ТОП просматриваемых книг сайта:
Эн миэхэ соҕотоххун. Галина Нельбисова
Читать онлайн.Название Эн миэхэ соҕотоххун
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5023-9
Автор произведения Галина Нельбисова
Издательство Айар
«Эн миэхэ тугу да эрэннэрбэт буоллаххына сааратыма. Буруйум диэн, мин эйигин сүрэхпинэн сөбүлээбитим. Холбоһон олоро сатааччы эрэ манна элбэх». Айыккабыын, бу Никодимовичпыт ыытар смс суруга. Бэҕэһээ үлэтигэр кэлэн барбытыгар, хаҕыстык кэпсэтэн тарҕаспыттара. Саатар, Любовь Даниловна баар этэ. Ася хотунуттан толлон, киһитин кытта наллаан олорон кэпсэппэтэҕэ. Оҕонньоро бөлүүнү быһа эҥин араас ис хоһоонноох смстарынан тибэн кэбистэ. Онтон сылтаан, Ася эмиэ уута көтөн эрэйдэннэ.
– Тамарочка, иһит эрэ. Короче, Никодимович миигин сааратыма, атын түөтэлэр бааллар диэбит, – Ася үгэһинэн дьүөгэтигэр Тамараҕа үҥсэргээтэ.
– Эппэтэҕим дуо, уон аҕыстаах кыыс курдук томтоллон олор. Маҥан аттаах принц кэлэн илдьэ барыа. Уопсайынан, аҕал миэхэ Никодимович төлөпүөнүн, Милаҕа биэриэм. Саатар, атыттарга буолбакка, биһиги диэки хампаанньаҕа түбэстин. Туох аатай, доҕоор, – Тамара умайыктанан олорор.
– Наһаа күндүмсүйбэтин, барды-ын, бардын, – Ася иннин биэрэр санаата суох, дьүөгэтин курдук «өрө биэрэн» кэпсэтэргэ быһаарынна.
– Ээ, чыычааҕым, уонна бэйэтэ ытаары гыммыт курдук куоластаах. Чэ, кимиэхэ да биэрбэппит, кини эйиэнэ. Ол эрээри, хамсаммахтаа, кырдьык, ытыы олороойоҕун. Эйигин наһаа таптаабыт, ааспыттааҕы тыалырба курдук буолбатах. Дьоһуннаах эр дьон сиргэ-буорга сыппаттар, хотук. Биһиги курдук онтон-мантан булан аҕала-аҕала, этэргэ дылы, «ваннаҕа илитэ-илитэ», сууйан-тараан, эр гынар курдук буолуо дуо? Мин киһибин бу киэһэ хантан баран сиэтэн аҕаллым диэ?! Ыччаттар кулууптарыттан. Мэндээриччи көрөн баран уһун атахтаах, эп-эдэркээн кыргыттары одуулаһа олорор эбит! Уонна баран ааттаһыы бөҕө. Миигин эрэ таптыыр үһү. Онуоха, бу эрэйдээх «ууллан» хаалан, дэлби итэҕэйэн баран олороохтуубун.
– Чэ сөп, Тамара. Кэлин төлөпүөннүү сылдьыам, – Ася суотабайын ыраах элээрдэн кэбистэ. Кырдьык, Никодимович суругуттан улаханнык соһуйда. Кэлэ-бара, ыҥыра сатаан баран кыыһыран эрэр. Эр киһи буоллаҕа дии. Оттон дьэ дьиэтигэр ыалдьыттыы бара сылдьыах муҥа дуу. Тамараны илдьэ барбыт киһи… Ээ, обургум элэгэлдьитэн сытыыката бэрт, тугу эрэ саҥаран, «пал» гыннаран, бэрээдэктээх дьээдьэни өһүргэттэҕинэ да көҥүлэ. Ээ, барбаппын-хайаабаппын. Көр эрэ, өссө «саппаастардаахпын» диэри гынар дуу. Сырыттын, маҥхаҥныы сытыйан…
Оо дьэ, оччоҕо эмиэ чуҥкук олохтонобун дии. Ким сотору-сотору эрийэн, тугу гына сылдьарын, күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын ыйыталаһыай? «Сэрэнэн сырыт», «халыҥнык таҥын, бүгүн тыаллаах», «хобулуктаах атах таҥаһын кэтимэ, аны халтарыйыаҥ» ким да диэбэт буолар дии… Дьахтар буоллаҕа эбээт, кыра да болҕомтоҕо наадыйар. Никодимовиһыҥ урут нуучча ойохтоно сылдьыбыт буолан, дьахтары көрөрү-харайары, «кэмпилимиэнниири» да сатыыр. Онон туохха даҕаны долгуйбакка сылдьыбыт Ася сүрэҕин сүүйдэ быһыылаах. Эрийбэт эбиппин, төһө да саастааҕым иһин, кыыс буоллаҕым дии. Куттуу түһүөххэ. Иэйиилээх буоллаҕына, бэйэтэ урут биллиэҕэ. Арай итиэннэ ончу даҕаны эрийбэтин…