ТОП просматриваемых книг сайта:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Читать онлайн.Название Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5857-0
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Издательство Айар
– Киһиттэн таһынан туттуулаах буолаҥҥын… Соруйаары ыҥыртардым, – Тыгын дьагдьайбыт киһилии туттан, сыҥаһаттан саарба саҕынньаҕын ылан, саннытыгар иилинэ быраҕынна.
– Хайа диэки кэпсээн кэҕийэн, олоҥхолоон онолуйан кэллиҥ? Тугу биллиҥ-иһиттиҥ, ньимилийэн олорбокко, омолуйан ис.
– Суолу-ииһи кэтэһэн, ыраата иликпин… Ээ, Эбэ бэтэрээ өттүнэн аҕа уустарынан оҥойор айаҕым туһугар сырыттым. Дьон-сэргэ олоҕо кэминэн, ханна даҕаны барар-кэлэр санаалара суох быһыылаах. Ол дьон, бэл, сорох боотурдарын саарба булдугар туруортаабыттар үһү. Быйыл баардыҥы диэн үөрсэллэр.
– Иһит эрэ, Хоноһоой, «оҥойор айаҕым» диигин, ол туһугар ханна баҕарар тиийиэххин, ханна баҕарар олохсуйуоххун сөп дуо?
– Тылым, саҥарар саҥам иһиллэрин тухары, кэриимнээн даҕаны айахпын булунуом дии саныыбын…
– «Омоҕой Баай эрдэхтэн, Эллэй Боотур саҕаттан…» – диэни оһуохайыҥ тылыгар үгүстүк туттаҕын. Ити дьон уонна мин өбүгэлэрим, аҕам Мунньан Дархан туһунан үһүйээннэри төһө билэҕин?
– Оҕо эрдэхпиттэн олоҥхону, үһүйээннэри истибитим элбэх буоллаҕа… Бу диэн, дьиҥ кырдьыгын билбэппин эрээри, үчүгэйи, олоххо тардыһар түгэннэри кэпсиир, ама, омнуоланнаҕай?
– Оннугун оннук даҕаны… – Тыгын, Хоноһоой таһыгар олоруохча буолан иһэн, көнө түстэ. – Оттон мин туспунан, Туймаада хочотун хороҕор муостааҕынан, сыспай сиэллээҕинэн толорбутум, кыайыы-хотуу көтөллөөх кыргыһыыларым, хотун ойоҕум, оҕолорум туһунан кэпсиирдээххин дуо? – Тыгын чыпчылыйбакка эрэ киһитин кыҥастаста. Хоноһоой соһуйан, өрө татыаккаланна.
– Ама! Түөлбэм аҕа баһылыгын олоҕун-дьаһаҕын хайдах билиэм суоҕай? Кыргыһыыга сылдьыспыт кырдьаҕас боотурдартан истибиппин үһүйээн оҥорон кэпсиибин ээ… – алҕас эттим диэбиттии, сүнньүн кистиирдии, ньыкыйа түстэ.
– Дьэ, иһит. Эйигин тэрийэн, манабыл киһилээн, Кыйаар дойдутугар ыытаары гынабын. Ону туох диигин? – Тыгын сандалыттан үс атахтаах чороону ылан, Хоноһоойго уунна, – мэ, мантан ыймахтыы түс, онтон хоруйдаар.
Хоноһоой чороону икки илиитинэн ылан, утаппыт киһилии киллиргэттэ, чачайа сыһан тохтоон, харытын таһынан уоһун соттуна, чороону төттөрү уунна.
– Туох диэхпиний, билэриҥ курдук, алаһа дьиэм, хотун дьахтарым, миинэр миҥэм, дьөрү, торбоһум даҕаны суох… Турар бэйэм бу… Ат биэрдэргин, таҥас-сап көрдөргүн, айаннаан бөҕө буоллаҕа… Ол эрээри, оччо ыраах мээнэ барбатым чахчы. Туох сорудахтаах айанныыбын?
– Миэхэ холоотоххо, эн эдэрчи киһигин. Маннык сылдьан, ааппын ааттатар оҕото, уруута-аймаҕа суох, туман курдук