Скачать книгу

дьарыктанар биир дойдулаахтарын кытта үлэлиир, кинилэри таһар суоппар быһыылаах. Кийиит Ангелина оҕо бырааһа. Таҥара көмөтүнэн, үчүгэйкээн кийиит! Биэс саастарын туолбут Петя уонна Павлик диэн игирэ уолаттардаахтар. Кыыһа Оксана экономист идэтинэн үлэлиир. Күтүөт Аркадий, пединститут физкультурнайын бүтэрбит уол, оскуолаҕа учууталлыыр. Кинилэр эрдэ ыал буолбут буолан, соҕотох кыыстара Милана быйыл оскуолаҕа барбыта. Күтүөт эмиэ киһи хайдах да сирбэт оҕото, ийэтэ эрдэ олохтон баран, тулаайах кэриэтэ иитиллибит буолан, бэрт сиэрдээх майгылаах, дьоһун киһи. Луиза сэмээр кийииттээх күтүөтүттэн үөрэр, төттөрүтүн, сороҕор бэйэтин оҕолоруттан хомойо-хоргута саныыр. Туох эмит мөккүөргэ түбэһэн хааллаҕына, кийиитин, күтүөтүн көмүскэһэ олорор буолар ээ.

      Иван Даниловичтыын билсэн, куоракка киирэн эрэрин бастаан кыргыттарга – кыыһыгар уонна кийиитигэр кэпсээбитэ. Күһүөрү Иван Даниловичтыын илэ көрсөөрү анаан-минээн куоракка киирэ сылдьыбыта. Хас да күн куорат кытыытынан онно-манна сылдьыбыттара, Иван массыыналаах буолан күһүҥҥү кэрэ айылҕаҕа да күүлэйдээбиттэрэ, хас да эрэстэрээҥҥэ олорон тото-хана сэһэргэспиттэрэ. Кийиитигэр кэпсээбитин Ангелина саҥата суох мичээрдии истибитэ. Кыыһа Оксана, омуннаах бэйэлээх, ийэтин быһаарыныытын сөбүлээбэтин биллэрбитэ, онон кыыһырсан, кинилэргэ биир эрэ хонон баран, уолун аахха олорбута. Оттон Иван Данилович кыыһыгар Дайаанаҕа ол кэмҥэ сатаан эппэтэҕэ быһыылааҕа, онон, дьиэтигэр эҥин ыҥырбатаҕа, сырытыннарбатаҕа.

      Луиза Никитична сарсыардаттан суотабайын көрбөккө сылдьан баран аспыта: сурук бөҕө кэлбит эбит. Оо, бу билсиһии бөлөҕөр ордук алтыспыт Настя диэн үөлээннээҕэ суруйбут: «Луизаа, дьэ бөлөххө эһигини кэпсэтии бөҕөлөр. Учуутал чүөчэбит юрист оҕонньорбутун уоран илдьэ барда дэһэллэр. Биирдэ өйдөөбүппүт, Иванныын иккиэн бөлөхтөн тахсан хаалбыт эбиккит дии. Холбоһон эрэллэр дииллэр дии, кырдьык дуо?» диэн буолбут. Оннук кэпсэтии, ырытыһыы буолуохтааҕа таайыллар этэ. Бөлөх эмиэ туспа олохтоох. Бээ, Иван бөлөххө Луизаны киллэриэхтэрин инниттэн баар эбит. Настя кэпсииринэн, киниэхэ санааларын ууран, үтэ-анньа сатаабыт кэрэ аҥаардар бааллар үһү. Киһи ону баалаабат: хас биирдиилэрэ олохторун оҥостуохтарын баҕалаах дьахталлар киирдэхтэрэ дии. Оо, Ольга салгыы тугу эрэ суруйда буолла?! Дьиҥинэн, кини ватсаабынан олох үлүһүйбэт, санаата батарбакка, суруйаахтаабыт буолуохтаах. Луиза хайыа баарай, балтын аатын булан, тугу суруйбутун ааҕарга быһаарынна. Хараҕын симнэ, үөһэ тыынна уонна баттаата. «Чэ, быһаарынан бүтэн олорор киһини тыытымыым. Ол эрээри, ама да аныгы кэм тэтиминиин барсыбытыҥ иһин, учуутал эҥин ааттаах киһи, бачча сааһыран баран хаһан билбит-көрбүт киһигэр сөбүлэҥҥин биэртиҥ буолла?!». Ольга уоскуйбат эбит. Бээ, туох эрэ диэн сэрэнэ соҕус эппиэттээбит киһи… Луиза балтыгар сымнаҕас соҕустук туох диэн суруйуон билбэккэ, суотабайын одуулаан олорон хаалла.

* * *

      – Оччоҕо эдьиийиҥ куоракка көһөн кэлэр буолбут дуу, Никитична? – Ольга пансионат хоһугар бииргэ олорор Евдокията сэрэниин-сэрэнэн

Скачать книгу