ТОП просматриваемых книг сайта:
Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев
Читать онлайн.Название Кэм кэрэһиттэрэ
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6135-8
Автор произведения Валерий Луковцев
Издательство Айар
Бастакылартан биир бастыҥнара
Уйбаан Сэмиэнэбис сэрии тулаайаҕа, эһэҕэ-эбэҕэ иитиллэн, өбүгэ төрүт үгэстэрин, олоҥхо саҕаттан олоҕуран, тутуһуллан кэлбит айыы киһитин кодексын урукку сэбиэскэй иитиини кытары дьүөрэлээн ылыммыт аҕа көлүөнэ ыраас дууһалаах, көнө санаалаах, көмүскэс сүрэхтээх бэлиэ бэрэстэбиитэлэ. Удьуор утумунан аартыгы арыйааччы, саҥаны саҕалааччы буолбута үгүс. Ылсыбытын ыһыктыбат, мэһэйтэн-харгыстан харыастан хаалбакка, дьэ эбии тэптэн, өрө баран туох эрэ түмүгү хайаан даҕаны ылан, туруоруммут сыалын-соругун ситиһэн тэйэр дьүккүөрдээх.
Сахаттан биир бастакынан геофизик-геолог идэтигэр күргүөмүнэн киирэн үөрэммиттэртэн, үлэлээбиттэртэн кинини эмиэ ааттыахха сөп. Аармыйаҕа үс сыллаах сулууспа кэнниттэн 1962 сыллаахха геолог халыҥ хамаандатын үөрэтэн таһаарбыт, онтон ону тохтотон, саҥа геофизиктары бэлэмниир соруктаммыт Алдан техникумугар үөрэнэн идэ ылар. «Геофизик идэтэ соторутааҥҥы кэмҥэ диэри Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду бүттүүнүн үрдүнэн даҕаны бэрт сэдэх идэнэн биллэрэ. Геофизика биһиги дойдубутугар отутус сыллардаахха геология биир салаатын быһыытынан үөдүйэн баран, билиҥҥи кэмҥэ сайдан, кэҥээн, бэйэтэ туспа наукаҕа кубулуйда. Судургутук эттэххэ, минераллар уонна хайа боруодалара магниттарынан, өлүү ыйааһыннарынан, электричествоны аһарыыларынан, радиоактивностарынан уонна да атын өрүттэринэн бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаахтарыгар бу наука олоҕурар. Геофизика гаас, ньиэп, таас чох, тимир рудата, хорҕолдьун, кыһыл көмүс, алмаастаах кимберлитовай туруупка уонна да атыттар ханна, төһө дириҥҥэ сыталларын көрдөөһүҥҥэ аналлаах» диэн кини идэтин туһунан бэрт дьэҥкэтик быһаарбыта.
Араас омук ааттаахтарын ортотугар сирдэриэхтээҕэр, сүрэҕинэн-бэлэһинэн, кыайыгас үлэһитинэн, билиитинэн-көрүүтүнэн, булугас сытыы өйүнэн инники күөҥҥэ сылдьан күүскэ үлэлиир. Тахсыылаахтык үлэлии сылдьан, ордук Мииринэйдээҕи кэмигэр, дьиҥ сахалыы мындыр өйүнэн, омсолооҕу, итэҕэһи-быһаҕаһы кытары эйэлэһимтиэтэ суоҕунан сир баайын хостооччулар үлэлиир истииллэрин, хотугу сир уйан айылҕатыгар көһүүн, бэл алдьатыылаах сыһыаннарын сөпсөөбөт буолан барар. Бырамыысыланнас сир баайын хостуур хампаанньаларын салалтата, кистэлэҥ сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэбиилэри оҥорбуттар, айылҕаҕа тахсар хоромньуну бохсор, содулун аччатар, туоратар, чөлүгэр түһэрэр туһугар миннэрин да тартаран көрбөттөрүн иһиттэн билэр, ону өйө-санаата ылыммат. Ордук урукку Садын оройуонун Бүлүү муоратын анныгар тимирдиллибит Туой Хайа бөһүөлэгин (Олимпиада призера Александр Иванов төрөөбүт-үөскээбит төрүт дойдута) олохтоохторун иэдээннээх дьылҕата уйулҕатын көтүппүтэ.