ТОП просматриваемых книг сайта:
Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев
Читать онлайн.Название Кэм кэрэһиттэрэ
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6135-8
Автор произведения Валерий Луковцев
Издательство Айар
Норуот айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн үһүйтэриилээх эмчиттэриттэн биир сүдүлэрэ Фома Петрович Чашкин – Куома Чааскын этэ. Кини олорбут кэмэ ойууну-олоҥхоһуту, отоһуту билиммэт, итэҕэлтэн, урукку үгэстэртэн аккаастаммыт бириэмэҕэ түбэспитэ. Онон дьону эмтиирин бобон, хаарчахтаан, хаста эмэ сууттаан, бэл хаайан, сор хаанын сордообуттара.
Таатта оройуонунааҕы «Коммунист» хаһыат 1948 сыллааҕы 04819 №-игэр (эппиэттиир редактор А.И. Бэстиинэп) Ф.П. Чашкин сууттаныытын туһунан иһитиннэрии тахсыбыт эбит. Онно оччотооҕу кэм тыйыс уораанынан аргыйар маннык хабыр тылы-өһү ааҕабыт: «…(оройуоннааҕы норуот суута) реакционнай идеяны тарҕаппыт Фома Чашкин дьыалатын көрдө. Гражданин Чашкин ыраахтааҕы былааһын саҕана ойууннуу сылдьыбыт, оттон 1946 сылтан ыла… Сууттанааччы… бэйэтин албын быһыытын суут… билинэргэ тиийдэ… Чашкины реакционнай тарҕатааччы быһыытынан көрөн суут 6 ыйга кыһалаҥ үлэҕэ приговордаата». Дьэ итинник эрэйи көрбүтүн үрдүнэн ытык аналын толорон, Куома барахсан хас эмэ тыһыынчанан киһини эмтээн-томтоон үтүөрдүбүт умнуллубат өҥөлөөх. Холобурга, сүүрбэһис үйэҕэ саха норуотун эһэ сыспыт сэллик ыарыыны кини адьас кыайа тутарын оччотооҕу мэдиссиинэ үлэһиттэрэ бигэргэппиттэрэ үгүс.
Мантан аллара ытык кырдьаҕас туһунан икки кэрэхсэбиллээх ахтыыны киллэрэр тоҕоостоох. 2008 с. 83 саастаах Уолба олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Клавдия Гаврильевна Макарова ахтыытынан 1946 с. Ф.П. Чашкин Арсен, Ульяна Петровтар диэн куорат Горькай уулуссатыгар олорор ыалга хаайыыттан тахсарыгар хонон ааспыт. Ол туһунан бу курдук суруйбут эбит: «Мин оскуолаҕа хаһыс кылааска үөрэнэ сылдьарбын соччо чуолкайдык өйдөөбөппүн. Оччолорго балаҕан дьиэлээх этибит. Ол олордохпутуна, киэһэ арай ынахтарын көлүйбүт утуйар таҥастарын тиэйбит дьахтардаах эр киһи хоно киирбиттэрэ. Кыһын этэ. Ынахтарын синньигэр сыалдьа баайбыт этилэр уонна киэһэ хотоҥҥо тахсан хоноһо дьахтар ынаҕын ыабыта. Ити Куома Чааскын бастакы кэргэнинээн Хара-Алдаҥҥа баран иһэллэр эбит. Онно көрдөхпүнэ, боростуой таҥастаах, хатыҥыр оҕонньор курдук өйдүүбүн. Сарсыарда туран, ынахтарын көлүйэн барбыттара.
Иккис көрүүм. 1946 сыллаахха куоракка училищеҕа үөрэнэ киирбитим сурдьубунаан Танялыын. Аҕам аймахтарыгар Арсен Петровтаахха Горькай уулуссаҕа олорорбут. Арай үөрэнэн бүтэн кэлбитим, биир оҕонньор кэлэн олороро. Куома Чааскын хаайыыттан тахсан хоно кэлэн олороро. Арсен Петров Уолба ол иһин кэллэҕэ буолуо. Хаһан да астамматах ас астаммыт этэ. Маанылаан ахан хоннорбуттара. Сарсыарда Арсен өйүөлээн-таймалаан Тааттатыгар атаарбыта. Дьэ бу оҕонньор кэлэн хонуон биир хонук иннинэ мин таһырдьаттан киирдим. Эдьиийим Ылдьаана, оһоҕор сыста олорон, этэрбэс тигэ олороро. Оттон Уолба киһитэ Миитэрэй диэн киһи кинилэргэ олороро. Үлэтиттэн кэлэн, сонун саптан быстах утуйа