Скачать книгу

биэрэр.

      «Кинитэ да суох баччааҥҥа диэри олоруллубута, киэр буоллун», – дии санаан баран Маайа бэйэтин санаатыттан бэйэтэ куттанна. Хоноһо уол, ама, сип-сибилигин, аһаан бүтээт, тахсан барыах бэйэтэ буолуо дуо?!

      – Бэйэ икки ардыгар диэн эттэхпинэ, биһиги биир оҕолоохпутун тыыннаахпытына уйатын буллар дии саныыбыт, – диэтэ Сэмэн Уйбаанабыс быһа-бааччы ыйытар быһыынан.

      Сүөдэр көхсүн этитэр. Кини бу ыал кыыһын сирэрэ диэн баар буолуо дуо?! Өр соҕус олорбохтоон баран, иһиллэр-иһиллибэттик саҥа таһаарда:

      – Эһиги оҕоҕут курдук кыыһы кэргэннэммит киһи, ама, дьоллоохпун дэммэт этээ!

      Харатаайап кулуба үөрэн хараҕа чаҕылыҥныы түһэр. Кини эдэригэр түспүт курдук, эрчимнээхтик хамсанан, күлэн-салан мичилийэр.

      – Эн, биһиги оҕобутун сөбүлүүр буоллаххына, ыйыттаран көрүөххүн?

      – Мин курдук тулаайах киһини эһиги оҕоҕут сөбүлүүрэ биллибэт.

      – Өскөтө сөбүлүүр буоллун?..

      – Дьоллоохпун диэ этим.

      – Ылдьаанаа, оҕобутуттан киирэн ыйытан тахсыах эрэ! – Сэмэн Уйбаанабыс кэргэнинээн кыыстарын хаппахчытын иһигэр киирэн хаалаллар.

      «Кыыстара сөбүлүүр буоллун… Оччоҕо?.. Оо, тоҕо «атыыһыт уолабын» диэн сымыйалаабыт муҥум буолуой?!» – Сүөдэр бэйэтэ бэйэтин сэмэлэнэ олордо.

      – Эмээхсиэн, остуолу бэлэмнээ, аста-үөллэ тарт! – диэн айдаарбытынан Харатаайап кулуба кыыһын хаппахчытыттан ойон тахсар. – Чэ, тоойуом, толору дьоллоох киһи эбиккин, биһиги оҕобут сөбүлүүр!

      Харатаайаптаах дьиэлэрин иһэ үөрүүнэн туолар. Киирии-тахсыы хойдор, кэлии-барыы элбиир. Чугас эргиннээҕи билсэр ыалларын ыҥыртара хамначчыт уолаттары ыыталыыллар. Икки дьиэ оһохторугар улахан олгуйдарга эт буһаран быргыталлар. Хатыыстары кыһаллар. Ампаартан хас да иһит арыгыны дьиэҕэ киллэрэллэр. Улахан уонна орто хосторго хастыы да остуоллары холботолуу тардаллар. Уоллаах кыыс сөбүлэһэн илии тутуһар үөрүүлэрин малааһынныырга тэринэллэр.

      Маайа хаппахчытын иһиттэн көстүбэт. Кини онно саһан сытар. Биллэн турар, төһө да килбигийбитин иһин, Маайа бэйэтин толору дьоллооҕунан ааҕынар. Арай күтүөт уоллара – Сылгыһыт Сүөдэр төһө да үөрбүт курдук тутта сатаатар, сүрэҕэр туох эрэ ыар санаа баара өтө көстөр. Ону дьиэлээхтэр, үөрүүлэригэр тэптэрэн, өйдөөн да көрбөттөр.

      Ылдьаана, күн сиригэр кэлэн булбут соҕотох Маайата субу арахсан барыан курдук санаан, кыыһын хаппахчытыттан арахпат.

      – Тоойуом, Маайа, эн хайдах олороргун мин хантан билиэмий-истиэмий?.. Чугас эргин олохтоох оҕоҕо тахсыбытыҥ буоллар, күннэтэ аайы билсэ олоруом этэ… Дьылҕа-хаан ыйыыта оннук эбит буоллаҕа… Сөбүлүүрүҥ көстүбүтүн кэннэ, таҕыстаҕыҥ дии.

      Оттон Сүөдэр санаатыттан «атыыһыт уолабын» диэн сымыйалаабыта букатын арахсыбат, дьэбиннээх тоһоҕо буолан сүрэҕин аалар.

      Киэһэлик дьиэлээхтэр, ыалдьыттар остуоллары тула олороллор. Арыгы кутуталаан дьалкыталлар. Ийэтэ Маайаны, илиититтэн сиэтэн, күтүөт уол аттыгар аҕалар.

      Эдэрдэри айхаллыы-айхаллыы, алгыы-алгыы арыгы иһэллэр. Маайа икки иҥин хаана тэтэрэн, хап-хара

Скачать книгу