ТОП просматриваемых книг сайта:
Ыйдаҥа түүн. Огдо
Читать онлайн.Ира итини барытын истэ сыппыта. Харахтарын уута сыттыгын ибис-инчэҕэй буолуор диэри илиппитэ. Ийэтэ тахсыбытын эрэ кэннэ халтаһаларын туора-маары соттон баран, өрө сыҥпыта.
Оо, ийэм барахсан, эн этэриҥ курдук буоллаар? Миигин таптыырыҥ тухары «оҕом эрэ этэҥҥэ сырыттын» дииргин истэн улааттарбын да, хайдахтаах да түгэҥҥэ аттыбар баар буолуоххун билэбин эбээт. Тоҕо ытыыбыный? Эргэ барааччы булгуччу ытыыр дииллэр. Соҕотох кэмин, кыыс сылдьыбыт дьылҕатын кытта арахсар түгэнигэр хараастыбытын быһыытынан. Оттон мин ол онтон ытаабаппын. Тоҕо эрэ, сүрэҕим тэбиитэ оннук айылаах түргэтээбитэ суох, долгуппутун эмиэ кыайан өйдөөбөппүн. Туох эрэ тымныы аҥылыйар. Хантан? Туохтан? Билбэппин… Ол иһин ытыыбын…
Ира Дьокуускайтан кэлбитэ хас да хоммутун кэнниттэн, кулуубугар үлэлии сырыттаҕына, бэрт дьикти түбэлтэ буолла. Быыс кэтэҕэр олорон урут туттуллубут реквизиттэрин сааһылаан дьаарыстыы сырыттылар. Арай көрөөччү саалатыгар киирэр аан диэкиттэн остуорас Баала саҥата бап-баллыгырас. Туох буоллаҕай диэн худрук Маша сыанаҕа тахсан туран ыһыытаата:
– Баала, туох буоллугут, туох айдаанай?
– Ээ, манна биир киһи сатаммата, киирээри гынар, – диир.
– Кимий? Ыыт ээ, оттон! Кэллин бэттэх, – Маша күүтэ сатаата да, Баала тугу эрэ быһаарсара бүппэтэ.
Онтон эмискэ хааһах саҕа суумкалаах, от күөҕэ киэпкэлээх эдэр киһи хаһыакка сууламмытын бэркэ харыстаан түөһүгэр ыга тутан, күлбүтүнэн киирэн кэллэ.
– Мин… Кынтайаараба Иринаҕа кэллим, – диэтэ.
Итини барытын илэ хараҕынан көрөн турбут, эт кулгааҕынан истибит Маша: «Ээ, Макспыт диэн бу буоллаҕа», – диэн иһигэр быһаара охсубута. Оттон Баала: «Хайыы үйэ хат кыыска хайалара сананар бэйэккэтэй», – диэн билэ-көрө сатыыра баһыйан, тута быһаарсаары балкыспытынан барбытын ити кыыс сүгүннүө баара дуо, быһа хаһыыран тохтоттоҕо үһү диэн, иһигэр кыйахана турбута.
– Кынтайаараба Ирина диэн манна эһиэхэ үлэлиир буолуохтаах, мин ыраахтан кэллим, илдьити тиэрдээри. Баһаалыста ыҥырыҥ эрэ, – эдэр киһи эппитин кубулуппатаҕа, сыана диэки ыга анньан кэлбитэ.
Ити икки ардыгар Ира бэйэтэ тахсан кэлбитэ, үөрбүт-көппүт киһини билбэтэҕэ, хаһан да харахтаабатах буолан, тоҥкуруун соҕустук:
– Туох наадалааххыный? – диэн эрэ ыйыппыта.
– Мин Максим быраатабын, икки эрэ ыйынан кырабын ээ. Ийэлэрбит