Скачать книгу

ылан, аттыгар олордон баран, киниэхэ кэлиэн иннинээҕи «аньыытын» туһунан ыаһыйалаан ыйытар, дар уҥуох илиитинэн кырбыыр идэлэммит.

      Ол сытан ойуун аҕалтаран кыырдарбыт. Ойуун кыыра сылдьан «таарыччы туһалаан» Даайыс үрдүгэр кэлэн түспүт. Даайыс хаһыытаабытынан уҥан охтубут. Абааһы уола сөрүөстэ сылдьарын туппут киһи буолан дьаабыланан баран ойуун эппит: «Ойоххун абааһы уола булбут. Ол иһин эйигин абааһы көрөр эбит. Аны дьэ таптыыр буолуоҕа».

      Нөҥүө киэһэтигэр Даайыс соҕотох ырбаахынан дойдутугар күрээбит. Икки түүн, биир күн айаннаан, дойдутун булбут. Бэһиэлэйэптээххэ барбакка, чуо Дьөгүөрдээннээххэ тиийэн кэллэ.

      Бэргэһэлээх эриттэн күрээн сылдьарын туһунан мааны эмээхситтэртэн үөҕүллэн кэлэн ортоку тарбаҕын төбөтүнэн хараҕын уутун хаһыйан кэбиһэ-кэбиһэ, уоһа титирээтэ.

      Хас да хонон баран Мэхээлэ Бэһиэлэйэп дьөгдьөрүс гына ойон киирдэ, Дьөгүөрдээҥҥэ баайыллан дьабалдьыларын ыттараҥнаппытынан барда:

      – Дьөгүөр Миитэрэйэп Лэглээрин, киһи бэргэһэлээх ойоҕун күрэтэн ылбыккын. Бу сыыһа быһыы. Миигин эппэтэҕэ диэйэҕин. Бу иннигэр тойон иннигэр туруоҥ… Бу дьахтар, эн аны биһиги дьиэбитигэр сылдьаҥҥын ааты алдьатаайаҕын…

      – Сылдьар санаам суох, – диэтэ Даайыс иһиллэ-иһиллибэттик.

      – Туох даа! – Мэхээлэ өһүргэнэн чаҕылла түстэ. – Мин бөлөнөхпөр улаатан кубаҕай маҥан буолтуҥ, үтүө киһиэхэ ойох барбытыҥ.

      – Үтүө киһигин…

      – Туох даа! Сирэйгин үлтү охсон… – Мэхээлэ сахсарыс гына ойон тиийбитигэр Даайыс дьигис да гыммата, өссө хайдах эрэ мичээрдиэх курдук туттан баран сүрдээх холкутук эттэ:

      – Сынньыаххын саныыгын дуу? Мин үтүө киһи бэргэһэлээх ойоҕобун ээ, оҕо буолбатахпын.

      Мэхээлэ ити тылтан улаханнык салынна, сиэрин эрэ ситэрэн хотоойута суохтук айдаарбахтаан баран таҕыста.

      Сарсыҥҥытыгар Дьөгүөрдээн икки уолун батыһыннаран бэйэтин эбэтигэр Дулҕалаах хочотугар оттуу киирдэ. Кинилэр ходуһаҕа үс хонон баран ыкса киэһэ таҕыстылар. Арай балаҕаннарын өһүөтүн устатын тухары туос сылгылар саайыллыбыттар. Ол сылгылар араастаан туттан, сиэллэрэ-кутуруктара охсуллубуттар. Сорохторо сиэлэн тамаһыйан эрэллэр, сорохторо туоруу хаамаллар, күөлэһийээри сытан, төбөтүн ньолбоччу туттан эрээччи эмиэ баар, сорохтор тугу эрэ ыйытар курдук бэттэх диэки туора хайыспыттар. Сылгылар ойоҕосторугар сымса кулуннар күөххэ көрүлээн бырдаҥалаабыттар.

      – Даайыс Эрдэлиир Миитэрэйи кытта сибилигин Таатталаата. «Эрэ эккирэтиннэриэм» дии сытар үһү. Даайыс эһигини көһүтэ сатаан кэбистэ. Бүгүн күнү быһа ити сылгылары кырыйан саайталаата: «Оҕолорго бэлэхтиибин», – диир. Арыый эрдэ да соҕус кэлээхтээбэккин, – дии тоһуйда Сөдүөччүйэ.

      – Кини барарын биһи хантан билиэхпитий… – диэн хомойбуттуу саҥарбытынан Дьөгүөрдээн туос сылгылары одуулаһан өрө хантайан турар уолаттарыгар барда. – Букатын тыыннаах курдуктар… Дьэ нарын тарбах!

      Тааттаҕа ыраах уруута дьадаҥы дьахтарга Даайыс аҕыйах хоммут. Кини ханна эрэ барбыт. Биир кэпсээнинэн, көмүс үлэтигэр

Скачать книгу