ТОП просматриваемых книг сайта:
Ыйдаҥа түүн. Огдо
Читать онлайн.Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, бу кинини ииппит аҕата элбэх саҥата суох киһи эрээри, ардыгар итинник тордуохтаан ааһар тыллаах буолааччы. Ийэтин Арыпыананы «кыыскын атаахтатаҕын» диэн сэмэлээччи. Онуоха үөрэнэн хаалбыт буолан, кини кыһаммат буолбута ыраатта. Ол «аҕатын курдук» диэни эмиэ ыйыталаһан билбитэ. Төрөппүт дьоно Сыста Маарга бааллар. Онно олороллор. Туох да үлэһит, сайаҕас бөҕө дьон диэн хайгыыллар. Ира кинилэргэ сылдьыбат буолан букатын билэттээбэт.
Ийэтэ Арыпыана чугас аймахтара буолан оҕолорун ииттэрэ биэрдэхтэрэ, бэйэтэ эрэ хам-түм кэлэр-барар, бэркэ диэн билсэр, онон бу бачча турбут кыыстан тугу кистиэй, дьонун туһунан кэпсээччи. Оттон төрөппүт аҕата барахсан норуот киһитэ үһү ээ. Киһи да күлэр, омуннаах диэҕи омуна суох эрээри, киһи үөйбэтэх өттүттэн быһаарыныыны ылынарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр эбит.
Биирдэ ийэлэрэ массыынанан таҥас сууйтара сылдьыбыт. Дьиэҕэ, бары да дьарыктаах буолан, күө-дьаа сээкэйдэрин гына сылдьыбыттар. Аҕалара туох санааҕа түспүтэ буолла, сотору-сотору табахтаан буруота унаарыйар үһү. Ийэлэрэ элбэх баҕайы оҕо таҥаһын сууйтарбытын барытын илиитинэн сайҕаталаан, ыгыталаан, таһырдьа, салгын охсор сиригэр куурдаары, тааһын кыбыммытынан ыйыы тахсыбыт.
Арай, улахан кыыс көрөн турдаҕына, аҕалара сорунуулаах баҕайытык били таҥас сууйтарар сиргэ тиийбит. Улахан баалынайга, харса суох массыынаны таҥнары тутан, уутун сүөкээбит уонна, умса быраҕаат, ременин сүөрэн ылбыт да, таһырдьаны былдьаспыт.
Ийэлэрэ таһырдьа таҥаһын ыйыы сылдьан, «хайа, бу оҕонньор ханна итиччэ үлүгэр тиэтэйдэҕэй» диэн, кэнниттэн дьиктиргии эрэ көрөн хаалбыт. Дьиэтигэр төннөн киирбитэ, атын адьарай, массыыната умса сытар, уута баалынайы быччары кутуллубут. Кыыһа бэйэтэ да билбэт үһү, соһуйан хараҕын тиэрэ көрбүт: «Аҕам массыынаттан тугун эрэ өһүлэн ылаат, таһырдьа куоппута», – диэбит.
Кэмниэ кэнэҕэс, номнуо хойут аҕалара киэһээҥҥи аһылыкка тиийэн кэлбит. Ийэлэрэ, биллэн турар, ыйыта көрүстэҕэ. Онуоха хардарар үһү:
– Инньэ диэн Сыста Маар уу таһар массыыната сүүрбэккэ туруо дуо, үлэ-хамнас тохтуо дуо? Сопхуос сүөһүтэ уулаабакка туруо дуо?! – диэбитигэр, кырдьык да диэбиттии, бука бары саҥата суох бараахтаабыттар…
Оттон биирдэ эмиэ дьиэтин таһыгар мастанаары аҕалтарбыт бэрэбинэлэрин көрдөрөн туран ханна эрэ состорон барбыт. Ийэлэрэ мөҕүттүбүтүгэр, «Инньэ гынан Сыста Маар кулууба тутуллуо суохтаах үһү дуо» диэбитэ баара ээ, дэһэллэр. Барыта дьон, уопсай дьыала туһугар тугун да кэрэйбэт, олус сымнаҕас майгылаах, үлэһит үтүөтэ, киһи киһитэ дииллэр. Оттон Ираны ииппит аҕата, итинник кэпсээннэри истэн эрдэҕэ: «Эн төрөппүт аҕаҥ солуута суох», – диэн кыһарыйардыы тыллаһара. Кыыс утары тугу да эппэтэ эрээри, иһигэр: «Саамай сөп,