ТОП просматриваемых книг сайта:
Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба. Дмитрий Колесов
Читать онлайн.Название Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3902-9
Автор произведения Дмитрий Колесов
Издательство Айар
Итинтэн сыллар ааспыттара да, Мачыанаҕа оҕо үөскээбэтэҕэ. Кини ийэ буолуон, оҕолонуон олус баҕарара. Оннук кэмигэр сайын үс көстөөх сиргэ олохтоох Бөлгөөнөй диэн кэргэнэ суох, отучча саастаах киһи, Лойут бултуу барбытын кэннэ, кэлэн хоммута. Бөлгөөнөй көстөр дьүһүнүнэн мөкү, нүксүгүр уҥуохтаах, хааҕынас саҥалаах, ымсыы, киһиргэс киһи этэ. Ол да буоллар, Мачыана сөбүлэспитэ… «Баҕар, бу киһиттэн оҕо үөскээрэй?» диэн иһигэр баҕара санаабыта.
Лойут болдьоҕор лоп курдук кэлэр үгэстээҕэ. Бу сырыыга икки хонугу эрдэлээбитэ. Сайыҥҥы хотугу түүн сырдык этэ. Быыһы өҥөйөн көрбүтэ – ойоҕун кытта Бөлгөөнөй утуйа сытара. Лойут хайдах эрэ бөтөн ылбыта. Онтон холкуйуохха дии санаабыта уонна быыһы быһа тардан сиргэ бырахпыта: «Киэр буолуҥ, сааппат сирэйдээхтэр! – диэн хаһыытаан сатарыппыта. – Түргэнник таҥна охсон барыҥ! Икки харахпар көстүмэҥ! Эр-ойох буоларга санаммыккыт, онон үйэлээх сааскыт тухары бииргэ сылдьыҥ! Мин сүрэҕим сылаас тымырын быстыгыт, аны таптыырым уурайда. Мачыана, булуммут эргин кытта билигин киэр буол!» – диэбитэ кырыктаахтык.
Мачыана ытыы-ытыы таҥаһын хомуммута: «Ийэ буолуохпун баҕарабын…» – диэбитэ. Ол Лойут сүрэҕэр ыарыылаахтык иһиллибитэ…
Мачыана итинтэн ордугу этэр кыаҕа суоҕа. Кэргэнин санаата кытаанаҕын, өһүллүбэт биир тыллааҕын билэр этэ. Тэҥнэһиэ дуо, Бөлгөөнөйү кытта түүннэри сатыы барбыттара. Мачыана сыыһа быһыыны оҥостон, санаарҕаан ытыы испитэ. Оттон Бөлгөөнөй маннык үчүгэй дьүһүннээх, кырасыабай ойохтоммутуттан олус үөрбүтэ.
V
Мачыана манна мөлтөхтүк олорбута. Саҥа кэргэнин таптаабат этэ. Аны Бөлгөөнөй ийэтэ, эдьиийэ кинини абааһы көрөллөрө. «Манна Лойут олоҕо буолбатах, хотумсуйума», – дииллэрэ. Мачыана ону барытын тулуйбута. 34 сааһыгар, Бөлгөөнөйү кытта олорбута иккис сылыгар, уол оҕо төрөөбүтэ. Онуоха олус да үөрбүтэ, мэник санаатыгар Уйбаантан оҕоломмут курдук санаммыта. «Уйбаан» диэн Лойут аатынан уолун ааттаабыта. Лойутугар курдаттыы тартарара, кинини санаабатах күнэ диэн суох этэ. Уйбаанын кытта уон икки сыл олорбуттара, ол устатыгар биир тылынан куһаҕаннык саҥарсыбатахтара. Ону санаан аастаҕына, саҥаттан саҥа үтүө өйдөбүллэр өйүгэр киирэллэрэ. «Ытаан-соҥоон туран, буруйбун-аньыыбын этэн, көрдөһөн көрүөм. Хат холбоһон, тупсуһан олоруо этибит. Бу кырыыстаах дьонтон уонна Бөлгөөнөйтөн арахсыам этэ» дии санаабыта. Онтон сотору Лойут сүүрбэччэ саастаах эдэр кыыһы ойох ылбытын туһунан сураҕы истибитэ.
Лойут даҕаны Мачыананы умнубатаҕа. Төһө да кэлэйдэр, кэнники оҕо төрөөбүтүн уонна кини аатынан оҕону ааттаабытын истэн баран, үөрбүтэ. Бултаан төннөн иһэн, арыт таарыйан Мачыанаҕа кыыл этин, балыгы бэрсэрэ. Биирдэ Лойут Бөлгөөнөй дьиэҕэ баарыгар маннык эппитэ үһү: «Эн сүрэҕэ суоххун. Ордуктаах киһи буолан, ойохпун