барыма. Мин ис санаабын эйиэхэ кэпсээтим… Бастаан мин бэйэбин буруйданыахтаах эбиппин, оҕобут суоҕар… Ааспыт төннүбэт, арай эйигин күн сиригэр тыыннааҕым тухары күндүтүк саныам, хаһан да умнуом суоҕа. Итиэннэ эйиэхэ биири этэбин: бачча кэлэн баран, эйигин уҥуох тутан, харайан барыам диэн санаан олоробун.

      Онуоха Мачыана оргууй аҕай саҥарбыта:

      – Кыыһым Кэтириис чугас баар буоллаҕына, манна аттыбар кэллин эрэ.

      Кэтириис үгэх ороҥҥо муннукка кирийэн олорон, кинилэр кэпсэтэллэрин кистээн истэн, олус долгуйбута: «Ийэм эрэйдээх урукку тапталлааҕа ити киһи эбит. Билигин да аҕабынааҕар ордук таптыы сылдьар эбит». Төһө да кыбыһыннар, үгэхтэн тахсан, ийэтин аттыгар кэлбитэ. Мачыана ону көрөн оргууй аҕай, сынньана-сынньана, эппитэ:

      – Кэтириис, эн улахан киһигин, ытаама. Мин күн сириттэн букатын баран эрэбин. Убайыҥ кэллэҕинэ, этээр: миигин үйэлээх сааһым тухары сүрэхпэр таптал оҥостон илдьэ сылдьыбыт урукку кэргэним Уйбаан бэйэтэ харайыах, көмүөх буолар. Онуоха улахан үөрүүлээх өлөн эрэбин. Көмүллэрбэр эһиги убайгынаан көмөлөһөөрүҥ.

Скачать книгу