Скачать книгу

ханан да көстүбэт ала буркунун түһэрэн, барбыт дьон туһаайыыларынан айанныы турбут.

      Сотору соҕус дьон уолуйбут хаһыыта, ат кистээһинэ бөҕө дуораһыйан иһиллибит да, сыарҕалаах оттор өрө ытыллан тахсан алааһы биир гына ыһыллыбыттар. Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, күүстээх тыал эмискэ уостан хаалбыт. Уол балаҕанын таһыттан көрө турдаҕына, онно-манна үрэллибит дьон бэрт түргэнник хомуллан, кэлбит сирдэрин диэки харбыалаһа турбуттар.

      Тойон ол алаастан барыаҕыттан балаҕаныгар тиийбэтэх, аҕыйах чаҕар дьонун кытта үөр буолан, Бахсы тойоно аатыра сылдьыбыт. Хойутаан хараҥалаппыт айанньыттарга, эргэ быраҕыллыбыт өтөхтөргө көстөр буолбут.

Мэлдьээкэй

      Урааҥхай удьуора, түҥ уус төрүөҕэ, Маайыскай тоҥуһа, Эдьээн нэһилиэгин төрүт-уус киһитэ Уоһук Сахаарап бултууругар, атах тардыстан айанныырыгар үчүгэй аҕай сэниэлээх сылгыта суох буолан эрэйдэннэ. Булда уот кыһыл да, кырымахтаах хара да саһыл буоллун, адаар муостаах тайах да буоллун – кини миҥэ гына миинэ сылдьар соноҕосторо көлөөктөрүттэн, иҥиирдэрин сындааһына сымнаҕаһыттан, көрдөрбүтүнэн туран таһы сыа хаарга уйдаран, халыҥ хаары күрдүргэччи кэһэн куотан хаалан үгүстүк сииккэ сиэллэрэн, хаарга хаамтаран абартылар. Дьэ саҥа эккирэтэн бөтөрүҥнэтэн иһэн маар дулҕатыттан иҥнэн, батырчахтаа-бытынан умса тобуктуу түһэллэрэ ол суох, тоҥуу хаары оймоон баран иһэн, сотору соҕус уҥан, көлөһүннэрэ сарт түһэн, көбүөхтүү иннилэринэн да, кэннилэринэн да барар кыахтара суох буолан, хаарга сытынан эбэтэр кэннилэринэн чинэрийэн иччилэрин баттыы сыһан иттэни түһэллэрэ ол суох. Хаһан сылгы хаарга таалан сытан баран, оронон туран уоскуйуор диэри бултарын суола сойор, ардылара атан ыраатар. Онон, тута бултаммакка, атын туох эмэ албаһынан бултуохха диэри көччүйэллэригэр тиийэллэр. Уоһук бэйэтин сылгыларыттан биир эмэ үчүгэй уҥмат тыҥалаах, быстыбат быртылаах сылгы үөскүүрүн кэтэһэ сатаан кэбистэ да: биир кини санаатын толорор сылгы үөскээбэтэ, чугаһынан оннук сылгы баара биллибэтэ. Ол курдук санаа ымсыылаах сылдьан, Аммаҕа биир ааттаах баппатах атыыр үөскээбитин туһунан иһиттэ. Онон, туох ааттаах сылгыны сүрдээн-кэптээн кэпсииллэрин билээри уонна биэрэр буоллахтарына атыылаһаары, тутуу былдьаһан, өрүс турарын кытта түүлээҕин бастыҥын талан, бэрэмэдэйигэр хааланан, айаны тулуйуо диэбит соноҕоһун миинэн Аммалаата. Эдьээнтэн сүүрбэ көс сири түөрт күн наҕыллык айаннаан, бэһис күнүгэр күн ортото били баппатах атыырдаах ыалы ыйдаран тиийдэ.

      Кэлээт да, ирэ-хоро чэйдээн баран, дьиэлээх киһиэхэ кэлбит соругун кэпсээтэ. Сыанатын ботуччу соҕус бысыһан ол күн бу ыалга хонно. Сарсыарда халлаан сырдыан быдан иннинэ туран, дьиэлээх тойон сылгыһыттара атыырдарын үүрэн аҕалан, үөрүн кытта хаһааларыгар хаайдылар. Тутан бас быалаан биэрээри гыммыттарыгар халыҥ куҥнаах хаҥыл ат туттарбакка үөрүн кыйдыы өрө холоруктана сырытта, хаарчахтарын сиэрдийэтин тоҕо көтөөрү куттаталаата. Кэлин сордоон-сордоон быыс күрүө иһигэр киллэрдилэр да, сылгылара бэриммэккэ кычыгыламмыттыы илин-кэлин атахтарынан тэбиэлэнэн,

Скачать книгу