Скачать книгу

тутар этэрээттэринэн ыраах айаннарга…

* * *

      Туох да киһи уорбалыырыгар төрүөтэ суох бэркэ бодоруспут, доҕордоспут уоллаах кыыс, ууга-уокка түһүөх айылаах, татакалаһар сыһыаннара суоҕа. Татыйык үөрэххэ барарыгар, Кириил, үлэтигэр буолан, атаара кэлбэтэҕэ. Ону, ханна да буоларын курдук, мэлдьи кэтээччи-манааччы, сыыска түһэрбэккэ, бэлиэҕэ ылбыта эрэ баара. Оттон үлэлээх-түбүктээх уол кэлиэ суохтааҕа эрдэттэн биллэрэ ээ. Хайалара да хомноспотоҕо. Инньэ гынан, үлэх быһыытынан, кыыс куораттан «кэллим, уопсайга олохсуйдум» диэн тэлигирээмэлээбитэ эрэ.

      Итинтэн салгыы, киһи эрэ үөрэххэ туттарсар буоллаҕа эбээт, туох буолуохтааҕа сэрэйиллэрэ. Туттарыахтаах эксээмэннэргэ консультациялар, бибилэтиэкэлэргэ сылдьан ааҕыы, бэлэмнэнии түбүгэ үксээбитэ. Ол аайы билиҥҥи курдук суотабай сибээс, репетитор эҥин хантан кэлиэй. Билсиһэриҥ эрэ, бэркэ тиэтэйдэххинэ, икки-үс тыллаах тэлигирээмэ сыыһа уонна аҕыс айдаанынан холбонор дуу, холбоммот дуу (сибээстэн эрэ тутулуктаах буолан) төлөпүөнүнэн кэпсэтии. Күн аайы сурук суруйар, тэлигирээмэлиир солуута суохха дылыта, төлөпүөннүөҕү туран, аны Кириил олорор эмээхсинин дьиэтигэр итинник тэрил дуостал суоҕа. Сайыҥҥы үлэһит хонтуораҕа олорбото биллэр, сайылыкка-сыһыыга диэбиккэ дылы, бэтэринээр бүгүн – онно, сарсын – манна. Барыта ырыта санаатахха бэрээдэк кэриэтэ чуолкайа.

      Онон, атырдьах ыйын бүтүүтэ, биир үтүө күн, үөрэххэ туттарсан, университекка учуутал үөрэҕэр киирэ охсубут Татыйык, үөрэн-көтөн, дойдутугар тирилэтэн тиийэн кэлбитэ. Алтынньы ыйга диэри дэриэбинэтигэр үлэлээн баран, үөрэх дьыла саҕаланыыта тиийиэхтээҕин истэн, ийэтэ Өлөөнчүк үөрбүтэ. Күһүҥҥү киһи кыстыкка киириэх иннинээҕи наадата кэмэ-кээмэйэ суох буоллаҕа. Онуоха илии-атах буолан көмөлөһүөх оҕо баара санааны эбии көнньүөрдэрэ.

      – Ийээ, хортуоппуйу хостуурга Кириил көмөлөһүөх буолбута, ыҥырабын дуо? – Татыйык биир сарсыарда аһыы олорон ыйыппытын аҕата сөбүлээбэтэҕэ.

      – Бу тухары син бэйэбит оруур этибит дии. Быйыл да кыанар инибит…

      Ити аата аккаас буоларын ийэлээх кыыс өйдөөбүттэрэ. Онон Кириил уол Татыйык күһүҥҥү түбүгэр кыттыспатаҕа.

      – Өлөөнчүк, күтүөттүү сатыыр киһини тоҕо чугаһаппаккытый? Син бэрт уол быһыылаах буолбат дуо? – диэн дьахталлар кистии-саба ньамалаһаллар.

      – Ээ, мин тугун билиэмий, бэйэлэрэ билиэхтэрэ ини, – диэн, кини кэпсээн омунун тэйитэ сатыыр.

      Биир киэһэ Татыйык киинэлээн баран устунан, хараҥарбыт уулуссаны кыйа, Кирииллиин дьаарбайа сырытта. Ону-маны сэһэргэһэн, сайыҥҥы сонуну үллэстэн, күһүҥҥү күлтэйбит ый күлбүтүнэн субу тахсан кэлбитин билбэккэ хааллылар.

      – Табаарыс Татыйык, тымныы соҕус киэһэ буолла. Итиитэ киллэриниэх, иһирдьэ киириэх! – Кириил, оруобуна сыанаҕа тахсан аныгыскы ырыаны биллэрэ турар киһилии тутунна, кэлииккэ аанын биир илиитинэн тутан туран, иккиһинэн иһирдьэ ыҥыран нэлэс гыннарда.

      – Тыый, эбээ барахсан утуйбута буолуо дии? Уһуктаарай? – кыыс буолуммата.

      – Һэ-һэ, эбээ барахсан лотуолуу ойбута эрэ баара. Бэҕэһээ икки чааска

Скачать книгу