ТОП просматриваемых книг сайта:
Таптал баар!. Петр Самсонов
Читать онлайн.Название Таптал баар!
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6853-1
Автор произведения Петр Самсонов
Издательство Айар
Сүүрүгү утары син балай эмэ эрдэн, кутталлаах уҥуоргу кытылын түүн ааһарга суоттанан, били холоруктан саспыт хомотугар тиийэн кирийбитэ. Дьэ, кэтэһиннэриилээх түлүк түүн арҕаа эҥээри сабардаан, тыаһа суох халыйан, чуҥкунуур чуумпу кынаттанан, ырааҕы ырааҕынан, чугаһы чугаһынан бүрүүкээн кэбиспитэ. Уолан Харалы сытыы болотун уҥа өттүгэр уурунан, охтоох, кэһэхтээх саадаҕын көннөрүнэн, улаханнык тыаһаабатарбын ханнык диэн, бэрт сэрэхтээхтик эрдинэн, били тирии ураһа турбут сирин туһаайыытыгар чугаһаан иһэн көрбүтэ – ураһата суох. Арай, уһун ураҕаһы сиргэ батары аспыттар. Ураҕас төбөтүгэр муостары сылдьар таба кур төбөтүн уҥуоҕа ыйаммыта уолу кураанах харахтарын оннунан чыпчылыйбакка көрөргө дылыта. Онтон куйахата күүрбүтэ дуу, Аадаҥ аҕатын ууһун субу буолаары турар ыһыаҕар ыксаабыта дуу, икки өттүнэн иҥнэҥнээн, эрдиитин лаппаҕар салбахтарынан эбэ иэнин эрчимнээхтик кырбаталаан, модун сүүрүгү утары дьулуруйан барбыта. Ахсым тыы сыыдам атахтаах соноҕос көлө айанынан эбэ иэниттэн тэбинэн, сөрүүн салгыҥҥа дайан тахсыахтыы элээрэрэ.
Сотору аадаҥнар ыһыахха ыҥырар илдьиттэрэ кэлэн барбыта. Тутатына сүпсүгүрүү, сүүрүү-көтүү, ыһыахха бэлэмнэнэн аалыҥнаһыы саҕаламмыта. Ньилбэкэ Сүүрүк, Бабыа Бөҕө, Тимир Ытыстай эрдэттэн бэлэмнэнэ, куура-хата сылдьаллара. Кылыыһытынан, ыстаҥаһытынан Уолан Харалыны ааттаабыттара. Арай, далла мэндэйэр киһилэрэ суоҕа. Баар-суох ытааччылара Кыраҕы Күөндэ быйыл саас кыылга баттатан, киһи аҥаара буолан сылдьара. Сүүрүк ат эмиэ суоҕа. Арыы-сыа аллар үтүө сирдэрин омук урдустарыгар былдьатан, үүрүллэн-үтүрүллэн сылдьыахтарыттан сылгыларын ахсаана аҕыйаабыта, бэл диэтэр, көннөрү миинэр да миҥэлэрэ татым этэ.
Ол да буоллар болдьохтоох кэмҥэ ыалларыгар тиийэн, ыйыллыбыт сиргэ түһэн, туос ураһаларын туруорунан, от отууларын оҥостунан үөрэн-көтөн, ыһыаҕы ыһыспытынан, оонньууга-көргө кыттыбытынан барбыттара.
Ааттаах алгысчыт тоҕус туруйа уол доҕуһуолланан, сэттэ кыталык кыыс кынаттанан киирэн күнүстэри-түүннэри күөгэйэ эргийэ турар тоҕус томторҕолоох туналы маҥан халлаан тойотторун-хотуттарын, аҕыс иилээх-саҕалаах Аан ийэ дойду иччилэрин бэттэх көрдөрөн, мичик аллатан алгыс тартаран, арчы түһэртэрэн амалыйан, ытык ыһыаҕы аспыта. Ол кэннэ дьэ оонньуу диэн оонньууттан орпута, күрэх диэн күрэхтэн орпута. Дьон-сэргэ барахсан уорааннаах уһун кыһын устата улугурбут сүһүөхтэрин хамсатан, уһуктубут курдук буолбута. Оһуохайдаан ойбуттара, эһиэхэйдээн эҥээрбиттэрэ. Мүһэ былдьаһан мүлүктэһии, хары хапсан харбыалаһыы, тутум эргийэн туруулаһыы, көр-нар, ырыа-тойук буолбута. Эрчим күүстээх от сүмэһинэ булкаастаах кырылыы кыынньа сылдьар кымыһы алыс кыанан тэмтэкэлдьиһии-тэллэҥнэһии да