ТОП просматриваемых книг сайта:
Ыйдаҥа түүн. Огдо
Читать онлайн.Ити кэмҥэ маҕаһыыҥҥа барбыт Лаапалаах Ньукулайы дьиэҕэ уһаатылар диэн күүт да күүт. Сиэн кыыс, ол аата Ира, минньигэһин сии охсоору түннүгүнэн тахсыах айылаах, кэтээ да кэтээ. Эбэтэ оҕонньорун кэлэр кэмин ааста диэн дьиксинэр. Ол иһин бара сатаан Аамкатын соруспута:
– Тахсан көр эрэ, Чүк иһэр дуо, – диэн ааны арыйан таһырдьа таһаарбыта.
Ити эмиэ «ноо»-лоох. Ньукулай оҕонньор, тоҕото эбитэй, Мөһөөччүк диэн хос ааттаах. Эбэтэ ыттарын кытта итинник быһалыы, кылгас-кылгастык соруйталаан, кэпсэтэр идэлээҕэ. Сотору буолаат, кэлбитин биллэрэн ааны таһыттан тарбаан, Аамка киирбитэ. Кини кутуругун кумуччу туттан аа-дьуо киирдэҕинэ, ол аата чугаһынан бэттэх оҕонньор көстүбэт диэн буолуохтааҕа. Оттон бу сырыыга, кутуруга куймаҥалаан аҕай, иһирдьэ соҕотохто баар буолбутун, эбэтэ үөрэ көрсүбүтэ: «Оо, Аамка маладьыас!» – диэн саҥа аллайбыта уонна сиэнигэр «эһэбит субу чугас кэлбит эбит» диэн сүпүлүөрдээбитэ.
Тэллэх ыт диэн Мөһөөччүк оҕонньор Аамкаларын соччо-бачча баардыылаабата. Үксүн эмээхсинэ көрбөтүгэр хаадьылыыр, оҥостон олорон күлүү гынар кыдьыктааҕа.
– Аамка! – диэн кытаанахтык ыҥырара иһиллээччи.
Ардыгар эмискэ тэһэ кэйдэрбиттии:
– Чүк! Кэл манна! – диэн ыҥырар. Ол аата «Миэхэ кэл, Мөһөөччүк ыҥырар» диир быһыыта.
Онуоха Аамкалара дэйбиир курдук кутуругун муостаны биир гына соспутунан тиийэн кэлэр. Чугаһаабыт ытын: «Көр эрэ», – диэт, ньааҕынаппытынан таһырдьа анньар. Итиэннэ мүчүк гына-гына, тугу да гымматах киһи, уу чуумпутук олорор. Кыһын буоллаҕына, сотору буолаат, ыт айманар, ааны тарбыыр саҥата хойдон барар.
– Һэ, һэ, эн да тоҥноҕуҥ ини, төһө да көп түүлэн, – дии-дии, эһэтэ баран ааны арыйар.
Били Аамка муҥнаах тараччы тоҥон, омунугар тыҥырахтара муостаҕа тоһугураан, халтарыйа- халтарыйа, уҥа-хаҥас харбыалаһар. Оҕонньор ону көрөн:
– Ээ, бодоҥ баара, өйүттэн тахсыбыт дии, бу ичигэскэ тоҥмут аатыран, – диэн тыл ыһыктар.
Аамка ону истэр быһыылаах, аахсан ньаҕыргыы да барбат, кумуччу туттан, кутуругун куймаҥната-куймаҥната, оһох кэннигэр түһэр. Ити киэһэни быһа кини онтон тахсыбат, олох туруулаһан туран иттэр быһыылааҕа.
Бары да бэрт көрүдьүөс эбиттэр, бу санаатахха. Итинник хаадьылаһан син олордохторо эбээт. Биир киһи үйэтигэр балачча саастарын толорон, Ира устудьуоннуу сырыттаҕына, кырдьаҕастар эрэйдээхтэр утуу-субуу бараахтаабыттара. Онон эбэлээх эһэтин тустарынан олус сырдык өйдөбүллээх улааппыта. Оҕо сааһын биир саамай сырдык күннэрэ ол эргэ олбуордаах, кэҥэс тэлгэһэлээх, таһыттан сыбахтаах, олус сылаас-ыраас дьоҕус дьиэҕэ аастахтара.
– Хайа, кэллиҥ дуо, оҕом сыыһа, хайдах сырыттыҥ, этэҥҥэҕин дуо? – ийэтэ, Ира киирээтин, куолутунан төрдүттэн туоһуласпытынан, чэй кутаары ол түбүгэр түспүтэ.
Аҕалара күн баччатыгар диэри олорбот, үлэтигэр сырыттаҕа. Кыыһа куоракка сырыытын тиһэх сонунун дьонтон истибитэ Арыпыана