ТОП просматриваемых книг сайта:
Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн. Валентина Гаврильева
Читать онлайн.Название Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5743-6
Автор произведения Валентина Гаврильева
Издательство Айар
– Миэхэ манна да баһаам кинигэ баар. Илдьэ бараҕын дуо? Ыл ээ.
– Тугу?
– Чэ, холобур, маны даҕаны. Чехов. Быыкаайык сэһэн, начаас бүтэриэҥ. Ыл-ыл, аах! Бу, көр эрэ.
– Үчүгэй дуо?
– Оо, ыйытар ээ! Чэ, бэйэҥ ааҕыаҥ. Кыратык кэпсии түһэбин дуу?
– Суох-суох!
– Чэ, бэйэҥ ааҕыаҥ. Чехов бэйэтин туһунан кыратык кэпсиим.
– Суох-суох! Бардым. Ыксыыбын, ыксаан иһэбин. Өлөр да солом суох. Бу киэһэ икки ынаҕым төрүүрэ буолуо. Ыксаан турар буолуохтаахтар. Бардым-бардым.
– Кыратык эрэ…
– Суох-суох! Бардым!
– Кинигэҕи-ин?!
– Аа, чэ, аҕал даҕаны, баҕар, ааҕыллыаҕа… Пока!
Бары ыстаҥалаһан түһэннэр, баһаар буолбутугар ыксаан иһэр курдуктар. Ким ыһыыта тохтон эрэр, ким ынаҕа төрөөн эрэр… Кырдьык, арай кини эрэ туохха да ыксаабат курдук. Бары үлэлэрэ-хамнастара эппиэттээҕэ-дьоһуннааҕа сүрдээх. Саас буоллаҕа дии. Тыа сиригэр саас үлэ үксүүр. Онон, Даайаа, «Ыттаах дамаҕынан» дьону аралдьытыма. Хата, сарсын кырдьык даҕаны ол ферма кыһыл муннугун киирэн оҥорон биэр, «тып» курдук гына. Брошюраларда, сурунаалларда булан киллэр. Хаһыат, кинигэ уонна… уонна, уонна… Уонна бу сибэккини киллэриэххэ. Туох да сиэрэ суох улаатан хаалла, онно, баҕар, ким эмэ быһан ылан бэйэтигэр олордунуо. Манна кыараҕас даҕаны, түннүгү олоччу сабарайдаан турар. Биир эмэ массыынаны тутан ылан бырахтарыа.
– Маамаа, аһыам этэ. Наһаа өр уруһуйдаатым.
– Оо, кырдьык даҕаны, оҕом сыыһа, кэл эрэ. Оҕом үүт иһиэ-иэ. Оҕобун аһатыа-ыам.
– Онтон сытан эрэ кэпсэтиэхпит дуо?
– Кэпсэтэн бөҕө буоллаҕа дии.
– Эн кэпсиэҥ дуу, мин дуу?
– Уочаратынан.
– Эс, эн кэпсээр.
– Сөп-сөп.
– Остуоруйа дуо?
– Остуоруйа.
– Уонна өссө арааһы.
– Сөп. Чэ, аһаа, үчүгэйдик аһаан баран. Оччоҕо улаатыаҥ.
– Улаатыам дуо?
– Улаатыаҥ.
– Оччоҕуна хайыахпыный?
– Улааттаххына, үөрэниэҥ, бэйэҥ ааҕар буолуоҥ, бэйэҥ кэпсиир буолуоҥ.
– Ол аата, элбэҕи билэр буолабын ээ?
– Ы-һы. Чэ, аһаа. Мэ, килиэптэ.
– Ээ, бүттүм. Барыах.
– Бэла, мааманы таптыыгын буолбат дуо?
– Таптыыбын.
– Кэл, бэттэх, чугас сыт. Атаҕыҥ тыбыс-тымныы дии. Бэла улааттаҕына-аа, улахан киһи буоллаҕына, мааматын син биир таптыа. Бэйэтэ үлэлээх, дьиэлээх, оҕолордоох да буоллар, син биир… оччоҕо эн биһи арааһы барытын кэпсэтиэхпит. Чэ, билигин остуоруйалаһыах.
– Чэ!
Бэланы оронугар көһөрүөххэ, ситэ да истибэккэ эрэ утуйан хаалаахтаата. Күнү быһа сахсыллан сылайаахтыыр быһыылаах. Утуй, утуйаахтаа, илиигин баттаама, маннык уур, буо-уот. Утуй!
– Хайа, Даайаа, утуйа оҕустугут дуу?
– Аргыый… Чэй иһэҕин дуо?
– Кут эрэ. Утаттым. Бу тугуй?
– Перчатка