ТОП просматриваемых книг сайта:
Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн. Валентина Гаврильева
Читать онлайн.Название Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5743-6
Автор произведения Валентина Гаврильева
Издательство Айар
– Иһит эрэ, аанньал оҕото-оо, эн сааһыҥ оруобуна отутуҥ буолла, оҕолооххун, оҕонньордооххун уонна бачча сааскар диэри акаарыгын, бырастыы гын, чахчы акаары эн бааргын. Көссүүтэ диэбэккэ, ама! Кэнэниҥ да бэрт ээ. Таптал даа? Ха-ха-хо-хо! Кыбыстыбакка эрэ, эн тугу баары-баарынан ааттыыр-суоллуур сааһыҥ буолла ини. Эн билбэккин, олоҕу билбэккин, дьону билбэккин. Эн диэхтээн… Оо, эн тугу да билбэккин. Манна олорон тугу билээхтиэххиний? Олоҕу билбэккин! Оннооҕор бэйэҥ оҕонньоргун, Сүөдэргин, да билбэккин буолбат дуо? Киһи эрэ барыта билэр кини… Сэрэн эрэ, бу долбуурдаргын кытта олорон хаалаайаҕын, эппэтэҕэ диэн миигин буруйдаамаар, оннук!
– Чэ ээх, билэр буоллаҕыҥ! Бээ, ону-маны онно суоҕу лабаҥхалаама, хата, ыл, дьиҥнээҕин кэпсэтиэх. Наташа Ростованы сөбүлээтиҥ дуо?
– Онно суох ааттаах… Оруна суоҕу мин этээччим суох. Настаа Арамааны кытта көссүүлэһэрэ чахчы! Кими ыйыттыҥ?
– Наташа Ростованы сөбүлээтиҥ дуо диибин.
– Ол эмиэ киммитий? Хантан күөрэйдэ? Эн билэр кыыһыҥ дуо? Ханна олорор?
– Эх, Маайа, Маайа… Оттон үнүр биэрбит кинигэбин арыйбатыҥ да дуу?
– Өлөр да солом суох диибин буолбат дуо? Хайдах өйдөөбөккүн, бу күннэргэ ынахтарбыт… уонна халыҥа бэрт дии…
– Аҕалаар…
– Аҕалыам-аҕалыам. Даайа, эн кыыһырыма, эн миэхэ чарааста уонна сахалыыта булаар, сөп дуо?
– Сөп. Туох туһунан?
– Ээ, ити… тапталлааҕы. «Төлкө» курдугу. Мин ону наһаа сөбүлээбитим ээ. Маайалаах Сүөдэр эрэйдэнэллэр даҕаны, ол гынан баран эмиэ халыҥа бэрт.
– Сөп-сөп, өйдөнөр.
– Даайаа, эн кыыһырыма, ааҕыам этэ да, долуой солом суох. Хата, ыл, биһи кыһыл муннукпутун оҥосторбутугар көмөлөһөөр эрэ. Онтубут адьас кубус-кураанах, соҕотох телевизор эрэ килээрийэн турар.
– Эх, Маайа-Маайа, Матаһыйар Маайа, телевизордаах ыанньыксыт…
– Чэ, мин ыстанным.
– Ыстан-ыстан!
Дьэ Маайа диэтэҕиҥ, биир тылынан Матаһыйар Маайа… Кини – норуот үһү, һы… Ити хантан эрэ истибит тылларын эттэ, ити – кини тыллара буолбатахтар. Норуокка туох наадатын, туох наадата суоҕун кинилэр ол хаһан, хайдах дьаарыстаталаабыттарай? Ону барытын кинилэр билэллэр үһү дуо, итинник тыллаһар дьон? Маайа диэхтээн, хантан эрэ истэн баран, хатылыыр эрэ буоллаҕа дии. Матаһыйар Маайа – норуот буоллаҕына, тоҕо кини норуот буолуо суохтааҕый? Бу сытар картотеката олоччута. Бу, бу! Ким тугу таптаан ааҕарын кини, ама, билбэт үһү дуо? Киһи киһи – тус-туспа. Биир маны сөбүлүө, атын – атыны. Матаһыйар Маайа «Төлкөнү» сөбүлүүр, Арамаан Хемингуэйы ааҕар. Арба, Арамаан туһунан тугу-тугу туойда, ити кыыс? Арамаан уонна Настаа, һы… Сымыйа ини, киһи өйө кыайан хоппот: Арамаан – учуутал уонна Настаа кэргэннээх эдэр кыыс, бүрэ баҕайы, арба, кэргэнэ куоракка үөрэнэ барбыт сурахтааҕа. Арамааҥҥа Настаа наадата суох. Ол ону кини быһаарар үһү дуо? Кини хантан билиэй? Баҕар, кырдьык буолуо…
Кини, Даайа, кырдьык даҕаны кэнэн, акаары быһыылаах. Матаһыйар Маайа сөпкө этэр, сөпкө этэр. Сөрү-сөпкө этэр! Маайаҕа Толстойу биэрэ турбута да баар