ТОП просматриваемых книг сайта:
Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова
Читать онлайн.Название Уһаабыт сааскы түүн
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4183-1
Автор произведения Раиса Сибирякова
Издательство Айар
– Дьэ диэмэ да, сорунаары сорунан, кырасыабай да соҕустан булуохха баар эбит, – ким эрэ сэҥээрэн чалаарар. – Микииттэ Маайаттатын били эспэдииссийэ киһититтэн кыыһа олох «тоҥ» дии. Сып-сырдык, ып-ыраас, мааска оҕотун курдук. Дьэ, улааттаҕына, баасынай баарысынатын ааттааҕа буолан тахсыа. Уол бөҕөтө эккирэтэн бурукучутуо.
Мин куһаҕаным бэрдиттэн кыбыстан ийэбэр саба түһэбин. Киниттэн ураты тугу барытын, кими барытын, ол иһигэр, аан бастаан ити тыллаах дьахталлары, ол ханна эрэ баар Маайатта бааһынай кыыһын абааһы көрөбүн. Сарылыы-сарылыы ытыах эрэ санаам кэлэр.
– Чэ-чэ, бээ хотуйдаар, тохтооҥ, бэлэскит үөнүн хончоҥнотон бүтүҥ! Бии бэйэлээх ийэтин көрсөөрү кэлбит оҕону моһуоктаан түһэҥҥит, – ийэм буойар саҥатын истэммин эрдийэбин.
Дьахталлар күлсэ-күлсэ тахсар тыастара иһиллэр. Мин ийэбиниин көтөхсөн иккиэйэҕин хаалабыт. Ийэм эбээлиин хайдах олорорбутун, детсакка туохха үөрэтэллэрин, тугу аһаталларын ыйытар. Хоһоон ааҕан лабыгыратабын:
Түргэн сыыдам «Газикка»
Төрдүө буолан олорон,
Тиийэн кэллим детсакка.
Чүөчэ эдьиий, дорообо…
«Газик» диэн тугуй? Мин ону билбэппин, билэ да сатаабаппын. Аттыбар ийэм эрэ баар буоллун. Детсакка сарсыарда арыылаах, саахардаах хааһы, күнүс миин уонна торуой сиэтэллэрин, кисиэл иһэрдэллэрин, онтон киэһэ үүтү кытары халаачык биэрэллэрин истэн үөрэр.
– Миигин батыһан манна кэлсибитиҥ эбэтэр дьиэҕэр олорбутуҥ буоллар, билбитиҥ эрэ балаҕан иһэ буолан, наай гыннар арыылаах килиэби мотуйуоҥ этэ. Көр, ол детсад барахсан аһа-үөлэ үчүгэйин, оҕо бөҕөтө баар ини, сыллыый?
Сөбүлэһэн кэҕис гынабын. Дьиҥинэн, мин дьиэҕэ олорорбун баҕас сирбэппин. Күнү быһа бэйэ талбытынан сылдьарыттан ордук, ама, туох үчүгэй баар буолуой? Эһэм туһахтаан кэлэрин кэтэһэн эбэбин кытары түннүгү маныыбыт. Ат туйаҕын тыаһа табыйан кэлэрин истээт, эбэбин туох эрэ диэн хаһыытаппытынан, таһырдьа ойон тахсабын. Эһэм бэрэмэдэйиттэн куобах, сороҕор курупааскы хостоон биэрбитин моонньуттан бобо харбаан, сыһа-соһо былаастаан дьиэҕэ киллэрэбин. Эһэм эбэбин мөхпүтүнэн киирэр:
– Кыыһы, аты баайа иликкэ, тоҕо ыытаҕын? Сунаакы бэйэбэр дылы, кырдьан, сиргэмтэҕэй буолбут, соһуйан, оҕону тэпсэн кэбистэҕинэ, тугу булан ылыахпытый!
