Скачать книгу

хата Иирэбит кэллэ. Маладьыас, оҕобут «Биригэдьиирэ» диэн, «Марыыната» диэн, хата ыллаа эрэ, истиэҕи», – дэһэллэрэ туохтааҕар да үрдүк хайҕалга тэҥнээҕэ.

      Эһэлэрэ Ньукулай оҕонньор сылгыһыт этэ. Кыһын тоҥон-хатан хоочугураан тиийэн кэллэҕинэ, эбэтэ чаанньыгын үрдүгэр түһэрэ, күөһүн-аһын көрүөх бэтэрээ өттүгэр остуолга тарда охсоро. Ирата кэлэн эмиэ тэҥҥэ олорсор, эһэтэ барахсан аҕыйах тиистээх айаҕар, лэппиэскэтин тоорохойун бэркэ дьоһуннанан олорон, хайдах ыстыырын кэтиир. Онтон, олороон-олорон баран эмискэ, оруобуна кини курдук ыстаан ньоймоҥнотон, эбэтин иэрийиэр диэри күллэрэр идэлээҕэ.

      Лөкүөрүйэ ыскаабыттан ылан, арыллыбыта быданнаабыт буоккалаах бытыыккатыттан кыра үрүүмкэҕэ кутар уонна оҕонньорун иннигэр уурар. Оччоҕо Ньукулай бастаан баттаҕын, сүүһүттэн кэтэҕин диэки өрө анньа-анньа, ытыһынан имэрийэн сыҕайталыыр уонна, дьэ, бытаан баҕайытык уоһунан бигээн сыпсырыйан, оргууй аҕай тыыммакка да хантатан кэбиһэр. Эмээхсин ону кэтэһэн аттыгар олорон, оҕонньоро үрүүмкэтин уураатын кытта, илиитигэр эрдэттэн тутан олорбут килиэбин тооромоһун куду анньар. Эһэлэрэ аһыырҕатан, хараҕын быһа симпитин итиччээҥҥэ диэри аспакка да олорон, илиитин иминэн килиэбин харбаан ылаат, муннугар саба тутта охсор уонна тыастаах баҕайытык сыыгыначчы сыллаан ылар. Бүттэ. Тымныыга тоҥо сыспыт оҕонньор, мантан киэһэ итинник эмтэнэн, итии киллэринэр уонна этэ-сиинэ сойо илигинэ оронун былдьаһар.

      Эбэлээх эһэтэ үтүөкэн да дьон этилэр. Барахсаттар биирдэ этиһэн дуу, иирсэн дуу. Оргууй аҕай сээкэйдэрин бэринэллэр, ботур-итир кэпсэтэллэр, күн иллэҥнэрэ суох. Арай сиэннэрэ кэллэхтэринэ дьиэ иһэ күө-дьаа буола түһэр. Ира син обургу буолаатын, кинилэргэ бараары гыннаҕына ийэтэ, оройуон киинигэр олохтоох киһи быһыытынан, кулинарияттан бурдук ас атыылаһан кэһиилиир. Итиэннэ булгуччу, уурунуутуттан ороон, биир иһит арыгыны суулаан-суулаан баран, кыыһын суумкатын түгэҕэр түһэрэн ыытар. Ону эбэтэ билэрин оҕоккото. Сиэнэ киирдэ да, күскэйбит балачча суумканы туура тутан ылан хоһугар киирэн хаалар уонна сотору буолаат, бурдук астарын туппутунан төттөрү тахсар. Онон сылыктаатахха, эмээхсин хасааһа хоһугар дьапталлан сытар, кэмэ кэллэҕинэ эрэ били ыскаапка кэлэр буолуохтаах.

      Сураҕа эбээ Лөкүөрүйэ инники кэргэнэ артыыс эбитэ үһү. Онто өлбүт быһыылаах. Туох артыыһын Ира хантан билиэй. Билигин ыйытыаҕын эбэтэ суох, атыттартан сураһан да диэн, ханныктаах да кэпсэл эбиилээх-көҕүрэтиилээх буолара биллэр, онон саарбах сурахха кини наһаа умсугуйбат.

      Ол артыыс эриттэн эбиммитэ буолуо дуу, биллибэт, Лөкүөрүйэ ырыатын-тойугун таһынан, ыттары дрессировкалыыра. Мээнэ иитэн-такайан диэн буолбатах, киһи сатаан билбэт дьыалатыгар тугун эрэ табара, олус бэркэ үөрэтэлээбит буолара. Эмээхсин итинник кыдьыктааҕын билэллэрэ буолуо, билэр дьоно биирдэ эмэ киниэхэ анаан ыттары бэлэхтиир идэлээхтэрэ. Ира билэринэн, кэһиигэ кэлбит биир тэллэх, биир лаайка ыттардааҕа. Онтуларын кытта киһилии кэпсэтэрэ дьиктитэ бөҕө.

      – Иҥнэрэҥнээ-ханньараҥнаа

Скачать книгу