ТОП просматриваемых книг сайта:
Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев
Читать онлайн.Название Кэм кэрэһиттэрэ
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6135-8
Автор произведения Валерий Луковцев
Издательство Айар
Нальчиктан төннөрбүтүгэр, куоракка кэлбиппит, хаайтарыы бөҕө буолбут. Маҕаҥҥа сүүһүнэн киhи самолет кэтэhэн олороро. Ол сайын уот кураан сатыылаабыт кэмэ этэ. Киин оройуоннар Ньурбанан эҥин тарҕаhан оттооhун буолбута. Уолбаттан, совхоз атын да отделениеларыттан биригээдэ хомуллан, Ньурбаҕа оттуу көппүттэр этэ. Маҕаҥҥа вертолет Ньурбаттан кэлэн, иккис рейскэ дьону ылан, Тааттаҕа көтүөхтээҕин истибитим. Мэхээлэбинээн сэмээр кэтэhэ сылдьабыт. Тааттаттан киьи бөҕөтө баар. Онтон элбэх киьи остолобуойга аһыы бардылар. Биһигини эмиэ ыҥырбыттарын, барсыбатыбыт. Сэрэйбит курдук, ол кэмҥэ: «Ытык-Күөлгэ вертолет көтөрүнэн, хаассаттан билиэттэ ылыҥ!» – диэн биллэрдилэр.
Биһиги биир бастакынан сүүрэн тиийэн, билиэт ыллыбыт. Уонна посадканы кэтэhэн, аа-дьуо сылдьабыт. Таьырдьа ыраах баар остолобуойтан аһыы барбыт дьон аҕылаан-мэҥилээн, ыксаан-бохсоон кэллилэр. Үгүстэрэ хойутааннар, билиэттэн маттылар. Миэхэ сорохторо: «Вертолет кэлэрин билэр эрээри, тоҕо сэрэппэккин!» – диэн мөҕүттэллэр. Кыһыыта диэн, улахан баҕайы байыаннай вертолекка, борт ойоҕосторугар баар ыскамыайка миэстэтинэн 22 эрэ билиэт атыылаатылар. Дьиҥинэн, ыга симэн төһө баҕарар киһини илдьэ барар кыахтаахтара. Дойдубутугар кэлбиппит кэннэ, аҕыйах хонон баран, силлиэлээх дохсун ардах курулаччы түспүтэ. Онно сылгы үөрүн көрөн өйдөрүттэн сөхпүтүм. Күүстээх тыалга, иҥнэри түһэр, ыаҕастаах уунан кутар ардахха, биэлэр кулуннарын күөннэринэн хаххалаан, ыга симсэн турбуттарын өйдүүбүн. Ол ардах кэнниттэн курааннаабыт, аһыҥа сиэн кубарыччы куурбут ходуһаларга аҕыйах хонугунан от бөҕө ыга анньан үүммүтэ. Инньэ гынан, атын сиргэ баран оттуур кыһалҕа тохтообута.
Михаил Фомичтыын ыаллыы олорор буолан, кини айылҕаттан айдарыылаах киһи буоларын үчүгэйдик билэбин. Биирдэ кинилэргэ киирэ сылдьан, биир эдэр, модьу киһи кэннинэн чугуруҥнаан, ааны кэтэҕинэн аһан тахсыбытын көрбүтүм. Ол киһи ийэтэ Мэхээлэттэн ааттаһар этэ. Мин, төттөрү тахсан бараммын, салгыы тугу кэпсэппиттэрин билбэккэ хаалбытым. Кэлин истибитим, ол киһи арыгытын эмтэтэн баран, кини сэрэтиитин истибэккэ, бобуутун тутуспакка, төттөрү иһэн кэбиспит этэ. Онтон ыла убаҕаһын сатаан кыаммат буолан хаалбыт эбит. Уонна кэлэн, эмчити буруйдуурдуу тыллаһан, Мэхээлэни кыыһырдыбыт этэ. Нэһилиэкпит иһигэр киниэхэ эмтэтэ-эмтэтэ, харыстарын тутуспакка, төттөрү күүскэ иьэр дьоннор бааллара. Ону биирдэ табахтыы-табахтыы сэһэргэһэ олороммут: «Оттон ити дьону өйдөнөллөрүн курдук кыратык моһуоктуу түһүөххүн?» – диэн оонньуу-күлүү курдук эппиттээхпин. Онуоха кини: «Ээ кэбис, бииргэ үөскээбит, бэйэбит дьоммут буоллаҕа!» – диэбитэ…
Биирдэ биригэдьиирдии сылдьан, сиспин тоҥороммун, дьарҕаран улаханнык ыалдьыбыта. Онуоха ыксаан, Сергеев Лазарь Иванович уола Ваня илиитин дэҥнээн моһуогурбутун эмтэтэ барарыгар аргыс буолан, Уус-Алдаҥҥа, Бээрийэ кырдьаҕаһыгар Гурий Турантаевка эмтэтэ бара сылдьыбыппыт. Ол тиийэн чэйдии олордохпутуна, эмчит кэргэнэ хантан сылдьарбытын