ТОП просматриваемых книг сайта:
Дьыбардаах дьылҕа. Сайдам
Читать онлайн.Название Дьыбардаах дьылҕа
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4534-1
Автор произведения Сайдам
Издательство Айар
Кууһума уолун Сеняны өйдөөн кэлбитэ, кини арыгыга олус үөрэрин-көтөрүн, эгди буоларын атыҥырыыра эрээри, сүбэһит буолбатын билэрэ. Кини дьиксиммит сибикитэ сымыйа буолуоҕун олус баҕарбыта. Оннук сибикини Кууһума, оттон, биллэ ини диэн уоскутуммута.
«…Ээ, онно мин тугум наадатай, соҕотох бэйэбин да кыайбакка сылдьан, аны дьону сэмэлээн кэбилэнэн бардаҕым үһү!» диэн мөҕүттүбүтэ…
Табаҕын тобоҕун уокка бырахпыта, остуолугар кэлэн ыстакаан кыра аҥаарынан арыгы куттубута. Таһырдьа тахсан терраса холодуопкатыттан эдьиийэ бэрсибит аҕыйах кырбас сыалаах убаhа этиттэн биири булан киллэрбитэ, оһох билиитэтиттэн салгыы оҥоһуллубут кирпииччэ холумтаҥҥа ириэрэ уурбута. Ирэрин кэтэспэккэ, тэһийбэккэ, ыстакааннаах арыгытын иһэн кэбиспитэ, ол кэннэ муустаах ууну «батыһыннарбыта».
Ситэ ирэ илик эти быһаҕынан бысталыы сатаабыта, сатамматаҕын иһин чохороон сүгэнэн быһыта сынньыбыта. Сүгэтин миэстэтигэр ууран эргиллэн иһэн, этэсиэркэттэн Далан «Дьылҕам миэнэ» кинигэтин тутан кэлбитэ. Арыгы куттан испитэ, сокуусканы балайда сиэбитэ. Тымныы сыалаах эт Дьоҕур оргуйар иһин сөрүүкэппитэ, уоскуппут курдук буолбута.
Ороҥҥо тиэрэ түһэн сытан, кинигэ бэлиэтэммит лииһин арыйан, «балтым көрсө кэлэр» диэн кэрчиктэн Далан балта Еля дьүөгэтинээн хаайыыга көрсүһэ кэлбиттэрин, ас аҕалбыттарын туһунан булан ылбыта: «… Камерам дьоно кыргыттар миэхэ аҕалбыт астарын үллэстэн үөрэ-көтө аһыыр кэмнэригэр, мин санаам букатын атын сиргэ баара – ол дьонум тустарынан этэ… Кинилэр кыһалҕалаах олохторун чэпчэтэрим, көмөлөһөрүм оннугар, кинилэри эбии кыһалҕаҕа түһэрдэҕим» диэн этэ.
Дьоҕур бу тыллары ааҕаат тохтоон хаалбыта, кинигэни түөһүгэр саба уурбута. Бу ыарахан тыллар тыыннара киниэхэ баттык буолбуттара, кинигэни ылан аттыгар ууруммута, ону кытта харахтарын уута икки иэдэстэринэн сүүрбүтэ.
«Аҕам муҥнаах эрдэ өлөн, мин арыгыһыт буолбуппун билээхтээбэтэҕэ, ийэм эрэйдээх төһөлөөх эрэйдэммитэ, мин көрбөппөр ытаабыта-соҥообута буолуой! Орто дойдуга төрөөн ийэбин, чугас дьоммун үөрдэр, үлэлээн иитэр, сиэннэрин биэбэйдэтэр оннугар итирэн, иирээки буолар дьүһүммүн, хабырынан хачыгырыыр дууһам хаһыытын, сатала суох салаҥ тылларбын, үөхсэр-кэмиринэр майгыбын эрэ көрдөрдөҕүм. Оо, дьэ, б… да баҕайы, дьиикэй да быһыы, бэйэмсэх бэдиктэн онтон ордук туох кэлиэй? Туох айылаах таҥнары кыраабыт дьылҕаны сүгэһэр гынан илдьэ сылдьабыный, эрэйдэнэбиний, тулабын муҥнуубунуй?! Абаккалаах олох, дьыбарынан дьааһыйар дьылҕалаах, төттөрү сүргүөхтэммит төлкөлөөх, оннун булбатах сибиэн буолан сырыттаҕым, оттон. Хайыамый, дь…», – диэн уһуутаабытынан оронуттан ойон турбута, ыстакааны толору арыгы куттан биир тыынынан киллиргэччи иһэн кэбиспитэ.