ТОП просматриваемых книг сайта:
Таптал баар!. Петр Самсонов
Читать онлайн.Название Таптал баар!
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6853-1
Автор произведения Петр Самсонов
Издательство Айар
– Оргууй! Эн үлтү тэпсэн барар дьиэҥ буолбатах! Эйигиттэн тутум үрдүк, харыс өндөс дьоммут биһиги! – саҥата-иҥэтэ чахчы кытааппыт, бэл диэтэр, титирэстииргэ дылы этэ. Онтон оһоҕор тиийэн, уотугар иккистээн ас кээспитэ уонна илии илиилэриттэн ылсан турар уоллаах кыыска туһаайан эппитэ:
– Тоҕойдоруом, куттанымаҥ. Аны кэлэн куттанаргыт сатаммат. Ити күтүр эккириир-эккириир даҕаны, кинини да саба баттыыр күүстэр сотору баар буолуохтара. Хайаан суох буолуохтарай? Орто дойду оҥоһуута да оннук буоллаҕа эбээт. Эһиги куттанымаҥ. Чэ, күтүр өстөөх эккирээн да көрөөхтөөтүн. Хата, мин эһиэхэ кэпсиим. Ээ, ол Даайа да билбитэ, кэпсээбитэ диэхтээн. Соторутааҕыта аҕай бэйэтэ атах сыгынньах сүүрэн тыбыгырайа сылдьар кыысчаан этэ буоллаҕа дии.
Бэрт былыр бадахтаах, биһиги өбүгэлэрбит бу дойдуну саҥа булан, дьиэ-уот туттан эрэр кэмнэригэр эбитэ үһү. Кырдал сиргэ кылыйа оонньуур, аар тайҕаҕа суон тииттэрдиин тустан көрөр күүһүн-уоҕун ортотугар сылдьар, ойох ылар сааһа буолбут Уолан Харалы диэн уола хаан киһи бултуу сылдьан, ол көстөр хайалар тэллэхтэригэр сиҥнэ сытар буор холомону булбут. Хас да холомо тура сылдьыбыт быһыылаах үһү да, ол холомо арыый чөллөөҕө дуу, кэлин ким эрэ оҥосто сылдьыбыта дуу биллибэт эбит. Бу киһи холомо буорун, сытыйбыт, эмэҕирбит мастарын үрэйэн киирэн барбыт. Онуоха, ол буор дьиэ иһигэр соччо айгырыы, үрэллэ илик холумтанын үрдүгэр хас да быластаах уу оҕуһун муоһа кылбайан тахсыбыт. Оччотооҕуга нуучча омук кэлэн, кыһалҕа үксээбит, олохтоох омуктар үп-харчы диэн тугун, кыһыл-үрүҥ көмүс суолтатын билэр буолбут кэмнэрэ эбитэ үһү. Инньэ гынан буолуо, бу уол уу оҕуһун муоһун туора урдустары кытта эргинэн туһанаары хостоон ылбыт, дьиэтигэр илдьэ барбыт.
Сити кэмҥэ кинилэр олохторуттан икки күннүк холобурдаах сиргэ атын аҕа ууһа аатыран-сураҕыран олороро үһү. Баай сүөһүтэ-сылгыта хочону, сыһыыны толору, сирдэрэ-уоттара үчүгэй. Бу Аадаҥ аҕа ууһун баһылыгын кыыһа, этэргэ дылы, таҥас бүтэй тамана сандаарбыт барахсан баара. Били уолбут ол кыыһы сөбүлээбит эбит. Ол иһин үп-харчы мунньунан, кыыһы кэпсэтэн көрөргө, дьол тардыһарга санаммыт. Ийэлээх аҕата буоллар, булдунан, хардаҥ хара тыа тугу бэрсибитинэн айахтарын ииттинэн олорор дьон уолларыгар түөлбэлэрин иһиттэн, бэйэлэригэр тэҥнээх кыыс оҕону, Намылыны, бэлиэтии көрө сылдьыбыттар. Оннук үлүгэр сардааналыы сандаарбатар, таҥара кийиитинии киэргэйбэтэр да, ньургуһуҥҥа тэҥнээх барахсан, аны үлэһитин ооккото сыттаҕа. Кыһыл оҕо эрдэҕиттэн саарбаҕа саһыарыллыбатах, киискэ кистэммэтэх кыыс, хара сарсыардаттан «һай-һат» диэн, ас астаан, иистэнэн, чугас эргин саастыылаах кыргыттарын иннигэр түһэрбэт эбит. Кыыс оҕо барахсан бэйэтэ да, Уолан Харалы аттынан аастаҕына, имэ тэтэрэ кыыһан, сүрэхчээнин ооккото доҕуурга иҥнибит туллук курдук мөхсөн ылара. Уол оҕо бултаан-алтаан, өрөйөн-чөрөйөн кэллэҕинэ,