Күһүнүгэр эһэм ыалдьыбыта, эбэм этэринии «охтор охтуутугар охтубута». Мин эһэбэр хамсатын уматан биэрэр үлэлэммитим. Удьурхай төбөлөөх хамсаҕа мохуорканы ыга симэммин, испиискэни уматан уот саҕабын, оборон соппойобун. Сороҕор олус күүскэ оборон кэбиһэбин, айахпар кэлбит ап-аһыы буруоҕа чачайан, сөтөллөбүн. Хамсаны эһэм айаҕар үҥүлүтэбин. Эһэм эрэйдээх иитиллибит саҕа сананан үөрээхтиир. «Көр, оҕолоох буолан туһаннаҕым». Эбиитин сыттыгын көннөрөн биэрэбин. Эһэм «хотокубун имэрийиэхпин, илиибин да кыайан көтөхпөт буолпун ээ… чэ, оом баахсан, баран оонньоо», – диэн ботугуруура иһиллэр. Хамсатын дириҥ-дириҥник оборо-оборо, буруону аҥаар дьабадьытынан таһаарар, утуйар-утуйбат сытар. Мин оонньуу сылдьаммын харахпын киниттэн араарбаппын, таҥаска уот кыыма түспэтин көрөбүн. Сотору хамса умуллар, ону ыламмын олоппоско уурабын.
Өтөр-өтөр үөлээннээхтэрэ кырдьаҕастар киирэллэр. Ааспыты сэһэргэһии буоллаҕына, эһэм сүрдээҕин сэргэхсийэр: «Ээ-э, дьэ, диэ да…Били Түөрдүөн Арыыга…» – диэн сэниэтэ суоҕунан сэҥээрэр. Онтон кэпсэтии дьиэ эргининээҕи сонунунан эргийэн, оҕоҕо-урууга кэллэҕинэ, соҥуорар.
Мэхээлэ уола Артыамый үөрэҕин бүтэрэн үлэһит буолбут, Ньукуу кыра кыыһа эргэ тахсыбыт, Микииттэ кийиитэ балыыһаҕа киирбит, оҕолонуохтаах үһү. Ити барыта киниэхэ ыараханнык тиийэр.
– Оо, Өлөксөйүм арҕааттан этэҥҥэ эргиллибитэ буоллар… сатаатар Бөдүөрэ эрэйдээх… – диир, үөһэ тыынар.
Уйбаан оҕонньор уоскутардыы:
– Буолар буолтун кэннэ хайаныллыа баарай, Адаам. Уодаһыннаах сэрии үгүс да ыччаппытын мэҥиэстэн барда. Манна да, боруоҥҥа да. Чэ, ити гынан, баар быстыбат, Мотурууһуҥ биир кыыс оҕону көрдөрдө дии.
– «Хонууттан булла» диэ. Ыал-ыал курдук ньир бааччы олоруох кисилэрбиэт… – сөтөллөн күпсүйэр, устунан иэрийэн, тыына хаайтаран барар.
Мин ойон туран, силлиир иһитин ылан биэрбиппэр, нөрүйэн силлиир, өрүтэ бөтүөхтүүр. Уйбаанныын көмөлөһөн сыттыгын булларабыт. Эһэм сүүһүн тутан көрөбүн, үнүр кэлэ сылдьыбыт биэлсэри үтүктэбин быһыылаах.
– Хайа, Адаам, бу кыыччааныҥ, хата, кимнээҕэр бэркэ ыарыылыыр эбит буолба-ат.
– Ээ, Дьэбдьиэ ханна эмит тахсан бардар эрэ суохтаппат, көрөөхтүүр. Оо, ол эрээри, бачча кыра киһиэхэ ыарыылаппыт да диэн, Айбыт иннигэр аньыыта бэрт буолаарай…
– Кэбиис, туох диэн эттэҥий, бэйэлээх бэйэҥ бас билэр балаҕаҥҥар сытан, бэйэлээх бэйэҥ эт-хаан сиэҥҥэр көрдөрбөккөҕүн…
Эһэм хаар түспүтүн кэннэ өлбүтэ. Миигин дьонум сүбэлэһэн «Хотууна эһэтин манаан сөбүн дьиэҕэ олордо, оҕо тэрилтэтигэр сырыттын» диэн уураахтыыллар. Бастаан утаа үөрэнэн быстыбакка, детсакка бэрт эрэйинэн барарым. Эбэбэр хас эмит төгүл хос-хос соруйтаран, элэ-была тылын этитэн, көрдөһүннэрэн сордуубун. Ыксаан кыйахаммыта буолан: «Дьэ, оччоҕуна, били чыпчаххайбыт ханна этэй,