ТОП просматриваемых книг сайта:
Эн миэхэ соҕотоххун. Галина Нельбисова
Читать онлайн.Название Эн миэхэ соҕотоххун
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5023-9
Автор произведения Галина Нельбисова
Издательство Айар
Альбина барарын истэн балыыһалар эмиэ айманаллар. Кини курдук чэпчэки илиилээх, аанньал майгылаах сиэстэрэ көстөрө саарбах.
– Ийээ, аҕам маҕаһыын ааныгар олорор. Икки буоларын кэтэһэллэр, – кыра уол Андриан киирэн кэлэн саҥарбытыттан Альбина соһуйда.
– От бүтүөр диэри арыгы атыыламмат ээ, Андриан. Чэ, биһиги дьоммут бу үйэҕэ онтон иҥнибэтэх бэйэлэрэ, булан-талан испиттэрэ буолуо. Икки чаас буола илигэ кинилэргэ сокуон буолбатах. Сарсыардаттан саҕалаатылар ини. Эбэҥ арҕаа хочуолунай диэки баран эрэрин көрбүт этэ.
– Чэ, хаһан куоракка барабытый? Ити дьээдьэттэн саатабын, оҕолор наар мин аҕам ханна итириктии сылдьарын кэпсииллэр. «Баран иһэн аҕаҕын илдьэ бар» дииллэр. Эн наар «аҕаҕытын булан аҕалыҥ» диэҥҥин, сосуһа сылдьарбытын дэриэбинэ барыта көрөр. На-до-е-ло! – Андриан көмпүүтэрин клавишатын илиитин көхсүнэн охсон ылла.
– Дьиэбитин атыылаамаары гынныбыт. Биллэрии тахсыбыта ыраатта да, ки-им да ыйыппат. Сүөһүбүтүн хайдах гынарбытын быһаарыныахпытын наада. Эн аа-дьуо маҕаһыын диэкиттэн дьааһыктары таһа сырыт. Мантан инньэ хомунуо да этибит.
– Дьиҥинэн, ийээ, дьиэбит атыыланан хаалара хайдах эрэ дии. Сайын Элгээммитигэр оччоҕо кэлбэппит дуо? – Андриан үөһэ тыынан ылла.
– Оччоҕуна ханнык харчыбытынан куоракка кыһыны быһа дьиэ куортамнаһабыт? Кыһалҕаттан атыылыы сатыыбыт. Дьиэ иччитэх хааллаҕына, аҕаҥ төннөн, манна арыгыһыттар мустар сирдэрин оҥоруо. Аны баһаар ыыталлар дуу, хайыыллар дуу. Чэ кэл, Андриан, чэйдиэх, – Альбина уолун остуолга ыҥырда.
Ася, дьүөгэтэ Тамара ыалдьыттыы кэлэн иһэр сураҕын истэн, түргэн үлүгэрдик хортуоппуй ыһаарылыы оҕуста. Айаал көмпүүтэригэр бүк түһэн баран олорор. Таах даҕаны аныгы оҕолору иэдэппит тэрил буолла. Хамсаммакка-имсэммэккэ уһун күнү быһа остуолга хам сааллан олороллоро доруобуйаларыгар охсуу бөҕөтүн оҥордоҕо. Алялаах тыаттан манна көһөн кэллэхтэринэ, сайын тыа салгынынан тыыналлара тохтууһу. Айаал улаатан истэҕин аайы улахан эрэйинэн Элгээҥҥэ барар буолан иһэр да, окко иҥин көмөлөһөр буолан, кэм тыа салгыныгар сылдьара үчүгэй. Аны «Аҕалара итириктиирэ бэрт, барбаппын. Наар этиһэн, хаһыытаһан тахсаллар» диэн сылтахтанан барыан баҕарбат.
Эмискэ аан собунуога тыаһаабытыгар Ася соһуйан «ходьох» гына түстэ. «Чэ, кини киһи омуна бөҕө, тыаһаппыта улаханын» дии саныы-саныы дьүөгэтин көрсө ааҥҥа барда. Тамарата имэ дэлби тэтэрбит, ыйаастыгас харахтара туох эрэ дьээбэлээҕи этээри гыммыт киһилии кылабачыспыттар.
– Ася, эмиэ киһини уотаары сыалаах эт буһаран баран олороҕун дуо. Аһыҥ минньигэс сыта аантан кэлэр. Никодимович абыраныыһы, – Тамара сонун олоппоско саба бырахта.
– Чэ-чэ, ол бу диэмэ,