Скачать книгу

ити үлэтигэр олорон Егор Никодимовиһы кытта көрсөн, бу утуйар уута алдьанан сыттаҕа дии. Кэлэр өрөбүлгэ дьиэтигэр ыҥырда. Билсибиттэрэ сыл аҥаара буолла. Кэлин наһаа «атаакалаан» эрэр. «Эр киһи хайдах соҕотоҕун олоруой, син сөбүлүүр эрээригин, баран олор» диэн Елена Семеновната үнүр эмиэ ыксатта. Ася, кырдьык, тугу эрэ быһаарыныан наада. Кэлиҥҥи кэмҥэ Егор Никодимович, күн аайы Ася үлэтигэр кэлэн, буолары буолбаты кэпсэтэ сатыы-сатыы олороро сылаалаах буолла.

      Дьэ кырдьык, Ася киниэхэ хайдах сыһыаннаһарый? Бэйэҕэр чиэһинэйдик билин эрэ, Анисья Терентьевна! Таптаабат! Ол чуолкай. Билигин кэлэн уон аҕыстаах кыыс курдук тапталынан «умайара» аастаҕа дии. Ама да ааспытын иһин, киниэхэ да баара өйү-сүрэҕи туймаардар тапталтан өрөгөйдөөбүт, харах уутунан да сууммут күннэр… Ол эрээри, кэргэнигэр таптал буолбатах этэ. Кини олоҕор Слава, Владислав диэн уолан баар буола сылдьыбыта. Билигин кини баарын, туох дьылҕалаах киһи буолбутун сороҕор билиэн олус баҕарар… Ким билэр, билигин даҕаны, баҕар, сүрэх сөбүлүүрэ көһүннэҕинэ, атыннык тыыныа эбитэ дуу. Туох кистэлэҥэ кэлиэй, биэс уонун туолара аҕыйах да сыл хааллар, эр киһи болҕомтотугар баҕарбата кэлиэ дуо. Баҕарар ээ, эр дьон сөбүлүү көрбүт харахтарынан имэрийэ көрүөхтэрин, истиҥ тыллары этэн да ааһыахтарын. Кэргэннээх, дурда-хахха, көмүскэл дьонноох дьахталларга ымсыырар. Степатын кытта, уоттаах тапталынан да холбоспотоллор, иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттара. Дьиҥинэн, аны санаатахха, Ася Степатыгар, били нууччалыы этэллэринии, «по расчету» тахсыбыт эбит. Университеты бүтэрбит сылыгар тыл институтугар тиийээт, ол кыһын кэргэннэммэккэ олорон хаалбыт сааһырбыт уолга Степаҥҥа кэргэн барбыта. Степа дьоһуннааҕынан, майгыта холкутунан сөбүлэппитэ. Ону баара, барахсан сиэри таһынан холку, олоҕун, хаһаайыстыбатын да оҥостон иһэригэр оннук наҕыл туттунуулаах этэ.

      Егор Никодимович саха киһитигэр уһун дьулугур уҥуохтаах, кубархай сирэйдээх, быһата, бэрт интеллигентнэй көрүҥнээх киһи. Эр киһиэхэ сиэри таһынан маҥан. Сиртэн-буортан тэйбит курдук ыраас, чэнчис көрүҥнээх. Мэлдьи таҥаһын тэбэнэн тахсар. Ити тухары тугу булан ылара буолла, тарбахтарынан таҥаһыттан тугу эрэ тыга сылдьар үгэстээх. Үнүр Елена Семеновна ону өйдөөн көрбүтэ, «Никодимовиһыҥ сиэри таһынан чэнчис дуу, хайдах дуу» диэн эрэрэ. Ол эрээри Ася санаатыгар, ыраас, бэрээдэги сөбүлүүр киһи туох куһаҕаннаах буолуой.

      Ол мин доҕордоно, ыал буола сатаабытым диэн, улаатан эрэр оҕом баар дии. Айаалчыгым. Туох диир киһи эбитэ буолла-а? Аны эдьиийдэригэр этиэхтээх. Тайыыска соччо сэргээбэтэ буолуо. Иллэрээ сыллааҕыта Ася эмиэ олоҕун оҥостон испитин уонна табыллыбатаҕын билэллэр. «Эн сааскар билигин киһилии эр киһи бүттэҕэ. Оҕоҕун иитэн таһаар, киһи оҥор. Эмиэ Клим курдук киһиэхэ түбэһэн эрэйи көрөөрү гынаҕын дуу» диэн Тайыыска ончу бобордуу саҥарбыта. Ася эдьиийиттэн кыратык хомойо санаабыта. Хата, кини мэлдьи кэргэннээх, сынньалаҥнык олорор эбит. Оо дьэ, чаһы ырааппыт. Үс аҥаар чугаһаабыт. Саатар кыратык нуктуу түспүт киһи-и…

*

Скачать книгу