ТОП просматриваемых книг сайта:
Чуумпу дьол. Александра Спиридонова
Читать онлайн.Название Чуумпу дьол
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5675-0
Автор произведения Александра Спиридонова
Издательство Айар
Кулунчукка тиийбиттэрэ, оҥхой сиргэ түбэһэн, көлөттө сытар эбит.
– Уу, чээн, биһигинэ суох кыайан туруо суох эбит, сөпкө кэлбиппит!
Кулунчугу өрө тартылар. Түөрт атаҕар нэһиилэ уйуттар, байааттаҥныыр. Аны эмиэ сууллан түһүө диэн, дьон кулунчуктарын өйөөн-убаан, суол чигдитигэр таһаардылар. Көмүрүө хаар мууһура сыстыбытын ыраастаатылар, тэбээтилэр.
Ол турдахтарына, чараас ойуурунан быысаһан чугас сытар Хорбочукаан алаастан сылгылар сүүрэн иһэр тыастара иһилиннэ. Бэйэтэ көстүбэт эрээри, эрчимнээхтик мөҕүрүүр саҥа иһилиннэ, кини кэнниттэн эдэр биэ кистээн дьырылатар. Ол кэннэ син ыраах соҕус, алаас саҕатыгар арбайбыт хара сиэллээх атыыр ойон таҕыста. Дьон баар эбит диэн толлубата, таныыта бу тартайан, уордайбыт уоттаах харахтара умайан, көтүтэн аҕай иһэр. Кэнниттэн били биэбит, үҥсэргиир курдук, синньигэстик эйээрдэн кистиир, тамайа сиэлэр. Туйахтарын анныттан чигди хаара ыһыллаҥныыр, чабырҕыы тыаһыыр. Сир ньиргийэргэ дылы гынар!
– Оо, куһаҕан буолаары гынна!
Кулунчуктарын хаалларан, дьон абырыахтаах-быыһыахтаах массыыналарын диэки сырыстылар. Кулунчук, хантан эрчимирбитэ буолла, кэннилэриттэн батыһан барда. Ыксал тирээтэ. Атыыр субу сабырыйан иһэр. Махсыым, уобан турбут сигэриэтэтин силлээт, массыынатыгар ойон киирдэ. Массыына улгумнук эстэн абыраата.
– Туох-туох буолла, тоойуом? – Хабыынаҕа сиэнин көтөҕөн олорор эмээхсин сураста.
– Атыыр!
– Атыыр даа?! Оо, үлүгэр! Дьону тэпсэрэ буолуо, былыр хаһан эрэ…
Махсыым эмээхсини истибэт, массыынатын кэннилэтэн, куотан иһэр дьоҥҥо чугаһаан биэрдэ. Эмээхсин тугу эрэ кэпсиир… «Саһарҕам суһумнуура эн чэбдик иэдэскэр… Саһарҕам суһумнуура эн чэбдик иэдэскэр!» Егоровтар туох буолан эрэрин хантан билиэхтэрэй, сырдык ырыалара кустук өҥүн курдук кутуллар. Махсыым аанын арыйан, быган олорон, өссө кэннилээтэ. Атыыр кулунчукка чугаһаабыт диэн тиийдэ. Кулунчук тохтообот, сүүрэ сатаан бэдьэйэр, саһархай туйахчааннара дьэҥкэрэллэр.
Дьон бары халыҥ таҥастаах, сорохторо баата ыстааннаахтар, сүүрэр икки, хаамар икки ардынан кыаһыламмыттыы кыпсыҥныыллар. Сэниэ эстэрэ чугаһаата! Сатаатар, сылгыттан куотан иһэллэрэ дьиибэтэ сүрдээх быһыылаах, күлсүү бөҕөтө, тиистэрэ эрэ килбэҥнэһэллэр. Эр-биир массыына хоппотугар ыстаҥалаһан таҕыстылар. Учуутал кыыс саамай бүтэһик, сүүрэ сатаан сахсаҥныыр. Түүлээх халыҥ бэргэһэтэ эһиллэн, суолга түспүтүн ылаары, хайыһан көрдө даҕаны, салынна. Кугастыҥы өҥнөөх уһун баттаҕа ыһыллан хаалбыт, сааскы сырдык халлаантан саҕылла сандаара истэ. Ол тухары күлэн мичилийэ сылдьар.
Махсыым массыынатыттан ыстанан түстэ, массыына хоппотугар кыайан тахсыбакка, хатаастан хачымахтаһа сатыыр кыыһы хаардаах хаатыҥкатын тилэҕиттэн тутан, часкыппытынан, дьон үрдүгэр умсары анньан кэбистэ. Бэйэтин баайыы бэргэһэтин эһэ охсон ылан, кыыс көхсүгэр бырахта. Массыына барылыы түһээт, субу битигирэйэн кэлбит атыыртан куота турда. Атыыр, уордайбыт уоҕар сырсан көрдө да, сиппэтин билэн, бэрт имигэстик