ТОП просматриваемых книг сайта:
Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн. Валентина Гаврильева
Читать онлайн.Название Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5743-6
Автор произведения Валентина Гаврильева
Издательство Айар
Истэн абыран, оччотооҕу Даайа эмиэ да сөпкө санаабыт эбит буолбат дуо?! Олох диэн – күн аайы, чаас аайы, мүнүүтэ аайы саарбахтааһын, онтон эмиэ да быһаарыныы, эмиэ да саарбахтааһын – дууһа мучумаана… Ити кырдьык. Чахчы оннук быһыылаах.
Оччотооҕу Даайа эрэйдээх ол түүннээҕи санаалара, кини үһүс таптала, түүҥҥү түүл курдук, муокас түүл курдук, күн-дьыл аастаҕын ахсын симэлийдэр-симэлийэн, күн-дьыл ардаҕын-хаарын кытары хайдах суураллыбыттарын, сүүрүгүрдүбүттэрин туһунан аллара кэпсиэхпит.
Төрдүс уонна бэһис таптала
Дьэ туран, онтон киниэхэ төрдүс таптала кэлбитэ. Ээ, чэ, ол ону Даайа өйдүү сатыыр, ырыта сатыыр санаата суох. Сүөдэри кытары субу күҥҥэ диэри бииргэ олоруох быата тарпыта буолуо, туох да уустуга суох, барыта орун-оннугар, буолуохтаах буолуохтааҕын курдук, тахсан испитэ. Студенныы, судургутук. Чэ, ол кинилэр хаста-хаста хаамсыбыттарын барытын Тимирязевка эрэйдээх аллеяларын тииттэрэ эрэ арай аахтылар, көрдүлэр-иһиттилэр ини. Студеннар хаамсаллара кэмнээх буолуо дуо, ол да тииттэр аахайбатылар ини. Оттон Сүөдэр биэс сыл усталаах-туоратыгар бэйэтин Тимирязевкатын уопсайыттан кинилэр, Даайалаах, уопсайдарыгар диэри хаста-хаста таскайдаммытын арай, баҕар, эргэ трамвай халырҕас көлөһөлөрө эрэ көрдүлэр ини. Ол да – саарбах.
Даайа маҥнай Сүөдэри тута сэрэппитэ:
– Көрөҕүн дуо бу суруктары? Во-от! Эн миигин киинэҕэ эҥин барыах диэн ыҥырбытыҥ буоллар…
– Тоҕо?
– Мин атын киһи туһунан саныахтаахпын. Эн мэһэйдээмэ…
– Баһаалыста! Санаан көр, баран да иһэн санаа, киинэни көрө олорон да санаа, кэлэн да иһэн санаа. Киинэҕэ барсыбыккынан санаабат буолан хаалыаҥ дуо? Санаан көр, ол эрэн барсыахтааххын, билиэти таах хаалларыма.
Даайа онуоха «кырдьык даҕаны» дии санаабыта уонна куруутун-куруутун, үйэ тухары бииргэ сылдьыах буолан кэпсэппит табаарыһын туһунан эппитэ:
– Өлүөхпүтүгэр диэри… – диэн кини кэпсээнин түмүктээбитэ уонна, чэпчээбиттии үөһэ тыынан баран, өрө көрөн кэбиспитэ.
Сүөдэр ити күнтэн ыла наар ыйытар идэлэммитэ:
– Хайа, били «өлүөххэ диэри» табаарыс тугу суруйар?
Онуоха Даайа биирдэ иһиллэр-иһиллибэт хардарбыта:
– Суруйбатаҕа ыраатта. Билбэтим…
– Суруйуо-суруйуо. Хата, театрга барыах.
– Мин бэйэм өссө суруйуом. Үстэ суруйдум, эппиэттээбэт, өссө суруйуом. Тылбын биэртим… кини эмиэ уонна баран…
– Ничего-ничего… ыалдьыбыта буолуо.
– Ой, кырдьык даҕаны! Мин сибилигин суруйабын!
Атын куораттан сурук адьас кэлбэт буолбута, оттон Даайа суруйара уонна маннык саныыра: «Баҕар, мин санаабар эрэ буолуо, кини тугу да эппэтэҕэ буолаарай? Куруутун-куруутун, өлүөхпүтүгэр диэри диэн эппэтэҕэ буолуо. Суох, эппитэ дии уонна баран… Итинник гынар сөп үһү дуо? Сөп үһү дуо?!»
Даайа итиниэхэ тугу да булан хардарбатаҕа,