Скачать книгу

диэри төрдүлэрин-уустарын ырытан ырааппыттара. Хасыһан да туһа суох. Өлөөнчүк икки, Тиит икки өбүгэлэригэр, хайа да өттүттэн, өтөрүнэн игирэлээх баарын бу диэн билбэтэхтэрэ. Онон, быһата, дьиэ иһинэн бэйэлэрэ сатыылларынан быһаарбыттара, ол аата күтүөт уолун төрдө игирэлээх, биитэр Өлөөнчүк барахсан Татыйыгыттан ордугу оҕоломмотоҕун аайы Айыы Сээн аһыннаҕа, боссоон икки кыыһы тэҥинэн биэрдэҕэ дэспиттэрэ.

      Кириил, икки төгүл аҕа буолан хаалбыт киһи, түбүк бөҕөтүгэр түспүтэ. Били аймах оҕонньор олорор чааһынай дьиэтин тас өттүттэн кытта сууйа сыста быһыылаах. Омуннаах уол оҕото өр гыныа баарай, барыны кикирийэн, ыраастаан, бэтэринээр киһи «стерильнэй» диэни билэрэ да сыттаҕа, кылбаппыта ыраатта. Соннук омунугар тэптэрэн, биир күн икки улахан баалынайы, икки хорсуогу, икки салаасканы булан-талан, сүгэн-көтөҕөн талҕалатан аҕалбытын оҕонньор кытта соһуйа көрбүтэ.

      – Кириил, бу… чэ, хорсуок икки, салааска икки, баҕар, буоллун даҕаны. Улаатыахтара буоллаҕа дии. Оттон бу бачча улахан баалынайга… оҕолоргун бэйэлэрин… сибилиҥҥиттэн биирдии-биирдии олордоҕун дуо? – диэн бэркэ мунааран ыйыппыта.

      Онно эрэ Кириил өйдөөбүтэ, арба да, кыралары бэйэлэрэ сууннарыахтара дии! Оччоҕо тоҕо икки баалынайый?! Улааттахтарына биир-биир уочараттаһыахтара дии! Инньэ диэт, өр гымматаҕа, уол оҕото ыстаннаран тиийэн биир баалынайын төннөрбүтэ, хата, ол оннугар тута, балачча улахан чымадааны атастаһан, атыылаһан-тутууланан кэлбитэ. Бачча элбээбит дьон мантан инньэ маллара-саллара да баһаамныа дии!

      Итини барытын Татыйыкка суругунан кэпсиир. Татыйык, били реанимациятыгар үс хоммута уонна уопсай палаатаҕа көспүтэ. Дьахталлар кинини игирэлэнэн итиннэ сыттаҕа диэн ыйытыга суох өйдөөбүттэрэ. Оҕону аһатыы буолбутугар Татыйык үүтэ аҕыйаҕа бэрт буолан кыралара топпотторун айдаана. «Ээ, наркоз кэнниттэн үүтүҥ төннөн хаалар үһү ээ», – диэн сытар дьахталлар ону көрөн, бэйэ ыккардыгар хайыы-үйэ истибэтигэр сибигинэһэ охсубуттара. Кинилэр күнү-күннүктээн ыанан, эмиийдэринэн оонньоон тахсаллар. Оттон Татыйык, хантан оччону ордорунуой, кыргыттара соппойдулар да тук курдук бүтэн хаалар.

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «Литрес».

      Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.

      Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

/9j/4AAQSkZJRgABAQEASABIAAD/2wBDAAMCAgICAgMCAgIDAwMDBAYEBAQEBAgGBgUGCQgKCgkICQkKDA8MCgsOCwkJDRENDg8QEBEQCgwSExIQEw8QEBD/2wBDAQMDAwQDBAgEBAgQCwkLEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBAQEBD/wgARCAMBAfQDAREAAhEBAxEB/8QAHQAAAgIDAQEBAAAAAAAAAAAABAUDBgECBwgACf/EABsBAAMBAQEBAQAAAAAAAAAAAAECAwAEBQYH/9oADAMBAAIQAxAAAAHk/seoUp0JXXET7bCPKbOUpWPPpRjIqHQs16DEqCsBKN8EhyECq8CN5S4bsNWEpmQb5bZCSom6mdFHBnWYrEphEuXY2vljQqHSwZ0EmSBkkcz6L0KM1m6YjBG0yN0ilCpcnO49OvQ7qcLLTjtXH6HO+6BUaQ4VBa3rn9aVWw2S9L6FodLZi3lgzP7HUlhhADuaNpVhYLguGUyFFXQv0xvjl2GrPVlmYSYmK+jpMMUrzShmaL8B6ac0JAqoR8y1hM3YnWlsiC4QvJ1rHs8MuHDgqBdT66b3yLHMQtZwsenADXY2UdLvByaa8RwGa3+Z6hAOX1atcPbdjnSdBRSwxBQOE2hmwWgFKMEuCJFBElTrmlR/mSF0nO1YyozHGRnmyfOtn52gUJLQUlWQrAVJUZ3UkEvqoxMxI8h1nHScY5mVb2fzQvrNX2IIEXvrhGwtFFoS4VHdB3nLzzisjbmdH06w8Zs0Lczp75uhDqK7laiyYn4WSfnhPSv0c1G0fOucJqbdaFNScAXMJQgvMYjK746RknFi5dLVWKKauHABsxa+edL7KCs4TzOSgpm0Xo+AXvGTKEecB3lMsjj0REbySLrlSDGKDVpeOC/OOiFusEmEQ105e6i98IQV2FjEObT7GvZOy+R7wjksYF1VhdMGeoy3GKKS517yOJylp9tJs1GCfaB/sVnRhjEYJCxkwMj1lrQig+edn5j85NAr9jYZBLbROlgh0spynSgzjGKC8gWFy55EqKX0TEXhIMt5TE6aBUhugq4Z+WsiTu/nd9B9XkrvTUmItfP2JbwDZZgB9z6ef9CE221tjAIqEEJAZCwZ5dyJWbUsxnX7IMDklwjAZ015kswhWB12nTXHcN863ng6w6QkegVpk5SlcouOZqqhrPSh2EmUVi7lgmAzLe+ZAiaxdErcIBW88t6j1aQcodYzJMGmVCrXoMS3s0s156Wrg9Spej

Скачать книгу