Скачать книгу

намтаан иһэргэ дылы… Ыраахтааҕы төбөлөөх икки манньыаты остуолга лоһурҕаччы уурталаан баран: «Мэ, сиэ! Түксү ньыымырҕаама!» – диэн ыгыта көбүөлээт, Иҥиэччэ уонна Илгиэлимэ диэн икки бухатыыр бырааттан хайаларын эрэ курдук, хаҥас харытын таһынан оһоҕу тоҕо садьыйан кэбиһэн тахсан барыан баҕарар… Манньыат суох, Уйбаан уурайбат. Ырбаахы бүтэй тоноҕоһун уҥуоҕа субуллан, уот кытыытыгар токуччу туттан олорор Уйбаан хаһан да турбакка, тохтообокко сэниэтэ суохтук саҥара олоруох курдук.

      Биирдэ Ылдьаана тулуйбата: ынаҕын ыан хотонтон тахсаат, ыаҕастаах үүтүн Уйбаан иннигэр дьалкыччы ууран кэбистэ, суруйа тардыталаммыт синньигэс хаастара түрдэс гыннылар:

      – Эн уурайымаары гынныҥ ээ, ол икки солкуобай иннигэр бараҥҥын соҕотох ынахтарын былдьаан кэл! Сирэйиҥ сааппат ээ, сатана уола!..

      Бары соһуйдулар. Уйбаан хайдах буолуон билбэккэ ол-бу диэки көрбөхтүү түстэ. Онтон Такыйаах оҕонньор ылгынынан кулгааҕын хаста-хаста, сүрдээх эйэлээх куолаһынан эттэ:

      – Тукаам, Ылдьаанаа, «сатана уола» диэтиҥ дуу, эн?

      – Диэтим…

      – Ол сатана диэн мин аатым буоллаҕа дуу?

      – Хайдах?..

      – Ити киһи аҕата – мин буолбат этим дуо?

      Кэпсэтии атыннык салаллан таҕыста. Аны Ылдьаана тугу этиэн булбата, ыаҕастаах үүтүн харбаата да, таһырдьа ыстанна.

      – Бу тымныыга ити оҕо эмиэ ырбаахынан таҕыста ээ, – диэтэ оҕонньор. Онтон олорбохтоон баран уолугар эттэ: – Уйбаан, кырдьык, олустаары гынныҥ. Киһи саҥаран баран уурайар баҕайыта. Бу да барахсаттар хантан булан биэриэхтэрэй? Эн уурай. Көр эрэ, ол дьааһыгы… – Оронун баһыгар турар кыһыл уонна хара кырааскаларынан туорута сотуллубут эргэ дьааһыгы ыйа олордо. – Онно харчы элбэх. Кинилэр иэстэрин эйиэхэ мин төлүөҕүм. Эн уурай.

      – Ама мин дьадаҥы буруйдааҕым иһин, сыл баһыгар-атаҕар кэллэхпинэ… – Сөдүөччүйэ бөтөн хаалан кыайан саҥарбата.

      – Ээ, Сөдүөччүйээ, кэбис доҕор… Уурайда эбээт… – диэтэ оҕонньор.

      Ол курдук сыттылар. Ылдьаана уот кытыытыгар иистэнэ хаалла. Балачча буолан баран кини кэлэн, тугу эрэ суулуу тутан аҕалан сыттыктарын анныгар уга-уга, обургутук саҥарда:

      – Сыттыккыт намыһах буоллаҕа буолуо…

      Онтон Микиитэ утуйан эрдэҕинэ, хараҥаҕа, ийэтэ сыттык анныттан тугу эрэ оруу тардан ылла да, таҥныбытынан барда.

      – Ийээ, ханна бардыҥ? – диэн уола аймана түстэ.

      Ийэтэ тоҕоноҕунан аста уонна сибигинэйдэ:

      – Бачча оҕо тугун акаарытай, доҕор!.. Эдьиийиҥ кистээн биэрбит эргэ ырбаахытын кэтэбин. Чэ, хаһыытаа!

      Кыра, хатыҥыр Сөдүөччүйэ бэйэтин илдьиркэй ырбаахытын иһинэн үрдүк уҥуохтаах дьахтар ырбаахытын хос кэтэн баран, көрдөрүмээри, өрө тардынан бобо курдаммыта, киһи күлүөх суон буолан сарсыарда турда.

      Баралларыгар Ылдьаана бэрт кыра бурдугу уонна аҕыйах кырбас эти киллэрэн биэрдэ. Уйбаан кэтэһэн олордо.

      Микиитэлээх кунаннарын сыарҕатыгар олорон дьиэлээтилэр. Ылдьаана быар куустан, сэргэ төрдүгэр ырбаахынан туран хаалла. Уйбаан сонун бүрүнэн тахсан аан аттыгар тохтоон

Скачать книгу