ТОП просматриваемых книг сайта:
Номох буолбут кэпсээннэр. Евсей Лугинов
Читать онлайн.Название Номох буолбут кэпсээннэр
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6114-3
Автор произведения Евсей Лугинов
Издательство Айар
Ыам ыйын ортото, кэтэһиннэрэн-кэтэһиннэрэн, күүтүүлээх кэмнэрэ дьэ кэллэ. Күндэ үрэх үрдүк мырааннарыгар олорор аҕа уустара сэрэхтээх өттүлэрэ ынахтарын-сылгыларын хаайталаатылар. Арай Тараах эрэ оҕонньор наҕылыйан олорон баран, дьон олус аймаммытын иһин, үрэҕи туораан уонча сылгытын хочоттон сатыы үүрэн кэлэн иһэн сынньана түһэн, чэй иһээри амынньыары тоһута сылдьан, дулҕа быыһын көрбүтэ: уу күрүлгэннии күллүгүрээн, көрдөрбүтүнэн туран сүүрүгүрбүнэн барда. «Арааһа, өрүс эһиннэ, хочону уу толоро илигинэ тэскилии охсуохха, сылгылар бэйэлэрэ да батыһан тиийээ инилэр», – дии санаат, солуурчаҕын тоҕо сүөкээт, үс биттэхтээх үрүмэччи тыытыгар харбыаласта. Маар быыһыгар уу туолбута сүрдээх. Ууну-сииги кэспитинэн үрэх үрдүн кырдалыгар тиийбитэ, маарыын үөһэ тардыбыт тыыта субу устан барыахтыы, биэтэҥнии-күөгэҥнии турар эбит. Хата, талахха баайбыта абыраабыт. Сүөрэн, бэйэтигэр тарда охсон, киирэн олорон баран, мыраанын диэки сыыйылыннарда. Аартыгар тиксэн баран, били кырдалын көрбүтэ: уу үрдүнэн таһыйа охсон эрэрэ.
Аллан эбэ уонна Күндэ үрэх хочотун икки ардыгар баар үрдүк булуҥҥа Оҕонньор ууһун өтөҕүн хоту уһугар олорор Уоһук Сахаарап уолаттара биир күн эбэлэригэр киирэ сылдьан, сотору соҕус төннөн кэллилэр:
– Аҕаа, өрүспүт мууһа үөһэ Буор Хайаны бэтэрээ өттүнэн быстыбыт уонна ыраахха диэри ырааһырбыт. Байанай аартыгынан Уҥуор Кээлбиккэ диэри киһи тыынан куттаммакка тахсар буолбут. Онтон Буор Хайа анараа өттүгэр Халҕаннаах сээнинэн муус дьааҥы хайатын курдук өрөһөлөнөн тахсыбыт. Уу буоллаҕына, күөгэлдьийэ-күөгэлдьийэ, кэлэн эрэр. Били киирбит ыллыкпытынан арычча ууттан куотан кэллибит. Арааһа, улахан уу кэлээри гынна.
Ону истэн баран, хаҥас диэки ыарыытын уталыта сып-пыт Уоһук нааратыттан туран, сандалытыгар тайанаат:
– Хайа, ноколор, иэдээн буолбут. Олоруохпут дуо, балаҕан, хотон эркиннэрин көтүрэн, сыһыаран кэтит далаһата оҥостуохха, сүөһүлэрбитин онно таһааран баайталыахха, бэйэбит эмиэ онно хатааһыннахпытына, ордор буолбуппут. Чэйиҥ, тахсыаххайыҥ! – диэн дьаһайаат, сүгүллэн туран уолаттарын кэнниттэн таһырдьаны былдьаста.
Өрүс эстибитин биллэрэн эбэттэн тымныы, уорааннаах салгын охсулунна. Бэрт тиэтэлинэн киэһэ хойукка диэри болуоттарын оҥорон бүтэрдилэр. Сүөһүлэрин онно таһааран баайталаатылар,