ТОП просматриваемых книг сайта:
Эн миэхэ соҕотоххун. Галина Нельбисова
Читать онлайн.Название Эн миэхэ соҕотоххун
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5023-9
Автор произведения Галина Нельбисова
Издательство Айар
– Уоскуй, чэйгин ис. Бириэмэ көрдөрөн иһиэ, хайдах туох буоларбытын. Син биир эдьиийдэрбин кытта сүбэлэһиэхтээхпин. Тугу да эппэккэ көһөн хаалбат буоллаҕым. Уонна саамай куттанарым – уолбуттан… «Папа буллум» диибин дуо. Оо дьэ, хайдах эрэ барыта, – Ася куукуна аанын сабан кэбистэ.
– Дьиэҕит дэлби эргэрдэ, кыһын тымныйар ахан. Соҕотох үлэһит хаһан саҥа дьиэ оҥостуоххунуй? Аны уолгун атаҕар туруоруоххун наада. Никодимович сиргэ сыппат «вариант». Үөһэ тыына олорума. Ырааҕы, кэскиллээҕи ыралыыр куолута. Эдьиийдэриҥ, эн оннугун булларгын, үөрүөхтэрэ эрэ. Истэригэр ону баҕарар буолуохтаахтар, – Тамара чаһытын көрүнээт, сулбу ойон тураат, тахсан барда.
Ася, остуолуттан турбакка, үүттээх чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа арааһы аттаран саныы олордо.
– Ийээ, эмиэ элбэх саҥалаах Тамараҥ кэлэн барда дуо? Ити кини саҥатыттан дьиэтээҕи дьоно сылайаллара буолуо дуо? Дэлби мэһэйдэттим. Эчи, саҥата улаханы-ын, – Айаал чааскытыгар морс куттар.
– Ол истиэнэ нөҥүө эйиэхэ иһиллэр дуо? – Ася кэпсэтиибитин иһиттэҕэ диэн ыксыы санаата.
– Чуолкай иһиллибэтэр да, күлэрэ улахана бэрт. Наһаа дьиктитик тэһэ баран күлэр түөтэ дии.
– Майгыта буоллаҕа дии, Айаалчыак. Дьоммут көһөн кэлэ иликтэринэ, Элгээҥҥэ баран кэлбит киһи. Туох дии саныыгын? Мантан инньэ отоннуо да этибит, – Ася остуолун хомуйардыы тэриннэ.
– Соторутааҕыта онтон кэлбитим дии, – Айаал тыаҕа барыан баҕарбата сирэйигэр-хараҕар көстөр.
– Алялаах манна көһөн кэллэхтэринэ, Элгээҥҥэ баҕарбыппыт да иһин элбэхтик барбаппыт буолуо.
– Дьээдьэ Клим куоракка кэлэн хайдах сылдьара буолуой? – Айаал ийэтин диэки ыйытардыы көрдө. Оннооҕор Айаал өйүгэр-санаатыгар күтүөтэ Клим олус иһэрэ хаалан хаалбыт, эрдэттэн дьиксинэр.
Оо дьэ, кырдьык, Клим бу өссө дьалхааннаах, киин сиргэ кэлэн, хайдах оннун булар?! Аликка эрэйдэнэрэ буолуо ээ. Тайыыска сөбүлээбэтэҕэ, сэргээбэтэҕэ сөп да курдук.
– Ок-сиэ, эмиэ «дозаҕын» ылан кэлээхтээбиккин дуу. Ходуһаҕар бара сылдьыах буолтуҥ