Скачать книгу

кэтэхтэн көһөртөрбүтэ уонна Захар ийэтигэр Нина Николаевнаҕа олоро хаалбыта. Быраастартан чугас, киин сиргэ хаалара ордук диэн быһаарбыттара. Инньэ гынан бастакы оҕолоро Артемка төрөөбүтэ. Захар дьэ онно үөрэнэр куоратыгар соҕотох хаалбыт аҕа араас хампаанньаны кытта уол оҕоломмутун сууйан-сотон көрүлээбитэ, сотору ончу да үөрэҕиттэн үүрүллэн хаалбыта. Ийэтэ, кэргэнэ айманалларыттан куттаннаҕа буолан, дойдутугар, дьонугар кэлэн быстыбакка эмиэ эрэйдээбитэ. Төннөн кэлбитигэрбиир дойдулаахтара өйөөннөр, анал үөрэҕэ да суох буоллар, оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлэппиттэрэ. Иккис сылларыгар уоллара Алеша төрөөбүтэ. Эмиэ икки сылынан оруобуна ийэтин көрбүтүнэн төрөөбүт кыысчааннара Яночка баар буолбута.

      Аны дьалхааннаах 90-с сыллар үүммүттэрэ. Захары оскуолатыттан сотору-сотору ууратаары хаайаллара. Бэйэтэ киирэн биэрэрэ элбээбитэ. Оскуолаҕа арыгы сыттаах кэлэр учууталы ким бырастыы гыныай? Төрөппүттэртэн «Захар Трофимович уруогар холуочук кэлэр» диэн үҥсүү суруктар сотору үлэтиттэн букатыннаахтык түөрэҥнэппиттэрэ.

      Олох оҥкула тосту уларыйан, көрүөх бэтэрээ өттүгэр иитэн-аһатан олорбут улахан сопхуостара ыһыллан хаалбыта. Захар оруобуна бу кэмҥэ үлэтиттэн ууратыллан, дьарыга суох буола түспүтэ. Институтугар баран көрдөспүтэ буоллар, баҕар, төттөрү ылан үөрэтиэ эбиттэрэ буолуо. «Тыа хаһаайыстыбатын идэтэ билигин кимиэхэ нааданый, барбаппын», – диэн аккаастанара. Ийэлэрэ аҕыйах сүөһүлээҕэ, онтун да нэһиилэ көрөөхтүүрэ. Дьон бары кэтэх хаһаайыстыбаларын кэҥэттэ сатаан, онтон ас-таҥас булунар кыһалҕаҕа киирбиттэрэ. Ийэтэ, кэргэнэ Варя: «Захар, үлэҥ суоҕунан сүөһүбүтүн элбэтэрбит дуу?» – диэн көрбүттэрин кулгааҕын таһынан истибитэ. Хата, ол оннугар биир да харчыны өлөрбөккө сылдьан куоракка көһүөхтэрин сөбүн туһунан тыллаһар буолбута.

      Захар бу кэмҥэ биирдэ арыгыны амсайда да, тохтообокко салгыы барар, абырахтанан эрэ өрүттэр буолан сылдьар кэмэ этэ. Кини дьиэтигэр эмиэ «чэпчээн», дьаһайара, тойомсуйара элбээн иһэрин көрдөхтөрүнэ ийэтэ, кэргэнэ, оҕолоро бука бары соҥуора түһэллэрин сороҕор өйдөөн көрөрө да, ол саҕана ону долоҕойугар тохтотуо баара дуо! Ийэтэ, кэргэнэ тула көтө сылдьан утута сатаан муҥнаналлара. Аны санаатахха, улам арыгы дьаатыгар сутуллан, ончу атын майгылаах-сигилилээх Захар буолан бараахтаабыта.

      «Дьиэ туттубаппыт дуо?» – диэхтээбитэ Варя. Бэйэтэ ол ыра санаата туоларыгар соччо итэҕэйбэтэр да. Биир эрэ киһи хамнаһыгар, үс кыра оҕолоох дьон хантан дьиэ туттуохтарай? Дьиҥинэн, Захар уруккута буоллар дойдутугар олохсуйарга быһаарыммыт эрээри, ону эрдэттэн толкуйдуохтаах этэ. Ийэлэрин дьиэтэ эргэрэн, акылаата тэллэйдэнэн, улам-улам иҥнэри түһэн бараахтаабыта. Кыһын тымныйара да бэрт этэ.

      Итинник сылдьан үлэ, олорор сир көрдүүбүн диэн ааттаан, сотору-сотору Дьокуускайга баран хаалар идэлэммитэ. Урут соҕуруу бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт атастарын көрсөн хампаанньалаһан, биир эмэ өйдөөх киэһэтигэр аймахтарын булан хонон, нэдиэлэни

Скачать книгу