Скачать книгу

дьиҥ дьыаланан утумнаахтык үлэлэспит уонна бэчээт нөҥүө баар балаһыанньаны аһаҕастык, кырдьыгынан дьоҥҥо-сэргэҕэ арыйан тириэрдибит киһи буолар. Дьэ онтон ыла кини доҕотторо суруйааччы Василий Титов, суруналыыстар Иннокентий Захаров, Уйбаан Уххан, кэлин соҕус Дмитрий Бубякин, Александр Бурцев-Салҕааһын, о.д.а. ити тиэмэҕэ элбэхтэ суруйбуттара. Аан маҥнай И.С. Бурцевы «Чолбон» сурунаалга көрөр-билэр буолбут эбиппин. Кини саха норуотун, үөрэхтээхтэрин чиэһин, үтүө аатын көмүскээн турууласпыт патриот суруйааччы И.Е. Федосеевы кытары билсэрэ, сурунаалга кэлэ сылдьара. Мин оччолорго норуот суруйааччыта Далан сүбэтинэн «Хотугу Сулустан» («Чолбонтон») саҕалаан, бэчээт эйгэтигэр – кинигэ кыһатыгар үлэлии киирбитим дьылҕа хаан бэлэҕэ эбит.

      80—90-с сыллар саҥаларыгар көҥүл санаа, омук кыһалҕата буолар тыын боппуруостары көтөҕөр, сымыйа буруйдааһыннартан көмүскэнэр, ааспыт устуоруйа «үрүҥ бээтинэлэрин» тириэрии, эрэпириэссийэлэнэн умнууга хаалбыт норуот чулуу дьонун сырдык ааттарын төнүннэрии киинэ буолбут Суруйааччы союһун уоргана «Чолбон» сурунаал этэ. Онно үлэлиир умнуллубат сылларбар саха бастыҥ суруйааччыларын, интэлигиэнсийэ, араас эйгэ чулуу бэрэстэбиитэллэрин билбитим, ыкса алтыһан барбытым. Ол дьиктилээх кэмнэртэн ыла Далан, Тумарча, Доосо, Эрчимэн, Бүөтүр Аввакумов, Сэмэн Руфов, Харысхал курдук биллиилээх суруйааччылардыын биир тэрилтэҕэ үлэлээн билсибитим. Софрон Данилов, Савва Тарасов, Моисей Ефимов, Гаврил Колесов, Багдарыын Сүлбэ, Дьөгүөр Алексеев, Баһылай Дарбааһап, Тэрис, Уххан, Дабыл, Уйбаан Ушницкай, Уйбаан Бурцев, о.д.а. саха саарыннарын кытары алтыһар дьолломмутум.

      Оччолорго И. Бурцев, Д. Бубякин, о.д.а. экология боппуруоһун күүскэ көтөҕөн дьон-сэргэ ити кыһалҕаҕа болҕомтотун хатаабыт кэмэ этэ. Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, «Кыым» хаһыакка (21.10.1989) В.Н. Егоров-Тумарча «Северные просторы» киин сурунаал 3 №-гэр «Дом под угрозой» диэн уопсай төбөнөн «Спроси у хозяина» экология проблемаларын сытыытык сырдатар суруйуутун сэҥээриини («Дьиҥ баарынан, кырдьыгынан») бэчээттэппитим. Эмиэ ити сылга Чурапчы Арыылааҕын Көмньө сайылыгар буолбут быһылаан туһунан суруйбуттааҕым. Ону бииргэ үлэлиир дьоммор көрдөрбүппэр, Доосо обургу: «Доруобуйа харыстабылын миниистирин аатыгар ыстатыйаҕын «Аһаҕас сурук» быһыытынан төбөлөө», – диэн өй укпута.

      Уйбаан Бурцевтаах суруйууларыттан тэптэн, Саха АССР доруобуйатын харыстабылын миниистиригэр И.И. Местниковка аһаҕас сурукпар маннык эппит эбиппин: «Ытыктабыллаах Иван Иванович! Уларыта тутуу, иһитиннэрэн-биллэрэн иһии илгэлээх кэмэ буолан, «Кыым», «Молодежь Якутии», «Социалистическая Якутия» хаһыаттарбыт биллиилээх суруналыыстара, народнай депутаттарбыт өрөспүүбүлүкэҕа кутталлаах экологическай балаһыанньа үөскээбитин, кистэлэҥинэн ядернай дэлби тэптэриилэр ыытыллыбыттара ырааппытын, Бүлүү иэдээнин аахсыбакка, ГЭС-тэри уонна АЭС-тары тутарга былаанныылларын, өссө радиоактивнай тобохтору көмөр, кистиир миэстэни бэлэмниир курдуктарын туһунан суруйдулар, аһаҕастык кэпсээтилэр.

      Саха

Скачать книгу