ТОП просматриваемых книг сайта:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Читать онлайн.Название Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5857-0
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Издательство Айар
– Сыалыһар быарыныы ньалҕаарыйымаҥ, тулаҕытын кэтэнэ-манана сылдьыҥ. Дьон кэллилэр диэн, сиэр быһыытынан көрсүбэтилэр… Буолары-буолбаты мээнэ кэпсэтимэҥ, төгүрүччү кэтииллэр, иһиллииллэр… – Лүксүрээн тордох иһин эргиччи көрө, хаҥас диэки тэлгэнэ сытар таба тириитигэр тиийэн, атахтарын үрдүгэр олордо. – Бу өттүгэр түһүүлэниэҕиҥ, киирэр-тахсар дьону көрөр гына, – Лүксүрээн тайах дарпытыгар эт хоторо сылдьар уолу саҥата суох илиитинэн ыҥыран, дарпыны аттыгар тардарга ыйда.
Тордох иһигэр араан уота күлүк түһэрэн ирбинньэхтэниэр диэри иэгэйэр икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх быган көрбөтө. Бэлэс Боотурдаах аттарын тордох кэннигэр көһөрөн баайталыы, тулаларын көрдүлэр-иһиттилэр. Лүксүрээн араан таһыгар аргынньахтыы олорон сиэл кээһэ, сыалаах эти уура, уоту кытта кэпсэтэн ботугуруу, турукка киирээри көрдөстө, ааттаста.
Хараҥарыыта тордоххо дьон мустан барда. Киирбит дьон бэргэһэлэрин кэннин диэки сиэлийэ, Лүксүрээннээххэ нөрүйэн ыла, эркини кыйа тэлгэтиллибит тириилэргэ чөм түһэн истилэр. Икки хоһуунунан арыаллатан, тилэҕэр охсуллар түгэһэк сонноох Олиндя-Суор Тумус сүһүөхтээх муннун хантаччы тутан киирэн кэллэ. Хоноһолор ханан олороллорун көрдүүрдүү, тула мэлээриҥнии, сыт ылардыы хантаарыҥнаан иһэн, Лүксүрээннээҕи көрөн тоҥхос гынаат, киниэхэ анал бэлэмнэммит олбоххо ааста. Сонун нэлэккэйдэнэн, үрүҥ тугут тириититтэн тигиллибит кулуук бэргэһэтин устан, тобугар уурунна. Суһуох гына өрүммүт күрэҥсийбит уһун баттаҕын кэнниттэн тардан, түөһүгэр түһэрдэ. Муннун хантатан, ыйаастыгас харахтарын симириктэтэ, Лүксүрээннээҕи одууласта.
Таһырдьа хоочугуруур, тилигириир тыас иһиллээт, сүтэн хаалла. Өтөр буолбата, бурҕачыйар тымныы салгыны кытта эһэ тириитин атаҕын тилэҕэр диэри бүрүнэ быраҕыммыт орто уҥуохтаах киһи ойон киирдэ. Эргим-ургум курбачыйа, араан иннигэр тобуктуу түстэ. Икки илиитин өрүтэ уунаҕалыы, киһи билбэт тылынан саҥара, уокка тугу эрэ ыспахтаан, өрүтэ күлүбүрэттэ. Тордох иһин туймаардар сыт тунуйа көттө. Көрөн олорооччулар харахтарын уута бычалыйыар диэри сыҥааҕырдаан бардылар. Бүдүк-бадык быыһынан харахтарын ньуххана, кыҥастаһа сатыы олордулар. Мэдэйэ ойуун ол аайы хамсаныыта, туттуута-хаптыыта түргэтээн барда. Ойон туран, арааны эргийэ үллэрэҥнээтэ. Кутаа барбах сырдыгар илэ-бааччы уот кыһыллыҥы өҥнөөх эһэ өрө үллэҥэлии түстэ. Тула олорор дьон суугунаһа, илиилэрин иннилэригэр ууна умса түстүлэр. Эһэ суостаахтык кылана, сыт ылан хантаарыҥнаата. Илэ-бааччы саллайбыт баһын илгистэ, аһыыларын килэҥнэтэ, суос бэринэн ыардык ырдьыгынаата. Лүксүрээн ойууҥҥа субу саба түһүөхтүү, иннигэр хоруйбахтыы, аҕылаан мэҥийэ түллэҥнээтэ. Эргичийэ-урбачыйа эһэтин төбөтүн кэннигэр сиэлийэ, суордуу кыланна, алыкылаан тоҕо барда. Илиилэрин даллаппытыгар диэл таһыгар турбут хоһуун хаҥас илиитигэр төгүрүк дүҥүрү, уҥа илиитигэр эһэ баппаҕайа бааллыбыт былаайаҕы туттараат, дьон кэтэҕэр түстэ. Лүксүрээн