ТОП просматриваемых книг сайта:
Ыйдаҥа түүн. Огдо
Читать онлайн.Быыбар буолаары турдаҕына биир үтүө күн кулууптан, аҕыс киһи буолан, дьоҕус биригээдэ тэринэн, тэйиччи нэһилиэккэ кэнсиэрдии барбыттара. Ира бу айаҥҥа салайааччы эппиэтинэстээх. Онон сарсыардаттан төлөпүөнүнэн ханна тиийэн, хайдах тэринэн, хаска кэнсиэрдээн, төһөҕө бүтэн төттөрү хоҥноллоругар тиийэ, өссө биирдэ быһаарсан, эрэх-турах сананан айаннаан иһэллэр. Кини ырыатын байаанынан доҕуһуоллааччылар, үксүгэр даҕаны кыыс үрдүк куолаһын таба сатаан, ситэри оонньообокко, ханнык эрэ түгэҥҥэ булкуллан, тиэрэ-маары нуоталары ылан мэһэй буолааччылар. Онно кини үөрэнэн хаалбыт буолан кыһаллааччыта суох. «Куонкурус буоллаҕай» диэн күлэн кэбиһээччи.
– Ира-а, ити күппүлүөтү мин хатылыым эрэ, хос ырыатыгар көмөлөһүүй, кэннин диэкитин кыайан өйдөөбөтөхпүн ээ, – диэн былырыыҥҥыттан көрдөһөн байааннатар уоллара Миисэ Хоруу көрдөһөр.
Нэксиэни нэксиэ диэбэттэр буоллаҕа, күлүү-оонньуу быыһыгар таарыччы кыра эрэпэтииссийэ буола оҕуста. Син бөрөөтүлэр быһыылаах. Уол байаанын син биир туппутунан олорон, тарбахтарынан хонуопкаларын даҕайталаан, тыаһа суох оонньообута буолан, эрчиллэ олордо. Миисэ Хоруу маладьыас ээ, «гитараҕа көһөн хааламмын, байааммын умна быһыытыйбыппын» диир идэлээх. Ол да гыннар бэркэ оонньуур. Кулууп бэйэтин аккомпаниатора, «маһы да охсон муусуканы таһаарыахха сөп» диэн тыллаах Уйбаанабыстара сааһыран, ыарытыйар буолан хаалла. Онон айаҥҥа букатын да сылдьыспат.
Биригээдэ дьоҕус оптуобуһа киэһэлик кулууп таһыгар кэлэн тохтообутун, маҕаһыын аттыгар килиэп уочаратыгар турааччылар, көрө охсон, кэпсэл-ипсэл кэҥии түстэ. Кэнсиэр билиэтэ бүппүт, биллэриини устубуттара ырааппыт. Онон бүгүн туох дьоллоохтор оройуон киин кулуубун ырыаһыттарын истиэх буоллахтарай дэһии ырааҕынан ыырданна.
Кэҥэс сиртэн кэлбит артыыстар буоллаҕа дии, бэрт дьоһуннук туттан-хаптан, кулууп дьоҕус дьиэтигэр киирэн саамыланан бардылар.
– Үс кыыс миигин кытта барсар! – маннааҕы уораҕай уопуттаах харабыла Дуомуна аантан туран үөгүлүүр. – Киэһээҥҥэ диэри сынньаныаххыт, дьиэм киэҥ, сытан да ылыаххыт. Миэхэ урут Марыына Попуоба бэйэтинэн кэлэн тохтоон ааспыттаах, бэлэхтээбит былаатын көрдөрүөм, – диэн ыҥырыытын күүһүрдэн биэрдэ.
Кыргыттар истэригэр былдьасыһыы суох, эрдэттэн ким кимниин барсара биллибит буолан, мөккүөргэ тиийбэт.
– Та-ак, оттон миигин кытта үс уол диэбиттэрэ, – биир аҕамсыйбыт киһи эмиэ ыҥырда.
– Оттон миигин кытта… биир кыыс, – диэтэ, таһырдьаттан субу киирэн, бөтүөхтүү турар эдэр уол.
– Эс! Иккибит ээ, – эппиэттээх киһи Ира соһуйда.
– Суох, Мира Егорова диэн суруйбуттар…
– Хайа?! Оттон мин? – Ира наһаа соһуйда.
– Эн, Ирина